666

28 июня 2019 в 14:56

Муниципальнай уокуругу тэрийии нэһилиэнньэттэн эмиэ тутулуктаах

 

Саҥа муниципальнай тэриллии көрүҥүн – муниципальнай уокурук диэн өйдөбүлү киллэриини дьүүллэһии

 

Ыам ыйыттан “РФ олохтоох салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” Федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан” Федеральнай сокуон үлэлээбитэ. Сокуон сүрүн соругунан саҥа муниципальнай тэриллии көрүҥүн – муниципальнай уокурук диэн өйдөбүлү киллэрии буолар. Ол олохтоох салайыныы систиэмэтин судургутутар аналлаах тэриллибит. Муниципальнай уокурук диэн өйдөбүлүнэн хас да нэһилиэнньэлээх пууннары түмэр уокурук буолар. Ону кытта бу сокуоҥҥа этиллэр – биир оройуон иһигэр киирэр хас да поселениеҕа биир муниципальнай уокурук статуһун биэрэр туһунан. Оччоҕо поселениелар муниципальнай тэриллии статуһун сүтэрэллэр. Сокуоҥҥа этиллэринэн, өскөтүн улуус икки уонна онтон элбэх нэһилиэгин нэһилиэнньэтэ сөбүлэспэтэҕинэ муниципальнай уокурук буолбаттар.

 

Муниципальнай уокурук уратытынан биир таһымнаах салайыы буолар, ол эбэтэр биир салайар уорган үлэлиир. Бу сокуонунан уларыйыылар олоххо киирэллэригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри болдьох бэриллэр. Муниципальнай уокуруктар тэриллиэхтэрин иннинэ бу курдук боппуруостар көрүллэллэр. Бастакытынан, муниципальнай уокуругу тэрийэр туһунан баһылыктан, депутаттартан эбэтэр олохтоохтортон этии киириэхтээх. Иккиһинэн, уокурукка киириэхтээх нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллээх уорганнара муниципальнай уокурук тэриллиитин боппуруоһун быһаарыахтаахтар уонна муниципальнай уокурук тэриллэрин, баһылык уонна депутаттар талыллалларын туһунан көҕүлүүр сокуоннаах Ил Түмэҥҥэ тахсаллар. Түмүгэр улуус территориятыгар киирэр муниципальнай тэриллиилэри муниципальнай уокурукка уларытан тэрийэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона тахсар.

Ил Түмэҥҥэ бэс ыйын 24 күнүгэр бу федеральнай сокуон туһунан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) иһинэн бэрэстэбиитэллээх уорганнар Сэбиэттэрин мунньаҕа буолла. Мунньаҕы Ил Түмэн спикерэ Петр Гоголев салайан ыытта. Үөһэ этиллибит сокуон туһунан Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников иһитиннэрии оҥордо. Кини бу курдук эбэн эттэ: “Федеральнай сокуон олоххо киирэн эрэр. Холобур, Тверь уобалаһыгар быйыл ыам ыйыгар Весьегонскай муниципальнай уокурук тэриллибит. Уокурукка Весьегонск куорат уонна алта поселение киирбиттэр. Сотору Пермь кыраайыгар тэриллэрэ күүтүллэр. Онон, убаастабыллаах депутаттар! Биһиги көхтөөхтүк бу боппуруоһу ырытыахпытын наада. Күһүҥҥү сессияҕа көрүөхпүт, онон алтынньы 1 күнүгэр диэри олохтоохтору уонна уопсастыбанньыктары кытары бу боппуруоһу ырытыһаргыт наада”.

 

Олохтоох бюджеты көрүү

 

Муниципальнай тэриллиилэр дохуоттарын уонна ороскуоттарын кээмэйин тэҥнээн, дотацияҕа эрэммэккэ бэйэ бюджетын хааччыйыыга киирии туһунан кэпсэтии барбыта ыраатта. Маныаха тустаах оробуочай бөлөхтөр тэриллэннэр үлэ барар. Ол туһунан мунньахха СӨ үпкэ миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрии оҥордо.

Ил Дархан СӨ Бырабыыталыс­тыбатыгар биэрбит сорудаҕынан, муниципальнай тэриллиилэр былааннаммыт ороскуоттара төһө араастаһалларын быһааран баран, ону тэҥнээһиҥҥэ дотация кээмэйин 30%-тан кырата суоҕу ыытар сорук турар. Бу соругу олоххо киллэрэргэ ыытыллыахтаах үлэлэр былааннарын уонна болдьохторун бигэргэппиттэр. Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы оробуочай бөлөхтөр тэриллибиттэр. Түөрт бөлөҕүнэн арахсан үлэ ыытыллыаҕа. Бэрэссэдээтэлинэн вице-премьер Алексей Стручков ананна. Уопсайа 82 киһи бу бөлөхтөргө киирбит. Санатар буоллахха, тыа сиригэр 13 боломуочуйа федеральнай сокуонунан, 25 боломуочуйа өрөспүүбүлүкэ сокуонунан бигэргэнэр. Алексей Стручков тыа сирин боломуочуйаларын көрүү туһунан ыам ыйыгар оробуочай бөлөҕү кытта ыыппыт мунньаҕар 9 муниципальнай оройуонтан 25 олохтоох суолталаах боломуочуйалары хаалларарга, атыттарын хаттаан көрөргө диэн этии киирбит. Оттон олохтоох суолталаах боломуочуйалары муниципальнай тэриллииттэн араарар туһунан туруорсуулар ордук Горнай, Ленскэй, Мирнэй, Уус Алдан улуустарыттан киирбиттэр.

Валерий Жондоров биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы оробуочай бөлөхтөр үлэлэрин туһунан салгыы кэпсээтэ. Оробуочай бөлөх чилиэннэрэ муниципальнай оройуоннарга модельнай бюджеты киллэрии уопутун кытта билсэ Нижегородскай уобаласка бара сылдьыбыттар.  Ол туһунан Валерий Жондоров кылгас иһитиннэрии оҥордо. “Нижегородскай уобалас муниципальнай тэриллиилэригэр модельнай бюджеты киллэрии уопута биир үчүгэйинэн биллэр. Кинилэр бастаан: “Муниципалитет бэйэтин эбийиэктэрин үлэлэтэригэр уонна боломуочуйаларын толоруутугар төһө үбү ыытарый?”—диэн ыйытыы туруор­буттар. Ол кэннэ муниципальнай тэриллиилэр бюджеттарын суоттаан-ааҕан таһаарбыттар. Муниципалитеттар бюджетынан хааччыллыыларын тэҥнииргэ үлэ барбыт”, – диэтэ.

Миниистир кэпсээбитинэн, модельнай бюджеты киллэрии сүнньүнэн оробуочай бөлөхтөр ыытар мунньахтарыгар муниципалитеттартан үгүс этиилэр киирэллэр эбит. Ол курдук аутсорсинг мэхэньиисимин киллэрии, коммунальнай өҥөлөр төлөбүрдэрин  биир кэлим нормативтарын саҥардыы, олохтоох суолталаах боломуочуйалар ороскуоттарыгар уларытыылар тустарынан этиилэр киирэллэр эбит. Валерий Жондоров иһитиннэрбитинэн, бу киирбит этиилэр балаҕан ыйыгар бюджеттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыылар сүрүннүүр сэбиэттэрин мунньаҕар көрүл­лүөхтэрэ.

Иһитиннэриитин түмүгэр кини бюджеты саҥардыы үлэтэ күүскэ барарын, олохтоох салайыныы уорганнарын кытары сытыы боппуруостары быһаарар сорук күүскэ турарын бэлиэтээтэ.

Ол курдук, мунньахха салгыы бу хайысханан үлэлииргэ “СӨ поселение боломуочуйатын уонна олохтоох салайыныы туһунан федеральнай сокуоҥҥа уларытыы туһунан” мунньах быһаарыытын барылын төрүөт быһыытынан ылынарга уонна улуустартан өрөспүүбүлүкэ сокуона оҥоһулларыгар этиилэри 2019 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри ыларга быһаардылар.

 

Депутат нэһилиэнньэҕэ тиэрдэр соруктаах

Кэбээйи улууһун депутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александра Иванова:

— РФ Уопсастыбаннай палаататын территорияны сайыннарыыга уонна олохтоох салайыныы боппуруостарыгар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Максимовы кытары көрсүһүүгэ сылдьыбыппыт. Кини онно муниципальнай уокуругу киллэрии туһунан бу курдук эппитэ. Бастатан туран, сокуон биир таһымҥа салайыныыны сайыннарар соруктаах. Ол эбэтэр кыра нэһилиэктэр салалтата суох хаалаллар, бары болҕомто улуус киинигэр буолар.  Оттон биһиги хотугу улууспут холобуругар бу сокуон хайдах дьайыаҕай? Бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах сытар нэһилиэктэрбит уокурукка холбоннохторуна, олохтоох суолталаах боппуруостары хайдах быһаарыахтарай? Иккиһинэн, биһиги бу сокуонунан статуспутун уларытарбытыгар төһө ороскуоттар күүтэллэрий? Биллэрин курдук, аҥардас аадырыс тиһигин уларытыы уустуктук, бытааннык барар. Аны, сир кыраныыссатын быһаарсыыга мөккүөрдэр тахсыахтарын сөп. Онон бу боппуруостарга чуолкай эппиэттэр наадалар. Оччоҕо эрэ биһиги дьоммутугар-сэргэбитигэр сөптөөх информацияны тиэрдэр кыахтаахпыт.

 

Чурапчы улууһун депутата Владимир Еремеев, улуус ветеринарнай управлениетын начальнига:

— Мунньахха Ил Түмэн спикерэ Петр Гоголев уонна Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников муниципальнай уокурук тэриллиитин туһунан быһааран биэрдилэр. Ол эрээри, маныаха боппуруостар элбэхтэр. Бастатан туран, биһиги, депутаттар, бу үлэҕэ көхтөөхтүк кыттарбыт билиннэ. Ол инниттэн биһиги сокуон сүнньүнэн ымпыгар-чымпыгар диэри информацияны ылан баран нэһилиэнньэҕэ кэпсиэх тустаахпыт. Муниципальнай уокурук тэриллиитин боппуруоһугар нэһилиэнньэ санаата, быһаарыыта улахан суолталаах эбит. Холобур, билигин социальнай ситимнэринэн үһү-бадах курдук сымыйа информацияны тарҕатыахтарын сөп. Оччоҕо нэһилиэнньэ сыыһа өйдөөн, барытын утарытынан ылыныаҕа. Оттон бу “Ил Түмэн” курдук сонуннары бастакы сирэйтэн тиэрдэр хаһыаттар нөҥүө дьиҥнээх информацияны ылыахпыт дии саныыбын. Ол курдук биһиэхэ алтынньыга диэри болдьох бэрилиннэ. Ол иһин бастаан улуус депутаттара бэйэбит муниципальнай уокуругу тэрийии туһунан федеральнай сокуону ырытыһан, үчүгэйдик билэн баран нэһилиэнньэҕэ тахсыахпыт.

 

Сардаана КУЗЬМИНА

Поделиться