621

04 декабря 2019 в 21:46

Хас биирдии үөрэнээччи сайдыылаах буолуохтаах

 

 

Хас биирдии төрөппүт оҕото сайдыылаах, бары өттүттэн дэгиттэр буолуон баҕарар. Ол сөп. Дьон-сэргэ ыраах, кытыы сиртэн киин сиргэ тоҕо тардыһар? Оҕолорбутун үөрэхтээх, билиилээх киһи оҥортуур баҕаттан куоракка, улуус киинигэр көһөн кэлэрбит оруннаах. Онон хас биирдии оҕоҕо сөптөөх усулуобуйаны миэстэтигэр тэрийии улахан суолталаах.

 

 

Ил Түмэҥҥэ «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыагы олоххо киллэрии тула “төгүрүк остуол” ыытылынна. Мунньаҕы Ил Түмэн үөрэххэ, наукаҕа, култуураҕа, көрдөрөр-иһитин­нэрэр средстволарга  уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева салайда.

Санатар буоллахха, «Үөрэх­тээһин» национальнай бырайыак иһинэн уонча бырайыак үлэлиир. Онтон биирдэстэрэ «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыак буолар.

“Төгүрүк остуолга” норуот дьокутааттара, үөрэх тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ хас биирдии оҕоҕо эбии үөрэхтээһин, куруһуоктар тиийимтиэ, ону ааһан, хаачыстыбалаах буолуохтаахтарын дьүүллэстилэр.

Сүрүн дакылааты үөрэх миниистирин солбуйааччы Ньургуна Соколова оҥордо. Кини этэринэн, кэлэр сылларга эбии үөрэхтээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллара күүтүллэр: “Өскөтүн 2019 с. өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 5 саастарыттан 18-гар дылы саастаах оҕолор 75% оскуола таһынан эбии дьарыктаах эбит буоллахтарына, 2024 сылга диэри 80% ситиһэр сорук турар. Бу иһигэр эбии үөрэхтээһини сайыннарыы, итиэннэ эрдэттэн идэҕэ туһаайыы киирсэр”.

Миниистир солбуйааччыта бу бырайыак иһинэн «Кванториум» технопаарка, “Проектория” аһаҕас уруоктар уонна “Билет в будущее” диэн бырайыактар тустарынан кэпсээтэ: “Бу уо.д.а. бырайыактарга бэдэрээлинэй үбү уонна өрөспүүбүлүкэттэн эбии үбүлээһини субсидия уонна граннар нөҥүө ылабыт. Тыа сирин оҕолоро физкультуранан уонна успуордунан ситимнээхтик дьарыктаналларын ситиһэр сорук турар. Манна бэдэрээлинэй бүддьүөттэн 25 мөлүйүөн суумалаах үп көрүлүннэ. Субсидиянан кэлбит үп-харчы успуорт саалатын өрөмүөннүүргэ, успуордунан дьарыктанарга анал хоһу уларытан оҥорууга, оскуолаҕа тэриллибит успуорт кулууптарын сайыннарыыга, тээбирининэн, тэрилинэн хааччыйыыга туһуланар. Тыа сирин 152 үөрэх тэрилтэтигэр 13 тыһыынча оҕо дьарыктанарыгар сөптөөх материальнай-техническэй базаны тэрийиэхпит», — диэн эттэ.

Норуот дьокутааттара кэккэ ыйытыылары биэрдилэр, бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр.

Алена Атласова профессиональнай үөрэхтээһини сайыннарыыга инбэлиит оҕолорго табыгастаах усулуобуйалары тэрийэр наадатын бэлиэтээтэ.

Манна миниистир солбуйааччыта доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕо 70% анал бырагырааманан, ол иһигэр ыраахтан олорон үөрэниэхтэригэр кыах бэриллиэҕэ диэн хоруйдаата.

Иван Данилов өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн талааннаах оҕолору өйүүргэ үбү көрөр наадатын эттэ.

Елена Голомарева Арктика оройуоннарыттан кэлэргэ-барарга билиэт сыаната ыарахан уонна суол-иис суох буолан, оҕолор үгүс күчүмэҕэйдэри көрсөллөр диэн бэлиэтээтэ. Онон урукку курдук бырайыас төлөнөрүн, биитэр сөптөөх дьаһал наадатын эттэ.

Михаил Гуляев физкультура уонна спорт өттүгэр болҕомто улааппытын биһириирин биллэрдэ. «Ол эрээри физкультура учуутала эбии үөрэхтээһиҥҥэ эбии төлөбүрү ылбат буолбута хомолтолоох. Урукку өттүгэр хамнаска 25% түһэр эбит буоллаҕына, билигин 5 мөһөөх эрэ эбиллэр. Манна туспа ырытыы наада», — диэн эттэ.

Маны таһынан, дьокутааттар сүрүн болҕомтону үөрэх хаачыстыбатыгар уурдулар. Идэлээх исписэлиистэри бэлэмнииргэ кинилэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийии инники күөҥҥэ тахсыахтаах диэн бэлиэтээтилэр. Оҕо аймах бары өттүнэн сайдыылаах, инникигэ эрэллээх буоларын туоһута – сөптөөх усулуобуйа буолар диэн эттилэр.

Хатас орто оскуолата «Зеленый Север» диэн туспа бырайыагынан үлэлиир. Бу туһунан дириэктэр Николай Слепцов иһитиннэрии оҥордо: «Биһиги оскуола научнай лабораторията бэдэрээлинэй таһымнаах. Манна биотехнология, робототехника уонна агробиотехнология курдук кэскиллээх салааларынан дьарыктанабыт. Бу барыта агропрофильнай салааҕа туһуланар. Ол курдук, үүнээйини олордуу, көрүү-харайыы барыта аныгылыы, автоматизированнай уонна киһи олоҕун инникитин чэпчэтэргэ аналлаах». Оскуола үөрэнээччитэ Николай Бурцев этэринэн, оскуолаҕа ордук сөбүлээн робототехниканан уонна научнай үлэнэн дьарыктанар.

Түмүккэ Феодосия Габышева: «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыак олоххо сыыйа киирэн иһэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ нуорма-быраап өттүттэн эбии үөрэхтээһиҥҥэ сөптөөх үлэ барар. Аны бу ыытар үлэбит сокуон өттүнэн көмүскэллээх буоларын ситиһэр сорук турар», — диэн эттэ. Бу “төгүрүк остуол” эрэкэмэндээссийэлэрэ салгыы бүддьүөтү көрүүгэ, онно уларытыылары киллэриигэ тирэх буолуо диэн сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ бэлиэтээтэ.

* * *

Киһи ситиһиитэ бэйэтиттэн тутулуктах. Оттон оҕо ситиһиитэ хас биирдии төрөппүттэн, дьиэ кэргэҥҥэ табыгастаах,  итиэннэ үөрэх тэрилтэтэ сөптөөх усулуобуйа тэрийэриттэн улахан тутулуктаах. Онон өрөспүүбүлүкэ бары муннугар оскуоланы таһынан эбии үөрэхтээһин хаачыстыбата сыллата тупсан, ыыра кэҥээн иһэригэр үлэ күүһүрэрэ күүтүллэр.

 

 

«Оҕону талааныттан, дьоҕуруттан көрөн эбии дьарыктыыр оруннаах”

Евдокия Слепцова, Амма, Бөтүҥ: “Оҕону талааныттан, дьоҕуруттан көрөн эбии дьарыктыыр оруннаах. Итиэннэ оҕом туох үлэһит буолуон баҕарарыттан көрөн, онно сыһыаннаах куруһуокка сырытыннарар ордук. Улаханым физика, космос куйаарын сэргиир. Оттон кыыһым айар куттаах — ырыаны, тойугу сөбүлүүр, артыыс буолар баҕалаах. Онон итиниэхэ сыһыаннаах куруһуокка эбэтэр биология, химия эҥэр дьарыктыыр баҕалаахпын. Кыра уолум үлэҕэ, уруһуйга – илиинэн тутан-хабан оҥорор дьоҕурдаах. Кыра кыыһым кырата бэрт, көстөн иһиэ. Манна оскуола бары эйгэни хабан дьарыктыыра суолтата улахан. Сатаан тэрийэр оскуола барытын учуоттуур кыахтаах”.

Семен Семенов, Ньурба, Хаҥалас: “Төрөппүт болҕомтото оҕоҕо хайаан да наада. Ийэ, аҕа элбэх бириэмэни оҕотун кытта атаарыахтаах, элбэххэ үөрэтиэхтээх. Билиҥҥи кэмҥэ оҕолорбутун оҕо саадыгар, оскуолаҕа сэлээннээн кэбистибит. Төрөппүт оҕотун убаастабыл диэҥҥэ үөрэтиэхтээх. Оччоҕо оҕо төрөппүттэрин, чугас дьонун, доҕотторун, учууталларын, аҕа саастаахтары, тулалыыр эйгэни ытыктыа этэ дии саныыбын. Уол оҕону спорт хайа көрүҥэр дэгиттэринэн көрөн сөптөөх куруһуокка, дьарыкка биэриэм этэ, эбэтэр аныгы кэм ирдэбилинэн технологиялар куруһуоктарыгар, робототехника, программирование уо.д.а. Оттон кыыс оҕону нарыннык, намчытык иитиэххэ наада. Ол туһугар араас үҥкүү, ырыа, иис куруһуоктарыгар сылдьаллара ордук дии саныыбын”.

Валентина, Дьокуускай куорат: “Мин санаабар, билиҥҥи үйэҕэ оҕо сайдыытыгар оскуола буолбакка, төрөппүт оруола улахан. Онно, бастатан туран, оҕону мөҕөн-такайан үөрэппэккин. Оҕо хараҕынан көрөн үөрэнэр. Ол иһин дьиэ кэргэн иллээх-эйэлээх буолуохтаах. Оҕо барытын истэ, көрө, иҥэринэ сылдьар. Иккиһинэн, оҕону кытта аһаҕастык кэпсэтэ сырыттахха, тугу да кистээбэккэ, санаатын этэр, тугу саныырын үллэстэр, сүбэлэтэр-амалатар буолар.
Оскуолаҕа эбии дьарык хайаан да наада. Мин оҕолорбун эт-хаан да, өй да үлэтин тэҥҥэ тутар гына дьарыктыыр куруһуоктарга биэриэм этэ. Итиэннэ билиҥҥи оҕоҕо «Кыыс Куо», «Үрүҥ Уолан» курдук эбии дьарык баара буоллар. Оччоҕо оҕолору хайдах кэпсэтэ-ипсэтэ, тутта-хапта, таҥна-симэнэ сылдьарга үөрэтиэ этибит”.

Ирина Ханды

 

Поделиться