1143
19 ноября 2019 в 13:13
Дьон олоҕо, дьылҕата эбээт…
Доруобуйаттан ордук күндү бу күн сиригэр суоҕун бары бэркэ диэн билэбит. Онон ити салааны таарыйар боппуруостар кими баҕарар долгуталлара өйдөнөр. Сэтинньи 11 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин ситимин бэрээдэктээһин туһунан» диэн тиэмэҕэ «төгүрүк остуол» ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, вице-спикер Виктор Губарев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова, парламент доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров, норуот депутаттара, министерстволар, биэдэмистибэлэр, муниципальнай тэриллиилэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, эмчиттэр кыттыыны ыллылар. «Төгүрүк остуолу» Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева салайан ыытта.
Уратыбыт учуоттанара булгуччулаах
Ханнык баҕарар уларыйыылар дьоҥҥо-сэргэҕэ, охсуута суох буоларын курдук, эргиччи болҕомтолоох сыһыаны ирдииллэр. Оттон доруобуйа харыстабылыгар уларыйыы бары өттүттэн ымпыктаан-чымпыктаан толкуйданыллыбыт буолуохтааҕа кимиэхэ баҕарар өйдөнүллэр. Бу — киһи олоҕо, дьылҕата эбээт. Парламент «төгүрүк остуолугар» үгүстэр эппиттэрин курдук, бырабыыталыстыба, парламент, тустаах министерство, муниципальнай тэриллиилэр, нэһилиэнньэ биир сүбэнэн үлэлээтэхтэринэ, биллэн турар, сөптөөх түмүккэ кэлэллэрэ саарбаҕа суох. Оччоҕо олоххо-дьаһахха, дьоҥҥо-сэргэҕэ охсуута кыра буолара саарбахтаммат. Маннык хайысханан үлэ үтүө түмүктээҕин 202 №-дээх бырабыыталыстыба уурааҕын холобура көрдөрөн турар. Миэстэтигэр баар кыһалҕалары иһиттэн билэллэрэ кимиэхэ баҕарар өйдөнүллэр. Онон тустаах уларыйыыга олохтоох салалта уонна нэһилиэнньэ санаата эмиэ учуоттаныахтаах дии саныыбын.
Тустаах салаа профсоюзтарын уопсастыбаннай тэрилтэтин лидерэ Людмила Корнилова уларыйыыга ыраас хонтуораҕа олорон буолбакка, хас биирдии доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин кытта туспа биирдиилээн үлэ ыытыллара наадатын туһунан олус сөптөөхтүк бэлиэтээтэ. Ол курдук, тустаах министерство үлэһиттэрэ элбэхтик эмчиттэри, нэһилиэнньэни уонна нэһилиэк, улуус баһылыктарын кытта көрсүһүөхтээхтэр, санаа атастаһыахтаахтар.
Билигин сөптөөх иһитиннэрии суоҕуттан нэһилиэнньэ ордук айманар да, ыгылыйар да.
Киэҥ киэлилээх өрөспүүүлүкэбит сирин-уотун, айылҕатын уратылара доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр эмиэ ураты көрүүнү ирдииллэр. Ол курдук, 3 мөлүйүөн кв. км сиргэ-уокка мөлүйүөнү кыайбат киһи олорор. Маннык киэҥник тайаан сытар сиргэ 382 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Итинтэн 346-та ыраах сытар кырыы бөһүөлэктэринэн буолаллар. Өссө биһиги өрөспүүбүлүкэбит биир сүрүн уратыта — хотугу улуустарга транспорт инфраструктурата суох. Ити барыта нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмөнү оҥорорго уустуктары үөскэтэр.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйа харыстабылыгар үп-харчы өттүнэн уустук балаһыанньа бастаан күөрэйэр буолбатах. Биллэрин курдук, 2011 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр «Российскай Федерация гражданнарын доруобуйаларын харыстааһын төрүттэрин туһунан» 323 №-дээх федеральнай сокуон ылыллыбыта. Күн-дьыл ааспытын кэннэ сокуон сыыһалааҕа-халтылааҕа көстөн кэлбитэ.
Өйдүүргүт буолуо, оччолорго Российскай Федерация доруобуйа харыстабылыгар уонна социальнай сайдыыга министерствотын оҥоро сылдьар уонна үлэлии турар сокуонун ирдэбиллэринэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх ахсааннаах доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ үлэлэрин тохтотор балаһыанньалаахтара. Манна өрөспүүбүлүкэ урукку салалтата күүстээх үлэни ыыппыта. «Төгүрүк остуолга» ити туһунан Ил Түмэн иккис, үһүс, төрдүс ыҥырыыларын депутата Альбина Поисеева аҕынна.
Кистэл буолбатах, билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтин үбүлэниитигэр эмиэ чэпчэкитэ суох кэм. Тэрээһиҥҥэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова ити туһунан эмиэ иһитиннэрдэ. Кини: «Туруоруммут сорукпутун ситиһэрбитигэр 2,5 млрд солк. тиийбэт», — диэн эттэ. Мантан федеральнай киинтэн үбү-харчыны туруорсуу үлэтэ ыытыллара наадата көстөн кэлэр. Депутат Мария Христофорова өрөспүүбүлүкэ үбүн-харчытын кэмчилээһиҥҥэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ охсуута суох буолар үлэни экономика министерствота ыытыахтааҕын туһунан эттэ.
Биллэрин курдук, алтынньы 31 күнүгэр Калининград куоракка ыытыллыбыт «Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр Российскай Федерация субъектарын соруктара» диэн Госсэбиэт президиумун киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар дойду Президенэ Владимир Путин медико-санитарнай көмөнү оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтии туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Аҕа баһылык кэккэ чопчу сорудахтары биэрбитэ.
Ханнык баҕарар уларыйыылар, дьоҥҥо-сэргэҕэ охсуута суох буоларын курдук, эргиччи болҕомтолоох сыһыаны ирдииллэр. Оттон доруобуйа харыстабылыгар уларыйыы, бары өттүттэн ымпыктаан-чымпыктаан толкуйданыллыбыт буолуохтааҕа кимиэхэ баҕарар өйдөнүллэр. Бу — киһи олоҕо, дьылҕата эбээт.
Улуустарга, нэһилиэктэргэ балаһыанньа хайдаҕый?
Үөһэ этэн аһарбытым курдук, «төгүрүк остуолга» улуустааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара миэстэтигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр балаһыанньа хайдаҕын кытта билиһиннэрдилэр. Иһитиннэриилэртэн көрдөххө, сорох сирдэргэ балаһыанньа соччо бэрдэ суох. Манна бастакынан Уус-Алдан улууһун биир кырыы Түүлээх нэһилиэгин холобурга аҕалыам. Бу суол-иис суоҕар итиччэ ыраах сытар сиртэн тустаах муниципальнай тэриллии баһылыга Станислав Винокуров чахчы кыһалҕатыйан, Дьокуускайга мунньахха кыттыыны ыла кэлбитэ саарбаҕа суох. Кини: «2012 сылтан Түүлээх нэһилиэгэр баһылыктыыбын. Биллэрин курдук, бу бөһүөлэк улууска саамай суола-ииһэ суох, ыраах сиргэ сытар нэһилиэнньэлээх пуунунан биллэр. Күн бүгүн нэһилиэнньэни саамай долгутар боппуруоһунан доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр уларыйыылар, сарбыйыы буолаары тураллара буолар. Тустаах боппуруоһунан сэтинньи саҥатыгар доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Марина Максимова нэһилиэнньэни кытта көрсүспүтэ. Дьон-сэргэ саныыр санаатын аһаҕастык эппитэ. Тустаах министерство уратыбытын учуоттуоҕа диэн эрэллээхпит. Биһигиттэн улуус киинигэр анализ туттара барыахха диэтэххэ, манан аҕай дьыала буолбатах. Өрүһүнэн моторканан айанныахха эбэтэр бөртөлүөтүнэн көтүөххэ наада. Ыарыһах эбэтэр саастаах дьон итинник айаны кыайан тулуйбаттара биллэр. Балыыһа уон икки үлэһитэ сарбыйыыга түбэһэрин туһунан иһитиннэриини туппута. Ити дьон үлэтэ суох хааллахтарына, киин сирдэргэ көһөргө эрэ күһэллэллэр. Дьиэ кэргэттэрин кытта бардахтарына. Нэһилиэнньэбит 40-45 киһинэн көҕүрүү түһэр. Бу кыра нэһилиэккэ оскуолабытыгар, уһуйааммытыгар улахан охсуу буолар. Оннооҕор ырыынак сыһыаннаһыыларыгар киирэр ыһыллыы-тоҕуллуу 90-с сылларыгар балыыһалар тыытыллыбатахтара. Билигин балыыһабытыгар кырдьаҕастар уонна ыарыһахтар күүстээх медицинскэй көмөнү ыла олороллор», — диэн эттэ.
Итини таһынан Амма улууһугар — 44, Сунтаарга — 97 доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ сарбыллыыга түбэһиэхтээхтэр. Сунтаар улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова 2016 сыллаахха кырдьаҕастар дьиэлэрэ үлэтин тохтотон, 40 киһи үлэтэ суох хаалбытын туһунан эттэ. Кини кэлиҥҥи түөрт сылга нэһилиэктэн 100-тэн тахса киһи Дьокуускайга уонна атын улуустарга көспүтүн туһунан бэлиэтээтэ. Ааҕааччыларбар санаттахпына, киин куораппыт мэрэ Дьокуускай эрэһиинэ буолбатаҕын, көһөн кэлээччилэри, барыларын үлэнэн хааччыйар кыаҕа суоҕун туһунан этэн турар. Муомаҕа сэллиги эмтиир диспансер сабылларыттан 15 киһи үлэтэ суох хаалара күүтүллэр. Чурапчытааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Артем Ксенофонтов 10 учаастактааҕы балыыһа реорганизацияҕа түбэһэрин туһунан эттэ. Кини оҕо сэллиги эмтиир диспансера сабылларын, үлэтин тохтоторун туһунан иһитиннэрдэ. Сарбыйыыга барыта 68-75 штатнай единица түбэһэрин, үлэтэ суох 62 киһи хааларын бэлиэтээтэ.
Булуҥ улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Алла Андреева Арктикаҕа доруобуйа харыстабылыгар ураты сыһыан наадатын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини эдэр специалистарга эрэ буолбакка, Уһук Хоту 30-40 сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар эмчиттэргэ эмиэ судаарыстыба өттүттэн көмө, өйөбүл баара буоллар диэн баҕа санаатын эттэ. Усуйаана улууһун баһылыга Георгий Федоров хоту сиргэ урукку курдук ыччат романтикалыы кэлбэтин, итиннэ үлэлии кэлэллэригэр улахан өйөбүл наадатын туһунан эттэ. Кини санавиация кыһалҕатын, материальнай-техническэй база, эминэн-томунан хааччыллыы кыһалҕаларын таарыйда.
Уус-Алдан улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников федеральнай нормативтар регионнар, тыа сирин уратыларын учуоттаабаттарын бэлиэтээтэ. Кини: «Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин ситимин бэрээдэктээһин үлэтэ нэһилиэнньэҕэ биллибэккэ-көстүбэккэ, чопчу иһитиннэриитэ, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын специалистарын кыттыыта, уопсастыбаннай, публичнай истиилэрэ суох бара турар. Дьон сарбыйыыттан буолбакка, сөптөөх медицинскэй көмө оҥоһуллуо дуо диэн ыйытыыттан айманар, долгуйар, Уларыйыы тыа сирин уратытын учуоттаабат. Ити сарбыйыы содула хайдах буолуохтааҕар сөптөөх түмүк суох. Орто медицинскэй үлэһиттэр тустарынан умнуо суохтаахпыт. Кинилэр быраастартан уратылара диэн, саҥа үлэни булаллара уустуктардааҕар сытар. Тустаах эйгэни тыыппат, оптимизацияны ыыппат наада этэ», — диэн эттэ.
Анаабыр улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвеева оптимизация кинилэр улуустарын таарыйбатын туһунан иһитиннэрдэ. Кини Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэр саҥа амбулатория дьиэтэ тутуллара наадатын туһунан эттэ. Эдэр специалистар кэлбэттэрин, атын регионнартан кадры ыҥыралларын бэлиэтээтэ.
Дьокуускайга оҕо куораттааҕы балыыһата сабыллыахтаах. Тустаах тэрилтэ кылаабынай бырааһын эбээһинэһин толорооччу Мария Говорова балыыһа базатыгар оҕону реабилитациялыыр киин аһыллыан сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Тустаах салаа профсоюзтарын уопсастыбаннай тэрилтэтин лидерэ Людмила Корнилова ити уларыйыы нэһилиэнньэҕэ охсуулаах буолуоҕун санатта. Сарбыйыыга түбэһэр дьон ортотугар элбэх оҕолоох, соҕотох ийэлэр, саастаах дьон, нэһилиэнньэ кыаммат араҥата баалларын чорботон бэлиэтээтэ.
Миниистир Елена Борисова Российскай Федерация бырабыыталыстыбата сокуону уларытыыга үлэни саҕалаабытын туһунан иһитиннэрдэ. Кини регион маҥнайгы сүһүөҕэр күн бүгүн 445 медицинскэй тэрилтэ (2515 быраас) нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥорорун туһунан бэлиэтээтэ. Миниистир штатнай араспысаанньаҕа эрэ буолбакка, салаа материальнай-техническэй базатыгар бөдөҥ ырытар үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Үүммүт 2019 сыл тоҕус ыйын түмүгүнэн маҥнайгы сүһүөх быраастарын ахсаана 26 штатнай единицанан элбээбитин туһунан иһитиннэрдэ. Медицинскэй оборудование 29% саҥаҕа уларытыллара наадатын ыйда. Доруобуйа харыстабылын объектарын 28% өрөмүөҥҥэ наадыйарын бэлиэтээтэ. Миниистир этэринэн, олох аҕыйах нэһилиэнньэлээх түөрт нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ФАП сабыллыахтаах, ол оннугар нэһилиэнньэтэ арыый элбэх эмиэ түөрт бөһүөлэккэ саҥа фельдшерскай-акушерскай пууннар арыллан үлэлэрин саҕалыахтаахтар. Хонуктаах куойкалар оннуларыгар күнүскү стационардар арыллалларын бэлиэтээтэ. Елена Борисова ыыппыт үлэлэрин түмүгүнэн маҥнайгы звено модернизациятын бырагырааматыгар киирэргэ бэлэмнэрин туһунан эттэ.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйа харыстабылын салаатыгар барыта 1180 киһи сарбыйыыга түбэһэр. Кинилэр ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ, чугас дьоннорун, дьиэ кэргэннэрин иитээччилэр-аһатааччылар. Тыа сирэ аҥаардас доруобуйа харыстабылын салаатыгар кырата 2 млрд солк. дохуотун сүтэрэр. Бу олус улахан суума. Ити дьоммутун хайыыбытый, ханна гынабыт?
Хас биирдиилэрин кытта үлэ барыахтаах
Парламентарийдар доруобуйа харыстабылын миниистиригэр үгүс ыйытыылары биэрдилэр. Депутат Елена Голомарева сарбыйыыга түбэһэр үлэһиттэри атын идэҕэ үөрэтиигэ министерство туох үлэни ыытарын туһунан ыйытта. Кини нэһилиэнньэтин ахсаана элбэх Үөһээ Дьааҥы уонна Булуҥ улуустарыгар сарбыйыыга түбэһиэхтээх үлэһиттэр тустарынан интэриэһиргээтэ. Елена Христофоровна итилэри таһынан доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр оптимизация боппуруоһугар муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын кытта сүбэлэһии ыытыллыбытын дуу, суоҕун дуу туоһуласта.
Вице-спикер Виктор Губарев миниистиргэ: «Күн бүгүн эйигин ханнык боппуруостар долгуталларый, тоҕо оҕо санаторийдара, тоҕо сэллиги эмтиир диспансердар сабыллалларый, тоҕо сахарнай диабет бырагыраамата туолбатый?» — диэн ыйытыылары биэрдэ. Миниистир бу кэмҥэ үп-харчы боппуруоһа долгутарын туһунан эттэ.
Депутат Андрей Находкин сарбыйыыга түбэһэр үлэһиттэр ликвидационнай лиистэри туппуттарын дуу, суоҕун дуу уонна үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо, туһулаан Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хаптаҕай бөһүөлэгэр баар оҕо сэллиги эмтиир диспансера үлэтин тохтоттоҕуна, 27 киһи үлэтэ суох хаалар, министерство ити дьон үлэ булалларыгар хайдах быһыылаахтык үлэлэһэр былааннааҕын туһунан туоһуласта. Миниистир сарбыйыыга түбэһэр дьон ааттара-суоллара билиннэхтэринэ, хас биирдиилэрин кытта үлэ ыытыллыаҕа диэн эттэ. Кини итини таһынан доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ өрүү кредиторскай иэстээхтэрин, бүгүҥҥү оптимизация хаачыстыбаны үрдэтиини кытта буолбакка, үп-харчы тиийбэтин кытта сибээстээх буолбатах дуо диэн ыйытта.
Миниистир ликвидационнай лиистэр бэриллэ иликтэр диэн хоруйун соһуйа истибит элбэх буолуохтаах. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, Уус-Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгин баһылыга этэринэн, хайы-үйэ балыыһа 12 үлэһитэ (17 үлэһиттэн) ликвидационнай лииһи тутан олороллор.
Депутат Феодосия Габышева: «Өрөспүүбүлүкэбитигэр (дойду 3-4 регионун иһигэр киирсэн) оскуола медицинатыгар эксперимент ыытыллыахтаах. Итинэн сибээстээн, үөрэҕирии тэрилтэлэригэр бырааптарын быспакка, кэспэккэ эрэ, эмчиттэри төннөрүөхпүтүн сөп дуо?» — диэн ыйытта.
Норуот депутата Алексей Еремеев иһитиннэриилэр ис хоһоонноро сөп түбэһиспэттэрин, итинтэн дьон мунарын-тэнэрин туһунан эттэ. Кини: «Өрөспүүбүлүкэ бюджетын баһыйар үгүс өттө хамнаска барар. Бырабыыталыстыба уонна тустаах министерство сөптөөх үлэни ыыталлар. Ол эрээри мин баар кыһалҕаны атын өттүттэн көрөбүн. Өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйа харыстабылын салаатыгар барыта 1180 киһи сарбыйыыга түбэһэр. Кинилэр ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ, чугас дьоннорун, дьиэ кэргэннэрин иитээччилэр-аһатааччылар. Тыа сирэ аҥаардас доруобуйа харыстабылын салаатыгар кырата 2 млрд солк. дохуотун сүтэрэр. Бу олус улахан суума. Ити дьоммутун хайыыбытый, ханна гынабыт?» — диэн ыйытта. Кырдьык, бу үлүгэрдээх хабыр кэмҥэ итиччэ элбэх үлэтэ суох киһи хаалара, буолаары буолан, тыа сиригэр (атын үлэ көстүбэт) улахан кыһалҕанан буолара биллэн турар. Бу дьон кыһалҕаттан ханна эмэ кииҥҥэ талаһыахтара.
Депутат Юрий Николаев коллегата Алексей Еремеев тыа сирэ дохуота аччыырын туһунан этиитин бигэргэттэ. Кини: «Тыа сиригэр аччыгый уонна орто бизнеһи сайыннарыыга усулуобуйаны олохтуохтаахпыт. Биһиги медицина сүүс бырыһыан тииһимньилээх, хаачыстыбалаах буолуутун ситиһиэхтээхпит. Санавиацияҕа олус элбэх үбү ороскуоттуубут. Улуустар икки ардыларынааҕы суоллары оҥоруохтаахпыт. Тэрилтэлэри бэрээдэктээһин түмүгэр медицина нэһилиэнньэҕэ оҥорор өҥөтүн хаачыстыбата уонна тииһимньитэ төһө бырыһыан үрдүөй?» — диэн эттэ. Парламентарий Алена Атласова ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннары эминэн-томунан хааччыйыы ыарыылаах боппуруоһун таарыйда. Кини өссө «Земскэй луохтуур» бырайыагынан үлэлии кэлбит быраас оҕолонор түгэнигэр, механизм уларыйара төһө сөптөөҕүн чопчулаата.
Парламентарий Михаил Гуляев: «Урут өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлээн ааспыт доруобуйа харыстабылын миниистирдэрэ Вячеслав Александров, Михаил Охлопков, о.д.а. олус үчүгэйдик үлэлээннэр, нэһилиэнньэ, дьон-сэргэ ытыктабылын ыланнар, бэйэлэрин туспа суолларын-иистэрин хаалларбыттара. Елена Афраимовна, эн ханнык суолу-ииһи хаалларар былааннааххын?» — диэн ыйытта.
Депутат Павел Ксенофонтов: «Российскай Федерация доруобуйа харыстабылыгар министерствотын 2016 сыллааҕы бирикээһэ оптимизация барыытыгар сокуон актатынан буолла дуо, мин көрүүбүнэн, оптимизация ыытыллыыта итинтэн туох да уларыйыыта суох түһэриллэн ылыллыбыт? Ол бирикээскэ регион уратыта учуоттаныллыан, уларыйыылар киллэриллиэхтэрин сөбө ыйылла сылдьарын үрдүнэн», — диэн чопчуласта. Кини итини таһынан оптимизация ыытыллыыта өрөспүүбүлүкэҕэ онкологическай уонна кардиологическай диспансердар тутуллууларыгар үп-харчы наадатын кытта сибээстээх буолбатах дуо диэн туоһуласта.
«Төгүрүк остуол» түмүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев: «Аан бастаан «муниципальнай чаас» форматынан видеоконференциянан улуустар баһылыктара уонна улуустааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар, санааларын атастастылар. Ил Түмэн доруобуйа харыстабылын боппуруостарыгар улахан болҕомтотун уурар уонна салгыы манна ситимнээх үлэни ыытыаҕа. Бу тиэмэнэн бырабыыталыстыба чааһа уонна парламент истиилэрэ буолуохтара. Ханнык баҕарар кыһалҕаны быһаарыы ситимнээх уонна биир кэлим характердаах буолуохтаахтар. Оттон сөптөөх иһитиннэрии нэһилиэнньэҕэ кэмигэр тиэрдиллиэхтээх», — диэн бэлиэтээтэ.
Кистэл буолбатах, бары өттүнэн хабыр кэмҥэ олоробут. Маннык кэмҥэ бастакы уочарат үлэһит киһи, дьон боппуруоһа бастакы миэстэҕэ туруохтаах. Оччоҕо эрэ маннык кытаанах кэми этэҥҥэ төлө түһүөхпүт. Бу хайысхаҕа биир сүбэнэн үлэлээн, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин бэрээдэктээһин үлэтэ «ыарыыта» суох барыаҕар үгүстэр эрэнэллэр.
Людмила НОГОВИЦЫНА