572
19 ноября 2019 в 13:09
Национальнай бырайыактар, инвестиция, “модельнай бүддьүөт”, туризм …
Өрөспүүбүлүкэ кэлэр сыллардааҕы бүддьүөтүн тыырыы барыбытыгар тыын суолталаах. Бу үлэни Үп министиэристибэтэ сүрүннээн ыытарын ааһан, Ил Түмэн бары кэмитиэттэрэ хонтуруолга туталлар. Быйылгыттан саҕалаан бүддьүөт хаһааҥҥытааҕар да эрдэ көрүллэн, мунаах, уустук боппуруостарга сөптөөх үлэ барда.
Бу күннэргэ Ил Түмэн предпринимательствоҕа, туризмҥа уонна инфраструктураҕа сис кэмитиэтин уонна Ил Түмэн олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин мунньахтара буоллулар.
Манна сүрүн боппуруоһунан «2020 сыллаах уонна 2021-2022 сс былааннаммыт кэмҥэ СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан” сокуон барыла буолла.
Сүрүн дакылааты үп миниистирэ Валерий Жондоров оҥордо.
Ол курдук, Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа
2020 сылга 179 млрд 333 мөлүйүөн солкуобай;
2021 сылга 187 млрд 242 мөлүйүөн солкуобай;
2022 сылга 175 млрд 872 мөлүйүөн солкуобай буолара күүтүллэр.
Аны туран, бүддьүөт ороскуоттаах чааһын аахтахха:
2020 сылга 180 млрд 331 мөлүйүөн солкуобай;
2021 сылга 188 млрд 240 мөлүйүөн солкуобай;
2022 сылга 176 млрд 871 мөлүйүөн солкуобай.
Дефицит бу үс сыл устата 998 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэрэ сабаҕаланар.
Саха сирин инвестиционнай бырагырааматын кээмэйэ сыллата улаатар диэн тоһоҕолоон эттэ. Ол курдук, 2020 сылга 22 млрд, 2021 сылга 24 млрд солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Национальнай бырайыактар — инники күөҥҥэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын биир сүрүн соругунан национальнай бырайыактары ситимнээхтик олоххо киллэрии буолар.
Санатар буоллахха, биһиги өрөспүүбүлүкэбит 78 бэдэрээлинэй бырайыактартан 52-ни олоххо киллэрэргэ турунар. Үп миниистирэ Валерий Жондоров: «Национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ тэтиммитин ыһыктыбакка үлэлиэхпит. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр 2020 сылга 17 млрд 301 мөл. солк, 2021 сылга – 18 млрд 861 мөл. солк, 2022 сылга – 8 млрд 242 мөл. солк суумалаах үп былааҥҥа киирдэ», — диэн эттэ.
Инвестиция кээмэйэ улаатар
Валерий Жондоров Саха сирин инвестиционнай бырагырааматын кээмэйэ сыллата улаатар диэн тоһоҕолоон эттэ. Ол курдук, 2020 сылга 22 млрд, 2021 сылга 24 млрд солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ салалтата, парламена дьон-сэргэ олоҕун уйгута тупсарыгар улахан болҕомтону уурар. Холобур, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ, олох-дьаһах социальнай эбийиэктэрин саҥардыыга, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэх тэрилтэлэрин тутууга уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр күүскэ үлэлэһэр. Манна инвестиция харчыта быһаччы көмө буолара саарбахтаммат.
Түмүккэ кэмитиэттэр «2020 сыллаах уонна 2021-2022 сс былааннаммыт кэмҥэ СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан” сокуон барылын Ил Түмэн бастакы ааҕыыга ылынарыгар этии киллэрэргэ быһаардылар.
«Модельнай бүддьүөт» туһунан
Сэтинньи 11 күнүгэр буолбут Ил Түмэн олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин мунньаҕар “модельнай бүддьүөт” туһунан араас санаа этилиннэ. Биллэн турар, бүддьүөт курдук улахан суолталаах, эндирдээх боппуруоһу саҥалыы көрүү бары өттүттэн дириҥник үөрэтиини эрэйэр. Онон “модельнай бүддьүөт” биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ киирэр түгэнигэр, туох да сыысхала суох буолара, итиэннэ региоммут уратытын барытын учуоттуура болҕомтоҕо ылыллыахтаах.
“Модельнай бүддьүөт” уратыта диэн өрөспүүбүлүкэ үбүн тыырыытыгар, ордук муниципалитеттар бэйэлэрин дьаһаналларыгар дьэҥкэ хартыынаны көрдөрөр. Ол курдук, бүддьүөт сүрүннээн нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторун ахсааныттан учуоттанан таҥыллар. Манна инвестиционнай ороскуот эмиэ көрүллэр. Маны сэргэ олохтоох салайыныы уорганнарын ороскуоттара туспа тыырыллаллар. Оттон ороскуот эбэһээтэлистибэлэрэ категориянан араарыллаллар.
Бу сокуон барылын оҥорорго биэдэмистибэлэртэн оробуочай бөлөх тэриллэн үлэлээбитэ. Уопсайа 132 киһи судаарыстыбаннай былаас уорганнарыттан, муниципалитеттартан быһаччы кыттыыны ылбыта. Чуолаан, улуустартан 102 бэрэстэбиитэл муниципалитет бүддьүөтүн тыырыыга үлэлэстэ. МТ бүддьүөтүн бэрээдэктииргэ бары улуустар хото кыттыбыттара, бэйэлэрин санааларын киллэрбиттэрэ хайҕаллаах. Улахан суолталаах боппуруостары дьүүллэһии түмүгэр 135 этии киирдэ. Ол түмүгэр, бу саҥа сүүрээҥҥэ сыыйа киирэн иһэр оруннааҕын эттилэр. Бастаан 2020 сылтан саҕалаан муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуруктара киириэхтэрэ, онтон 2021 сылтан куорат уонна тыа нэһилиэктэрэ киирэн иһиэхтэрэ. 2018 сыллаахха толоруллубут олохтоох бүддьүөт ороскуоттаах эбээһээтэлистибэтин реестрын аналиһа оҥоһуллубут, итиэннэ биирдиилээн салааларга ордук суолталаах ороскуот туохха барарын бөлөххө араарыы үлэтэ ситимнээхтик барбыт.
Ил Түмэн олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников: «Төгүрүк остуолга Саха сирин улуустарыттан олус элбэх этии киирдэ. Дьону-сэргэни долгутар биир боппуруоһунан уоппуска кэмигэр айан төлөбүрэ буолла. Холобур, сорох улуус сылга уоппуска кэмигэр айан суотун 0,3 штатнай единицаны 0,5 дылы улаатыннарарга диэн этэр. Маны сэргэ материальнай базаны тупсарыы, элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыал оҕолоро оскуолаҕа, оҕо саадыгар чэпчэтиилээх аһылыгынан туһаналларын хааччыйыы, муниципальнай тэриллиилэри үп-харчы өттүттэн өйүүр пуонданы улаатыннарыы боппуруостарын уо.д.а. улахан суолталаах өрүттэри ымпыктаан-чымпыктаан ырыттыбыт», — диэн эттэ.
Норуот дьокутааттара бүддьүөт саҥа методиканан тыырылларын утарбаттарын эттилэр. Ол эрээри хас биирдии улуус, кыра бөһүөлэк уратытын учуоттуур, олорор усулуобуйатын бары өттүттэн сыныйан көрөн баран ылынар наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Биллэн турар, Арктика кырыы бөһүөлэгин киин улуус икки тыһыынча нэһилиэнньэлээх пуунун кытта хайдах да тэҥниир сатаммат. Бу өттүгэр министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, парламент уонна улуустар өттүлэриттэн үлэ салгыы барар.
Туризм сайдыытыгар үбү тардыы ирдэнэр
Сэтинньи 8 күнүгэр ыытыллыбыт Ил Түмэн предпринимательствоҕа, туризмҥа уонна инфраструктураҕа сис кэмитиэтин мунньаҕар норуот дьокутааттара Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр туризм сайдыытыгар туох үлэ ыытылларын, үп-харчы бу эйгэҕэ төһө тыырылларын ырыттылар.
Туризм министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, сүрүн болҕомто Саха сирин брендын оҥорууга, туристары уонна инвестордары тардыыга ууруллар. Арассыыйа уонна аан дойду бөдөҥ туроператордарын кытта үлэ барар. Ол курдук быйыл Францияны кытта үлэлэһэн эрэбит диэн миниистир Ирина Высоких эттэ.
Норуот дьокутааттарын туризм сайдыытыгар баара-суоҕа сэттэ мөлүйүөн көрүллүбүтэ сөхтөрдө. Үп министиэристибэтэ этэринэн, сүрүн үбү туризм министиэристибэтэ бэдэрээлинэй бүддьүөт суотугар ылыахтаах эбит. Бу быйылгы сылга бэдэрээлинэй үптэн 354 мөлүйүөн солкуобай киирбит. Бу куһаҕана суох көрдөрүү эрээри, Саха сирин тас дойдуга кэрэхсэнэр, ураты туристическай сир оҥорор буоллахха, бу суума татым диэн үгүс дьокутаат бэлиэтээтэ.
Билиҥҥитэ биирдиилээн урбаанньыттар туризмы миэстэтигэр сайыннара сатыыр эбит буоллахтарына, бөдөҥ туризм базатын тэрийэргэ, ону бүтүн аан дойдуга биллэрэргэ улахан харчы наадата саарбахтаммат.
Ирина Ханды