562
20 декабря 2019 в 13:18
Кырдьаҕастарга дьиҥнээх кыһамньы наада
«Биирдэ көрбүтүм кыра оҕо этим, эргиллэн көрбүтүм – үйэ аҥаарын уҥуордаан, номнуо кыырыктыйбыт баттахтаах эбиппин” диэн үгүс дьонтон истибитим. Сыл – хонук. Бары даҕаны кырдьар сааспытыгар тиийиэхпит турдаҕа. Уһун олоҕу олоруу – туспа дьол. Олох бары кэрэтин, үтүөтүн-мөкүтүн көрөн, амтанын-туматын билэн истэх аайы, киһи муударай, киэҥник толкуйдуур буолан иһэр дииллэр.
Ахсынньы 17 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ “Демография” национальнай бырайыак иһинэн “Аҕа көлүөнэ” бырайыагы олоххо киллэрии тула бырабыыталыстыба чааһа ыытылынна. Мунньаҕы парламент доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров иилээн-саҕалаан ыытта.
Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн спикерэ Петр Гоголев, вице-спикер Антонина Григорьева, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, тустаах министиэристибэ, тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, норуот дьокутааттара кыттыыны ыллылар.
78 сааһы ситиһэргэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ киһи олоҕун уһуна 72 сааска тэҥнэспит. Дьахталларга – 77,1, эр дьоҥҥо – 66,4. Бу Уһук Илин региоҥҥа бастыҥ көрдөрүү буолар.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылга дылы олохпут уһунун 78 сааска тиэрдэргэ диэн этэн турардаах.
Онон сиэттэрэн, бастатан туран, чөл, чэгиэн туруктаах уһун үйэлэниини ситиһэр сорук турар.
Иккиһинэн, кыаммат буолбут кырдьаҕастарбытын сир-халлаан ыккардыгар хаалларбакка, сөптөөх көрүүнү-истиини, медицинскэй эмтээһини тэрийэрбит инники күөҥҥэ тахсыахтаах.
Үсүһүнэн, социальнай харалта тэрилтэлэрин усулуобуйатын өрө тардар, ирдэбилгэ эппиэттиир гына тэрийии ирдэнэр.
Төрдүһүнэн, биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьон идэтийиитигэр уонна кинилэргэ эбии үөрэхтээһини тэрийэр улахан суолталаах.
Соруктар 100% туоллулар
2019 сылга бэлиэтэммит үөһэ этиллибит соруктар толору туоллулар диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы и 18,7%-һитиннэрдэ.
Ол курдук, быйылгы сыл уон биир ыйын иһигэр геронтология куойкаларыгар 0,89 тыһ.киһи былааннаммытыттан 1,547 тыһ. киһи сытан доруобуйатын көннөрүммүт. Бу былааны таһымныыр көрдөрүү. Маны сэргэ профилактикалыыр сыаллаах диспансеризацияны үлэлиир сааһын ааспыт дьон 35,8% барбыт. Бу эмиэ былааннаммыт 18,7%-тан үрдүк.
Тутуу
“Аҕа көлүөнэ” регионнааҕы бырайыак чэрчитинэн Бүлүүгэ 150 утуйар миэстэлээх Кэтти Марсден аатынан психоневрологическай интернат тутулла турар. Билиҥҥи туругунан, тутуу хаамыыта этэҥҥэ – 34,0% бэлэм.
Киһи үйэтин тухары үөрэнэр
2019 сыл устата (ахсынньы 9 күнүнээҕи дааннайдарынан) 859 биэнсийэ иннинээҕи саастаах киһи идэтийии үөрэхтээһинин ааспыт. Саастаах көлүөнэ дьоммут сүрүннээн архивариус, персоналы салайыы, сиэстэрэ, баспытаатал, үөрэхтээһиҥҥэ менеджмент, харабыл, 1С бухгалтерия уо.д.а. идэни баһылаабыттар. Үөрэтии болдьоҕо биир ыйтан үс ыйга дылы кэриҥнээх. 324 киһиэхэ, бэл, стипендия төлөммүт.
2020 сыллаахха «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар үөрэхтээһиҥҥэ 50 саастарын ааспыт бары дьон кыттар кыахтаныахтара диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина эттэ.
Норуот дьокутааттара кырдьаҕас дьоҥҥо болҕомто сыллата улаатан иһиэхтээҕин, үлэ ситимнээхтик барыахтааҕын бэлиэтээтилэр. Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит, аҕа көлүөнэ дьон сөптөөх усулуобуйаҕа олороллоро инники күөҥҥэ тахсыахтаах.
Ыйытыылар – хоруйдар
Бырабыыталыстыба чааһыгар норуот дьокутааттара кэккэ ыйытыылары биэрдилэр, санааларын эттилэр.
Спикер Петр Гоголев “Аҕа көлүөнэ” регионнааҕы бырайыак үбүлээһинин туһунан чопчуласта. Маны таһынан, социальнай өҥөҕө наадыйыы сыллата элбээн иһэринэн, манна ураты болҕомто ууруллуохтааҕын бэлиэтээтэ. «Сэрии оҕолорун» санаторнай-курортнай эмтээһиҥҥэ ыытыы уустуктардаах. Сааһырбыт дьон айаны тулуйбата, доруобуйата да кыаммата баар суол. Өрөспүүбүлүкэ чугастыы бэйэтин санаторийдарыгар сытыарар, эмтиир кыахтаах дуо?», – диэн ыйытта.
Ольга Балабкина бэдэрээлинэй сокуон быһарынан, оннук кыаллыбат диэн хоруйдаата.
Норуот дьокутаата Петр Аммосов Үлэ кодексатыгар киһи сааһын учуоттуур саҥа сокуон барыла наадатын ыйда. Төһөтүн да иһин, сааһыран истэх аайы киһи сылааргыыр, үлэлиир кыаҕа намтыыр диэн мунньах кыттыылаахтара бу этиини кытта сөбүлэстилэр.
Норуот дьокутаата Мария Христофорова аҕам саастаах дьону көрөр-харайар тэрилтэлэри үөскэтэргэ, итиэннэ баар тэрилтэлэри эмиэ өйүүр наадатын бэлиэтээтэ. Онно, бастатан туран, кэлии буолбакка, олохтоох урбаанньыттары өйүүр дьаһаллар наадаларын эттэ.
Норуот дьокутаата Михаил Гуляев Саха сиригэр баар эмтээх сирдэри туһаҕа таһаарар буоллар, олохтоох кырдьаҕастар ыраата барбакка доруобуйаларын көннөрүнэллэригэр кыах бэриллиэ этэ диэтэ.
Вице-спикер Антонина Григорьева аҕам саастаах дьон социализациятыгар улахан болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ. Онно инновация министиэристибэтэ күүскэ үлэлэһэн, суһал көмө кунуопката уо.д.а. олоҕу чэпчэтэргэ туһуламмыт мобильнай сыһыарыылар оҥоһуллаллара наадатын ыйда.
Санаалар
Мунньах кэнниттэн тута таһырдьа тахсан, дьону-сэргэни кытта кэпсэттим. Аҕам саастаах ытык-мааны дьон үгүс өттө оптуобус тохтобулугар тоҕуоруһар. Күннээҕи кыһалҕаларын, оҕолорун-сиэннэрин, уруккуларын-хойуккуларын кэпсэтэ түһээт, өрөспүүбүлүкэҕэ көрүллэр өйөбүллэри, дьон-сэргэ сыһыанын ыйыталастым. Үгүс кырдьаҕас үлэһит дьону, ыччаты хайгыыр. Өрөспүүбүлүкэ дьылҕатын, социальнай бэлиитикэтин истэ-билэ сылдьаллара сөхтөрдө.
Марта Николаева:
– Хомойуох иһин, киһи 60 сааһыттан чэпчэтии суоҕун кэриэтэ. Мин санаабар, тыа сиригэр олорооччуларга биир да төбө сылгылаах, ынахтаах буоллахтарына, сааһыттан тутулуга суох чэпчэтии көрүллүөн наада. Мас, муус, от тиэйиитигэр. Биһиэхэ Саха сиригэр уопсай тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эрэ баар. Үлэ бэтэрээннэригэр, бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлээбэт буоллахтарына, судаарыстыба хомунаалынай чэпчэтиитин сууматын эбэ түһэллэрэ буоллар. Биэнсийэлээхтэр быһа холоон 17 000 солк. биэнсийэни ылаллар. Ону үрдүкү сололоохтор хамнастарын кытта тэҥниир да сатамньыта суох курдук.
Михаил Игнатьевич, биэнсийэлээх:
– Мин саныахпар, кэлин кырдьаҕастарга болҕомто улаатта. Ордук сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр өйөбүл бырагыраамалар бааллар. Барахсаттар, бэйэлэрэ да аҕыйаан иһээхтииллэр. Биэнсийэбит үрдүүрэ буоллар диэн баҕалаахпыт. Санаторийга эҥин баран көрө иликпин. Үөлээннээхтэрим сылдьаллар быһыылаах. Доруобуйам туруга этэҥҥэ, быйыл 70 сааспар үктэнним. Оҕолорум көрөн-истэн олороллор. Ыччаттарга үөрэҕи, үлэни таптааҥ диибин. Кириисис дииллэр, үлэ суох. Ол да буоллар үлэһит киһи өлөн-охтон биэрбэт куолу.
Анна:
– Көмө суох. Дьиэ туттарга кыра бырыһыаннаах кирэдьиит наада. Быраастар, психологтар, социальнай үлэһиттэр дьону босхо консультациялыыллара буоллар, кырдьаҕастарга эмп-том чэпчэтиилээх усулуобуйанан бэриллэрэ бэрт буолуо этэ.
Александра Спиридоновна, Үөһээ Бүлүү:
– Оо, билиҥҥитэ туох да көмөтүн көрдүү иликпин. Оттон судаарыстыба бэйэтэ “кырдьаҕас, бу эйиэхэ!” диэн тугу да ууна илик. Мин билигин 61 сааһым. Уйан дьон буоллахпыт. Өйөбүл наада, үбүнэн-харчынан да, үтүө тылынан, туох эрэ чэпчэтиинэн да буоллун. Гражданин буолан, бу дойдуга төрөөбүт дьоҥҥо барыларыгар, аччыктаабат, тоҥмот-хаппат туһугар өрүү көрүллэр төлөбүр баар буолуон сөп этэ дии саныыбын. Оччоҕо ускул-тэскил сылдьыы суох буолуо этэ, ийэлэр оҕолорун аһатар кыахтаахпыт диэн инникигэ эрэллээх буолуо этилэр. Онон эдэр дьон атаҕар турарыгар эмиэ көмө олус улахан суолталаах. Оттон биһиги, уруккаттан олорбуппутун курдук олорор дьон, син биэнсийэ көмөтүнэн, этэҥҥэ олоруохпут.
Елена Семенова:
– Олорор дьиэни тупсарарга көмө көрүллэрэ буоллар. Сааһырдах ахсын үлэни кыайбат буолан иһэбит. Биэнсийэҕэр дьиэҕин өрөмүөннүүрүҥ кыаллыбат. Тутуу матырыйаалын сыаната балысхан. Аҥаардастыы оҕолорбутугар соҥнонор эмиэ сатамньыта суох.
Лариса Васильевна, Амма:
– 60-нун туолбут дьоҥҥо араас социальнай чэпчэтии баарын билбэт эбиппин. Биэнсийэ үрдүүрэ буоллар улахан көмө буолуо этэ. Санаторийга, профилакторийга путевканы элбэҕи биэриэхтэр этэ. Тиксибэккэ хааларбыт баар суол.
Ирина ХАНДЫ