590

30 сентября 2019 в 12:29

Нэһилиэнньэ дьадайыытын уодьуганныыр сорук турар

 

Ил Түмэҥҥэ нэһилиэнньэ дьадайыытын таһымын кыччатыы туһунан кэпсэттилэр. Ол курдук, балаҕан ыйын 23 күнүгэр “РФ Президенэ РФ Федеральнай Мунньаҕар 2018 сыл кулун тутар 1 күнүгэр оҥорбут анал этиитигэр дьадайыы таһымын кыччатыы соруктарын туһунан дьаһаллары Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олоххо киллэрии” диэн тиэмэҕэ парламент истиилэрэ буолла.

 

 

Эр дьон бу категорияҕа киирсэрэ – дьиксиниилээх бэлиэ

 

Парламент истиилэрин Ил Түмэн спикерэ Петр Гоголев салайан ыытта. “2024 сылга диэри бу хайысханан таһаарыылаахтык үлэлээн, туруоруллубут былааны ситиһиэхтээхпит. Кыаммат-түгэммэт дьон анал учуотун оҥо­руохтаахпыт. Билиҥҥи кыам­мат-түгэммэт киһи мэтириэтэ — 20-29 саастаах, үксэ эр киһи. Бу категорияҕа киирсэр хас үһүс киһи үлэ уопута суох, ханнык да идэни баһылаабатах буолар. Оттон тыа сиригэр – элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн”, — диэн спикер чопчулаата уонна мунньахха нэһилиэнньэ дьадайыытын кытары охсуһуу үлэтин хайысхаларын сүрүннээри мустубуттарын санатта.

Парламент истиилэригэр СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Николаев, норуот депутаттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар, Арктика улуустарыттан — Эдьигээнтэн, Орто Халыматтан, Үөһээ Дьааҥыттан, Өлөөнтөн бэрэстэбиитэллэр кэлбиттэр.

Сүрүн дакылааты СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Стручков оҥордо. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтэргэ, кыаммат араҥаны өйүүргэ дьарыктаах буолуу, үөрэх сайдыытын, доруобуйа харыстабылын, ДьУоКХ, тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай бырагыраамаларын нөҥүө дьаһаллар оҥоһуллаллар. Ол курдук нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтэргэ уонна дьадайыы таһымын кыччатарга туһуламмыт 2024 сылга диэри үлэлэр былааннара оҥоһуллубут.  Бу былааҥҥа сүрүн болҕомто дьарыктаах буолууга, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аччыгый уонна орто бизнеһинэн дьарыктанарыгар усулуобуйалары оҥорууга ууруллубут. “Олохтоох каадырдар – бырамыысыланнаска” диэн бырайыак салгыы үлэлиэҕэ, манна 23 бырамыысыланнай тэрилтэ кыттар. Ону кытта “Тыа сиригэр дьарыктаах буолуу” бырайыак салҕаныа. Ол курдук былааҥҥа биир бастакынан экономика бырамыысыланнайа суох секторыгар 10 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтин таһаарарга Ил Дархан туруорбут соругун киллэрэбит. Бу хайысхалары нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын кытыннаран туран олоххо киллэрдэххэ, дьадайыы таһымын кыччатыахха сөп”, — диэн Алексей Стручков эттэ.

 

2024 сылга кыаммат араҥа ахсаана икки төгүл кыччыахтаах

 

Билигин 13 региоҥҥа дьадайыыны аҕыйатыыга пилотнай бырайыактар олоххо киллэриллэллэр. Ол — Татарстан, При­морскай кыраай, Нижегородскай, Ивановскай, Новгородскай уобаластар уонна да атыттар. Пилотнай бырайыактар сыалларынан дьадайыы төрүөтүн ырыҥалааһын, бу регионнар холобурдарыгар дьон дохуотун үрдэтэр, дьадайыы таһымын кыччатар көдьүүстээх мэхэньиисими оҥоруу буолар. РФ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, пилотнай бырайыактар үлэлээн бүтэллэригэр, 2020 сыл бастакы кыбартаалыгар  дьадайыы таһымын кыччатарга анал бырагырааманы  бэлэмнииргэ типовой рекомендациялар оҥоһуллан регионнарга тиэрдиллиэхтээхтэр.

Ол эрээри А.Стручков иһитин­нэрбитинэн, СӨ бырабыыталыстыбата дьадайыыны кытары охсуһарга биир бастакынан ыытыллыахтаах үлэлэр туһунан докумуон түргэнник оҥоһуллуохтаах диэн бэлиэтээбит. “Бэйэбит былааммытын көрүөхпүт. СӨ бырабыыталыстыбатын “Нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтиигэ уонна дьадайыы таһымын кыччатыыга 2024 сылга диэри биир бастакынан оҥоһуллар үлэлэр тустарынан” дьаһал үөһэ этиллибит тэрээһиннэри учуоттуур. Бу бырайыак наука үлэһиттэрин уонна экспердэри кытыннаран туран оҥоһуллубута уонна эбии үбү көрүүнү сөбүлэһиннэриигэ сылдьар. Докумуону бу сыл төрдүс кыбартаалыгар ылынарга былаанныыбыт”,— диэн билиһиннэрдэ.

Ол курдук 2024 сылга диэри нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтэр уонна дьадайыыны аҕыйатар сыаллаах билигин үлэлиир судаарыстыбаннай бырагыраамалары учуоттаан туран барыллаан 137,5 млрд солк. көрүллүөҕэ. Ол иһигэр 2020 сылга — 22,3 млрд солк. СӨ бырабыыталыстыбата ылыммыт соругунан 2024 сылга диэри дьадайыы таһымын икки төгүл кыччатыы буолар, ол эбэтэр 2017 сылы кытта тэҥнээтэххэ 96 тыһ. киһи кыаммат араҥаттан тахсыахтаах. Ол аата сылын аайы 10-20 тыһ. киһи дохуота үрдүөхтээх.

 

Наука көрүүтүнэн

 

Нэһилиэнньэ дьадайыытын боппуруоһун наука өт­түттэн көрүүнү ХИФУ профессора, э.н.д. Туйаара Гаврильева иһитиннэрдэ. Кини Фундаментальнай чинчийиилэргэ Арассыыйатааҕы фонда хотугу регионнарга олорор общиналар дьадайыыларын феноменын үөрэтэн баран түмүк таһаарбыт дааннайдарын уонна дьадайыыны кытары охсуһуу мэхэньиисимнэрин туһунан кэпсээтэ. Кини бу регионнарга бэлиэтэммит дьадайыы факторынан төрөөһүн үрдүк көрдөрүүтэ, региоҥҥа сыана үрдүгэ уонна тыа сиригэр итиэннэ бырамыысыланнаска үлэлиир дьон хамнастара улаханнык арыттаһара буолбутун ыйда.

Туйаара Гаврильева өрөс­пүүбүлүкэ нэһилиэн­ньэтигэр социальнай өйөбүл туһалаах көрүҥнэрин бэлиэтээтэ: элбэх оҕолоохтор, үлэтэ суох дьон дохуоттарын улаатынарар социальнай хантыраак, элбэх оҕолоох ыал дьиэ тутталларыгар бэриллэр субсидия, оҕо үрдүк үөрэх кыһатыгар босхо үөрэнэригэр көмө, икки сылга биирдэ босхо айан, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала, тыа сиригэр олорор дьоҥҥо хаһаайыстыбаларын сайыннаралларыгар субсидия, ДьУоКХ төлөбүрдэригэр субсидия. Кини этэринэн, чинчийии түмүгүнэн дьадайыыны кытары охсуһууга кэккэ рекомендациялар бэлэмнэммиттэр.

 

Билиҥҥитэ көдьүүстээх түмүк суох

 

Ил Түмэн вице-спикерэ Антонина Григорьева ас-үөл корзинатын хаттаан быһаарар наадалааҕын уонна тустаах сокуон барыла оҥоһулла сылдьарын иһитиннэрдэ. Маны таһынан депутат хамнас үрдээһинин туһунан ыйытта. Маныаха Алексей Стручков бырабыыталыстыба бюджет үлэһиттэрин  хамнаһын үрдэтэр эбэһээтэлистибэлээҕин, оттон оҥорон таһаарыы салаатыгар үлэ биэрээччилэр үлэһиттэрин хамнастарын бэйэлэрэ үрдэтэр соруктаахтарын иһитиннэрдэ. “2020 сылга ас-үөл корзината төһө сыаналаах буолуоҕун быһаарар үлэ ыытыахтаахпыт. Холобур, 2018 сылга бу суума 16511 солк. тэҥнэһэр этэ, оттон 2019 сылга 17126 солк. буолла. Ас-үөл корзинатын сыанатын хаттаан ааҕарга научнай дакаастабыл наада”,— диэн быһаарда.

Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров дьадайыы таһымын кыччатар сорук уустук буоларын бэлиэтээтэ. “Госдума депутаттара Саха сирин парламена уонна Госдума депутата Галина Данчикова бииргэ оҥорбут сир баайын хостооччулар регион уонна үлэлиир сирдэригэр баар муниципальнай тэриллии социальнай-экономическай сайдыыларыгар кыттыыларын туһунан  көҕүлээһиннэрин иккис ааҕыыга ылыналларыгар эрэнэбит”,— диэтэ кини.

Маны таһынан депутаттар үгүс этиилэри киллэрдилэр. Ол курдук нэһилиэнньэҕэ табаар кредитин биэриини өйөөһүн, потребительскай кооперативтары сөргүтүү, гражданскай көҕүлээһиннэри өйүүр үлэлэри хаттаан киллэрии, чөл олох сиэрин тарҕатыы, эдэр ыччат тутууларын сөргүтүү туһунан этиилэри киллэрдилэр.

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев региоҥҥа дьадайыыны утары охсуһуу түмүгүн чинчийэр тутулуга суох мониторинг систиэмэтин тэрийэр наадалааҕын туһунан эттэ. Ол инниттэн бюджекка маннык мониторины мэлдьи ыытар курдук үп көрөр наадалааҕын ыйда.

Михаил Николаев бырамыы­сыланнас тэрилтэлэрэ бу хайысхаҕа  көмөлөһөллөрө то­ҕоос­тооҕун туһунан санаатын эттэ.  “Бырабыыталыстыба  биэс сыл устата нэһилиэнньэ дьадайыытын утары ыыппыт үлэтэ улахан түмүгү аҕалбата. Тоҕо диэтэххэ, бу кыһалҕа олус киэҥ өрүттэри хабар, манна судаарыстыба эрэ үлэтэ кыра, бизнес, уопсастыбаннас, улахан корпорациялар кыттыһыахтаахтар”,— диэтэ уонна бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ бюджеттарыттан дьон үлэлээх буолуутун тэрээһиннэригэр, дьадайыыны утары охсуһууга ыыттахтарына, кыһалҕаттан тахсар быһаарыы буолуо этэ диэн санаатын эттэ.

Парламент истиилэрин түмүктэринэн парламент спикерэ Петр Гоголев рекомендациялар барылларын салгыы үлэлииргэ төрүөт быһыытынан ылынарга уонна эбии киирбит этиилэри бу рекомендацияларга киллэрэр туһунан эттэ.

 

Сардаана КУЗЬМИНА

 

Подробнее читайте в свежем номере газеты по указанной ссылке.

Уважаемые читатели!

  1. Покупая электронную версию Издания, вы осознаете, что покупаете ее исключительно для личного (семейного) пользования. Перепродажа или любая другая передача купленного вами номера газеты третьим лицам запрещается и может преследоваться по закону.
  2. Обязанности продавца, в качестве которого выступает Издание, считаются выполненными с момента отправки Покупателю ссылка на скачивание купленного и оплаченного им номера газеты.
  3. Стоимость газеты в розницу 30 руб.

ВАЖНО! Иногда, по независящим от Издания причинам, спам-фильтры Покупателя перебрасывают письмо с заказанной вами ссылкой в папку «Спам». Поэтому если вы не получили от нас автоматически сгенерированного письма со ссылкой, для начала проверьте папку «Спам». Если его нет и там — обращайтесь в нашу редакцию.

 

Поделиться