836
26 июля 2019 в 12:43
Бюджеты таҥыы хаһааҥҥытааҕар да эрдэ саҕаланна
Быйыл кэлэр үс сылы хабар өрөспүүбүлүкэ бюджетын таҥыы уонна дьүүллэһии үлэтэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ саҕаланна. Урукку өттүгэр маннык практика суоҕа.
Үпкэ-харчыга саҥалыы сыһыан
Биллэрин курдук, дойдуга үпкэ-харчыга чэпчэкитэ суох кэмнэр үүннүлэр. Сылы этэҥҥэ туоратар сүрүн докумуоммут төһөнөн эрдэ таҥыллан, үгүс ааҕыыны-суоттааһыны, толкуйу, ырытыһыыны, дьүүллэһиини ааһар да, соччонон ситэрэ-хоторо биллэн турар.
От ыйын 23 күнүгэр Ил Түмэн Сэбиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар бастакы боппуруоһунан «2020 сылга уонна былааннаммыт 2021-2022 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бюджетын туһунан» сокуон барылын дьүүллэстилэр. Мунньахха төһө да сайыҥҥы сынньалаҥҥа барбыттарын аахсыбакка туран норуот депутаттара, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов, миниистирдэр, уо.д.а. кыттыыны ыллылар. Тэрээһини Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев салайан ыытта.
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха депутаттар кэлэр сыллардааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын таҥыыга күүскэ кытталлара, онно механизм олохтоноро наадатын туһунан ыйбыттара. Маныаха Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов маҥнайгы хардыы оҥоһуллубутун бэлиэтээбиттэрэ. Биллэрин курдук, депутаттар — норуот, быыбардааччылар бэрэстэбиитэллэрэ буолаллар. Парламентарийдар дьону-сэргэни кытта ситими мэлдьи тута сылдьаллара, санааларын-оноолорун өрүү истэллэрэ баар суол. Онон өрөспүүбүлүкэ бюджетын таҥыыга хара маҥнайгы түһүмэҕиттэн кытталлара туһаттан, үчүгэйтэн атыны аҕалбата чуолкай.
Урукку өттүгэр үүнэр сыллардааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын барыла парламеҥҥа үс ааҕыыга ылыллыан иннинэ, бырабыыталыстыба сөбүлэҥин ааһара. Ол кэнниттэн докумуон Ил Түмэн сис кэмитиэттэригэр дьүүллэһиллэрэ. Онтон биирдэ парламент пленарнай мунньаҕар боппуруос быһыытынан киллэриллэрэ. Көстөрүн курдук, бырабыыталыстыба эрдэттэн бэлэмнээбит, таҥмыт докумуона буолан, норуот депутаттарын этиилэрэ учуоттанара күчүмэҕэйдэрдээх буолара.
Спикер уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ бюджеты таҥыыга саҥалыы сыһыан үөскээбититтэн, үтүө түмүктэр кэлиэхтэригэр эрэнэллэрин биллэрдилэр.
Маны таһынан Российскай Федерация үпкэ министерствота үп-харчы сыһыаныгар модельнай бюджет быһыытынан саҥа сүүрээни киллэрээри олорор. Бу сүүрээн биһиги өрөспүүбүлүкэбитин эмиэ таарыйыахтаах. Бюджекка саҥа сыһыаны көҕүлээбит киһинэн Нижегородскай уобалас губернатора Глеб Никитин буолар. Ити уобалас холобуруттан көрдөххө, бюджет сүрүннээн бөһүөлэктэр уонна куораттар нэһилиэнньэлэрин ахсааннарыттан учуоттанан таҥыллар эбит. Иккиһинэн, инвестиционнай ороскуот көрүллэр. Үсүһүнэн, олохтоох салайыныы уорганнарын ороскуоттара туспа тыырыллар. Төрдүһүнэн, ороскуот эбэһээтэлистибэлэрэ категориянан араарыллаллар. Холобурга аҕаллахха, үлэ төлөбүрүн фондата, коммунальнай өҥөлөр ороскуоттара курдук.
Бюджеты таҥыыга уларыйыы киириитигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйаҕын уонна сирбит-уоппут киэҥин, тыйыс тымныыбытын, суолбут-ииспит суоҕун, мөлтөҕүн федеральнай киин хайаан да учуоттуохтаах дии саныыбын. Сахабыт сирэ киин регионнары, оннооҕор ыаллыы сытар субъектары кытта хайдах даҕаны гынан тэҥнэспэтэ биллэр.
Хаһан баҕарар хайа баҕарар хайысхаҕа саҥа сүүрээн киллэриллэрэ үтүө да, мөкү да өрүттэрдээх буолуон сөп. Уратылар учуоттамматахтарына, улахан охсуулаах да буолуон сөп. Онон миэстэҕэ итиннэ эрдэттэн бэлэмнэнии үлэтэ барара хайаан да наадалаах. Үөрэтэн, ааҕан көрдөххө, модельнай бюджет муниципальнай тэриллиилэргэ үчүгэй буолуох курдук.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов бу сыалга-сорукка Россия үбүн министерствотын кытта ыкса ситимнээх үлэ барарын туһунан бэлиэтиир. Ол курдук, кини өрөспүүбүлүкэбитигэр модельнай бюджет толору киирэр кыаҕа суоҕун федеральнай киин өйдүүрүн туһунан этэр. Манна Российскай Федерация Президенэ Арктика регионнарыгар олох таһымын Россия орто көрдөрүүтүгэр тиэрдэр соругу туруорбута эмиэ учуоттаныллыаҕа.
Түөрт саҥа бырагыраама
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха сүрүн дакылааты үп миниистирэ Валерий Жондоров оҥордо. Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэбит 2012 сылга дойдуга биир бастакынан судаарыстыбаннай бырагыраамалартан турар бюджеты таҥан оҥорбута. 2011 сылга тус сыаллаах бырагыраамалар өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 16% үбүлэммит эбит буоллахтарына, 2012 сылга ити сыыппара 95% тиийбитэ. Ол курдук, 2013 сыллаах бюджеппыт барыта 37 судаарыстыбаннай бырагырааматтан таҥыллыбыта. 2014 сылтан саҕалаан сорох судаарыстыбаннай тус сыаллаах бырагыраамалары холбооһун түмүгэр, 35 бырагыраама баар буолбута.
Экономикаҕа уустук быһыы-майгы судаарыстыбаннай бырагыраамаларбытыгар эмиэ улахан охсууну оҥорбута. Ол курдук, ааспыт 2018 сыллаахха 36 судаарыстыбаннай бырагыраамабытыттан 23-һэ хаалбыта.
Үүнэр 2020 сылга барыта 26 судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиэҕэ. Түөрт саҥа бырагыраама баар буолуоҕа. Ол курдук, «2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы туһунан», «2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр инновационнай уонна цифровой сайдыы туһунан», «2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа сирэ биир кэлим сайдыытын туһунан» уонна «2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттары уонна Арктика түөлбэтин сайыннарыы туһунан» урукку өттүгэр суох судаарыстыбаннай бырагыраамалар олоххо киллэриллиэхтэрэ.
Судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга анал бырагыраама баар буолбута олус сөптөөх. Ол эрээри депутат Феодосия Габышева докумуон үөрэх министерствотыттан үбүлэнэрэ сөбө суоҕун туһунан эттэ. Бырагыраама бэйэтэ туспа үбүлэнэр источниктаах эрэ буоллаҕына, толору үлэлиир кыахтаах уонна көдьүүстээх буолара кимиэхэ баҕарар өйдөнөр. Оттон туспа үбүлэниитэ суох докумуон көрүнньүк эрэ буолуон сөптөөх.
Инвестиция бырагыраамата
Ордук социальнай суолталаах тутуулартан олохпут-дьаһахпыт таһыма улахан тутулуктаах. Ол да иһин инвестиция бырагырааматыгар улахан суолта бэриллэн, болҕомто ууруллан эрдэҕэ.
Үп-харчы үгүөрү кэмигэр өрөспүүбүлүкэбитигэр 2007-2016 сылларга инвестиционнай бюджет уонна атын источниктар суоттарыгар 550-тан тахса социальнай суолталаах объект тутуллубута. Ол курдук, 120 оскуола, 136 оҕо саада, доруобуйа харыстабылын 95, култуура эйгэтин 116 объега, о.д.а. саҥа тутуулар дьэндэспиттэрэ. Барыта 23609 олорор дьиэ гааска холбоммута.
Оттон аҥаардас 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 48 социальнай суолталаах объект үлэҕэ киирбитэ. Ол курдук, 10 оскуола, 3 спортивнай саала, 12 оҕо саада, 13 култуура, 7 доруобуйа харыстабылын объектара тутуллубуттара.
Кистэл буолбатах, үпкэ-харчыга кытаанах кэм ыган кэллэ. Урут суруйбутум курдук, 2019 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетын ороскуоттаах чааһын 80-ча бырыһыана хамнас төлөбүрүгэр барар.
Итинэн сибээстээн, инвестиция бырагырааматыгар үп-харчы тыырыллыыта аччаан биэрбитэ. Ол курдук, ити сыалга-сорукка барыта 8 млрд 89 мөл. көрүллүбүтэ. 2018 сылга ити суума 8,9 млрд солк. тэҥнэһэрэ. Оттон 2016 сылга бу сыалга-сорукка 25 млрд солк. көрүллүбүтэ. Тэҥнээн көрүҥ. Дойдубутугар кытаанах үп-харчы кириисиһэ ыган кэлбитэ бу сыыппаралартан ырылыччы көстөн кэлэр. Итинэн сибээстээн, уһулуччу наадалаах тутууларга эрэ үп көрүллүөн наадата өйдөнүллэр.
Билигин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар ураты суолталаах, наадалаах тутуулары быһаарыы, чопчулааһын механизма толкуйдана, оҥоһулла сылдьарын бэлиэтиибин. Үп-харчы кырыымчык кэмигэр маннык механизм толкуйданара сөптөөх. Билигин өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн ураты болҕомто саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ, экономическай үүнүү кииннэрин социальнай сайыннарыы былаанын олоххо киллэриигэ, оскуолаларга иккис сменаны суох оҥорууга, уһуйааннарга 3-гэр диэри саастаах оҕолорго эбии миэстэлэри таһаарыыга, Дьокуускай куоракка 210 куойкалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансеры, кардиокиини, үөрэх тэрилтэлэрин тутууга, төгүрүк тулаайахтары, эдэр ыаллары, тыа сиригэр олорор дьону олорор дьиэнэн хааччыйыыга, Беркакит-Томмот тимир суолу тутууну түмүктээһиҥҥэ ууруллуоҕа.
Үүнэр 2020 сылга өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматыгар 16 202,88 мөл. солк. ороскуоттанара былааннаныллар. 2021 сылга ити суума 16 487,21 мөл. солк. тэҥнэһиэҕэ. Бу иннинээҕи икки сыл кытта тэҥнээтэххэ, бу сорукка үп-харчы көрүллүүтэ элбээн биэрэрэ күүтүллэр.
2020 сылга суол фондатыгар 6 758,67 сөл. солк. тыырыллыаҕа. 2021 сылга — 8 417,11 мөл. солк., 2022 сылга — 8 417,11 мөл. солк.
Үлэ төлөбүрүгэр, хамнаска төһө үп-харчы ороскуоттанар эбитий? Ааспыт 2018 сылга бу сорукка 82 млрд солк. ороскуоттаммыт. 2019 сылга 86 млрд солк., үүнэр 2020 сылга 92 млрд солк. ороскуоттанара күүтүллэр.
Үп миниистирэ Валерий Жондоров дохуоту үрдэтиигэ уонна ороскуоту аччатыыга былааннаах үлэ бара турарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, тустаах былааҥҥа 100: дохуоту үрдэтиигэ 36, ороскуоту аччатыыга 56 тэрээһин киллэриллибит. Кистэл буолбатах, бюджет эбэһээтэлистибэлэрин толорууга чэпчэкитэ суох кэм. Ити уустук балаһыанньаттан тахсарга ханнык суоллар баалларый? Манна икки суол эрэ баар. Дохуоту үрдэтии уонна ороскуоту аччатыы.
Үтүө дьыала
Өрөспүүбүлүкэҕэ үп-харчы кырыымчык кэмнэригэр тыа сиригэр үтүө дьыала хамсааһынынан үгүс тутуу ыытыллыбыт холобура баар. Санатар эбит буоллахха, «2000 сылга — 2000 үтүө дьыаланы» диэн бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын 1999 сыл ахсынньы 17 күнүгэр төрүттэммитэ.
“Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн тыа сиригэр араас тутуулар дьэндэстилэр. Аҥаардас 2000 сылга, хамсааһын саҕаламмыта бастакы сылыгар 66 спортивнай саала, 63 спортивнай былаһаакка, 34 оскуола, 31 культурнай-спортивнай комплекс, 19 кулууп, 17 оҕо саада, 3 тустуу саалата, 2 эрчиллэр дьиэ тутуллубуттара. Биир сыл иһигэр сөҕүмэр тутуу ыытыллыбыта.
Улуус-улуус ахсын бүтүн объектары бэйэлэрин күүстэринэн тутарга ылыммыт үлэһиттэр, тэрилтэлэр, нэһилиэктэр баар буолбуттара.
Ил Түмэн бэһис ыҥырыытын депутаттара өрөспүүбүлүкэ бюджета сылтан сыл аччаан иһэринэн, үтүө дьыалаҕа көрүллэр үбү хас сылын ахсын 500 мөл. солк. буоларын туруорсубуттара. Ити үп-харчы улуустарга тыырыллар. Инвестиционнай бюджекка үп көрүллүүтэ төһө да аччаатар, тыа сиригэр социальнай тутуулар хайаан да ыытыллыахтаахтарын парламентарийдар туруорсаллар.
Бу да киэҥ ыҥырыылаах мунньахха тустаах боппуруос тумнуллубата. Боппуруоһу норуот депутата Юрий Николаев көтөхтө. Парламентарийдар үтүө дьыалаҕа халбаҥнаабат бигэ позициялаахтарын бэлиэтиибин.
Быйылгы 2019 сылга «Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһына тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиир. Онон бырабыыталыстыба өттүттэн бу хамсааһыҥҥа ураты болҕомто ууруллуохтаах дии саныыбын.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов тустаах хамсааһынынан тутуллубут объектар төһө көдьүүстээхтэригэр инвентаризация барыаҕын туһунан эттэ. Көдьүүс көдьүүһүнэн. Ол эрээри үп-харчы тиийбэтиттэн, маннык хамсааһын тэриллэн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турарыгар, тыа сирэ үүнүүтүгэр-сайдыытыгар төһүү буоларыгар салайааччы болҕомтотун уурара наадалаах.
Депутаттар туохха болҕомтолорун уурдулар?
Парламентарийдар тустаах боппуруоһу дьүүллэһиигэ актыыбынайдык кытыннылар. Үп миниистиригэр үгүс ыйытыылары биэрдилэр.
Биллэрин курдук, ааспыт 2018 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр «О стандартах структуры и параметров минимальной сети объектов социальной инфраструктуры Республики Саха (Якутия)» диэн 202 №-дээх бырабыыталыстыба уурааҕа төһө даҕаны тохтотулуннар, улуустарга үөрэх, доруобуйа харыстабылын уонна култуура тэрилтэлэригэр инвентаризация бара турар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын анал хамыыһыйата 8 улууска итинник үлэни ыыппыт. Ити үлэ түмүгэр 500 мөл. солк. кэмчилэнэрэ күүтүллэр. Аныгылыы үлэлиир уонна хаачыстыбалаахтык үөрэтэр эрэ кыра кээмэйдээх оскуолалар салгыы үлэлиэхтээхтэр. Тус бэйэм итини быһаарарга уустуктардаах буолуо дии саныыбын. Биир кылааска 40-ча үөрэнээччи симиллэн олордоҕуна, хааччыстыбалаах үөрэх туһунан этэргэ кэрэгэй буолуо дии саныыбын. Аҕыйах оҕону үөрэтэргэ хаачыстыба улаатара биллэн турар. Аны учууталлар таһымнарын хайдах быһаарыаххыный?
Депутат Иван Данилов экономикаҕа уустук кэмҥэ тэрилтэлэргэ инвентаризация барара сөптөөҕүн туһунан этэ. Иван Иванович ити кэмчилэммит үп-харчы миэстэтигэр хаалар дуо диэн туоһуласта. Кини: «Бырабыыталыстыба ити кэмчилэммит үбү-харчыны туох сыалга-сорукка тыырарын нэһилиэнньэҕэ быһааран биэриэхтээх», – диэн эттэ.
Михаил Гуляев инвентаризация үлэтэ олус сэрэхтээхтик, нэһилиэнньэни кытта биир сүбэнэн, эргиччи дириҥник толкуйданыллан барыахтааҕын туһунан эттэ. Кыра кээмэйдээх оскуола сабыллыытын түмүгэр, интернаттар тутуллууларыгар, ити тэрилтэлэри хааччыйыыга өссө элбэх үп-харчы ороскуоттаныан сөбүн ыйда.
Оттон уонча үөрэнээччилээх оскуоланы үбүлүүр, уустук кэмҥэ, биллэн турар, ыарахаттардаах. Онон бу хайысхаҕа депутаттар этэллэрин курдук, дириҥник толкуйданыллыбыт, нэһилиэнньэни кытта биир сүбэнэн үлэ барыахтаах.
Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев өрөспүүбүлүкэ бюджетын таҥыыга сүрүн донорбыт «АЛРОСА» хампаанньа оҥорор бородууксуйата кэлэр үс сыллааҕы бюджет дохуоттаах чааһыгар хайдах учуоттаныаҕын туһунан ыйыталаста.
«Үөрэҕирии» уонна «Доруобуйа харыстабыла»
Ил Түмэн Сэбиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын кыттыылаахтара иккис боппуруоһунан өрөспүүбүлүкэҕэ «Үөрэҕирии» уонна «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин дьүүллэстилэр.
«Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн иһитиннэриини үөрэх уонна наука миниистирэ Владимир Егоров оҥордо. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ тустаах хайысханан уон федеральнай бырагыраамаҕа кыттар эбит. «Аныгы оскуола», «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ», «Оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр», «Сыыппаранан үөрэх эйгэтэ», «Кэлэр кэм учуутала», «Эдэр профессионаллар», «Социальнай актыыбынас», «Хас биирдиибитигэр саҥа кыахтар», «Үөрэҕириигэ экспорт», «Хас биирдиибитигэр социальнай лифт» бырагыраамаларга Сахабыт сирэ кыттыыны ыла сылдьарын бэлиэтиибин.
Үүммүт 2019 сылга федеральнай бюджеттан 1086,14 мөл. солк. субсидия бэриллэр гына сөбүлэһии түһэрсиллибит. Маны таһынан федеральнай бырайыактары олоххо киллэриигэ уонна үбүлээһиҥҥэ эмиэ сөбүлэһиилэр түһэрсиллибиттэр.
Оттон «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ сэттэ федеральнай бырайыакка кыттыыны ылар. Ити туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова иһитиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна Россия доруобуйа харыстабылыгар министерствотын икки ардыларыгар 946,24 мөл. солк. федеральнай бюджеттан субсидия көрүллэр гына сөбүлэһии түһэрсиллибит. Ити үп-харчы ФАП-ры тэрийиигэ, санавиацияны сайыннарыыга, оборудованиелары атыылаһыыга ороскуоттаныаҕа.
Тустаах боппуруоһу дьүүллэһиигэ парламентарийдар эмиэ актыыбынайдык кытыннылар.
Людмила Ноговицына