977
26 мая 2017 в 09:35
Нолуокка прогрессивнай шкаланы киллэрии тохтотулунна
Дойдуга үрдүкү таһымҥа нолуогу төлөөһүҥҥэ прогрессивнай шкаланы киллэрии тула кэпсэтиһии, санаа атастаһыыта барбыта ыраатта. Бу күннэргэ Федерация Сэбиэтигэр тустаах боппуруоһу дьүүллэстилэр.
Социальнай климаты мөлтөтүө суохтаах
Бу кыһын Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Голодец нолуогу төлөөһүҥҥэ прогрессивнай шкаланы киллэрии боппуруоһа быһаарыллан эрэрин туһунан эппитигэр, этэргэ дылы, сэргэхсийэ түспүппүт.
Ааҕааччыларга быһааран биэрэр эбит буоллахха, нолуогу төлөөһүҥҥэ прогрессивнай шкала киирдэҕинэ, киһи төһөнөн элбэх дохуоту аахсар да, соччонон элбэх подоходнай нолуогу төлүөхтээх. Билигин манна хартыына хайдаҕый? Ким төһө хамнаһы ыларыттан тутулуга суох, бары үлэбит төлөбүрүттэн 13% подоходнай нолуокка биэрэбит. Намыһах хамнастаах дьоҥҥо ити улахан охсуулааҕа биллэр.
Ол эрээри төһө да тустаах боппуруос дойду салалтатыгар дьүүллэһии киинигэр сырыттар, физическэй сирэйдэр дохуоттарыттан нолуогу төлөөһүҥҥэ уларыйыылар чугастааҕы кэмҥэ түргэн тэтиминэн киллэриллэллэрэ күүтүллүбэт.
Итини Федерация Сэбиэтэ эмиэ бигэргэттэ. Ол курдук, вице-спикер Евгений Бушмин Россия олохтоохторо прогрессивнай нолуок киириитигэр бэлэмнэрэ суохтарын бэлиэтээтэ. Кини нолуок ситимигэр уларыйыы киирэр түгэнигэр, баайдар куотунар ньыманы булуохтарын, ноҕурууска бүтүннүүтэ орто кылааска ыйанан хаалыан сөбүн туһунан этэр. Маныаха Америка президенэ Дональд Трамп өр сыллар усталара нолуоктан куотуммут холобурун аҕалар тоҕоостоох.
Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко нолуогу төлөөһүҥҥэ прогрессивнай шкаланы киллэриини эмиэ төрдүттэн утарар. Кини төһөнөн нолуок элбиир даҕаны, хомуллуута уустугурарын туһунан этэр. Нолуок сокуоннарыгар уларыйыылар киириилэрэ дойду социальнай климатын мөлтөтөрө табыллыбатын уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар охсуута суох буолуохтааҕын ыйар. Итини таһынан Валентина Матвиенко “күлүк экономика” сектора аччыырыгар нолуок ситимэ ситэриллэн-хоторуллан биэриэхтээҕин туһунан бэлиэтиир.
Дохуоту аахсар көхтөрө намтыан сөп
Ольга Голодец бу кыһын дьоҥҥо-сэргэҕэ эрэмньини үөскэппитин кэнниттэн Российскай Федерация Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Игорь Шувалов дойду нолуогун ситимигэр саҥа сүүрээннэри, ол иһигэр физическэй сирэйдэр НДФЛ-ы төлөөһүннэригэр уларыйыылары 2018 сыл ортотуттан киллэриэхтэрин туһунан бэлиэтээбитэ.
Оттон дойду үбүн министрин солбуйааччы Илья Трунин физическэй сирэйдэр дохуоттарыттан нолуогу тутууга уларыйыылар 2018 сыл кэнниттэн эрэ көрүллүөхтэрин туһунан эппитэ. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, ити боппуруос тула санаа хайдыһыыта бөҕө буолла.
Дойду үбүн министерствотын Коллегиятын чилиэнэ, экономическай наука кандидата Владимир Назаров нолуок төлөбүрүгэр прогрессивнай шкаланы киллэриини төрдүттэн утарар. Кини нолуок ситимигэр итинник уларыйыы киирэр түгэнигэр дьон үлэлиир-хамсыыр, элбэх дохуоту аахсар көҕүн сүтэриэҕин туһунан этэр. Оччоҕо дойду экономикатын сайдыытыгар харгыстар үөскүөхтэрин сөбүн туһунан бэлиэтиир.
Владимир Назаров судаарыстыба соругунан дьадаҥыларга көмөлөһүү буоларын, баайдары кытта охсуһуу буолбатаҕын ыйар. «Судаарыстыба оччо дьадаҥыларга көмөлөһүөҕүн баҕарар буоллаҕына, аадырыстаах социальнай көмөнү оҥордун ээ», — диир кини. Назаров дьадайыыны суох оҥоруу ньыматынан экономика үүнүүтэ буоларын бэлиэтиир. Оттон нолуок төлөбүрүгэр прогрессивнай шкаланы киллэрии итиннэ мэһэй эрэ буолуоҕун туһунан этэр. Кини ити уларытыы баай дьон олох да нолуоктарын төлөөбөт, кистиир балаһыанньатыгар тиэрдиэн сөптөөҕүн туһунан бэлиэтиир. Владимир Назаров Америка миллиардердара бухгалтердарынааҕар кыра нолуогу төлүүллэрин туһунан холобурдары аҕалар.
Норуоту кытта үллэстэр кэмнэрэ кэллэ
Госдума оппозиционнай фракциялара: РЛДП, РФКП уонна «Сиэрдээх Россия» прогрессивнай нолуогу киллэрэр наадалааҕын, баайдар үптэрин-харчыларын норуоту кытта үллэстэр кэмнэрэ кэлбитин туһунан этэллэр. Кинилэр тустаах боппуруоска сокуоннар барылларын бэлэмнээн киллэрбиттэрэ.
Ол курдук, РЛДП бэлэмнээбит сокуонун барылыгар намыһах хамнастаахтар НДФЛ-тан олоччу босхолонуохтаахтарын туһунан ыйыллар. Кинилэр намыһах хамнастаахтарынан ыйга 180 тыһ. солк. диэри аахсар дьону ааттыыллар. Тус бэйэм 100-180 тыһ. солк. намыһах үлэ төлөбүрүгэр кыайан киллэрбэппин (ыырбыт оччо кыараҕас дуу?). РЛДП фракцията 180 тыһ. солк. саҕалаан 2 мөл. 400 тыһ. солк. хамнастаахтарга дохуоттан нолуоктарын 13% хаалларары туруорсаллар. Оттон 100 мөл. солк. диэри дохуоттаах дьонтон нолуоктарын 30%, 100 мөл. солк. үөһэ дохуоттаахтарга 70% оҥоруохха диэн этэллэр.
Итиннэ майгынныыр сокуон барылын «Сиэрдээх Россия» фракциятын депутаттара бэлэмнээбиттэр. Кинилэр ыйга 200 мөл. солк. тахса дохуоттаах гражданнар дохуоттарын быстар аҥаарын бюджекка ыытыахтаахтарын туһунан этэллэр.
Оттон РФКП фракциятын депутаттара 400 тыһ. солк. диэри хамнастаахтарга 13% оннунан хаалларар туһунан этэллэр. 1 мөл. солк. үөһэ үлэ төлөбүрдээх дьоҥҥо дохуоттан 50% нолуогу киллэрэри туруорсаллар.
Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Уаров ааспыт сыллаахха дойду салалтатыгар бу боппуруоһу туруорсубутун эмиэ билэбит. Кини: «Экономикаҕа уустук балаһыанньа үөскээбитинэн, кризиһинэн сибээстээн, баай дьоммут үптэрин-харчыларын норуоту кытта үллэстэр кэмнэрэ үүннэ. Бары сайдыылаах судаарыстыбалар нолуоктарын ситимнэрин ырытан көрдөххө, Нолуогу төлөөһүн прогрессивнай шкалата диэн баар. Тоҕо эрэ, дойду салалтата манна болҕомтотун уурбат. Итинник баай дьонтон нолуогу төлөөһүн баар буоллаҕына, боростуойдук ааҕан-суоттаан да көрдөххө, хамнаһы, пенсияны «ыарыыта суох» икки-үс төгүл улаатыннарыахха сөптөөх», – диэн этэр. Кини ити туһунан соторутааҕыта хаһыаппытыгар эмиэ суруйан турар.
Российскай Федерация социальнай сыһыаннаһыыларга уонна үлэҕэ Академиятын проректора, экономическай наука доктора Александр Сафонов подоходнай нолуок төлөбүрүгэр прогрессивнай шкаланы киллэриини, этэргэ дылы, икки илиитинэн өйүүр. Кини ити уларыйыы киирдэҕинэ, Россияттан ким даҕаны арҕаа дойдуларга куотуо суоҕун туһунан этэр. Онно нолуоктара биһиэнинээҕэр быдан үрдүгүн туһунан бэлиэтиир. Александр Сафонов кытаанах накаастабылы олохтоотоххо, нолуоктан куотунуу, күлүккэ түһүү суох буолуоҕун ыйар. Итиннэ аан дойдуга чуолкай механизмнар баалларын туһунан этэр. Холобур, Америкаҕа нолуогу төлүүртэн куотунар түгэҥҥэр, хаайыллыаххын сөп. Оттон Италияҕа нолуок полицията дохуоккун кистииргин уорбалаатаҕына, саамай үрдүк нолуогу төлөттөрөрүн таһынан, эбии ыстарааптыыр эбит. Дохуоккун кистээбэтэххин дакаастыахтааххын, итэҕэтиэхтээххин. Голландияҕа оннооҕор киһи бэйэтин массыынатыттан корпоративнай массыынаны туһаныыга көстөҕүнэ кытта нолуок ааҕыллар.
Сафонов Россияҕа нолуок төлөбүрүгэр кытаанах хонтуруол баар буоллаҕына, ким даҕаны нолуок төлөбүрүттэн куотунуо суоҕун туһунан этэр. Александр Сафонов прогрессивнай нолуок социальнай өттүнэн сиэрдээҕин тоһоҕолоон бэлиэтиир. Атын нолуоктарга альтернатива буолуоҕун ыйар, намыһах дохуоттаах дьону НДФЛ-тан босхолуур наадалааҕын туһунан этэр. Кини: «Судаарыстыба биир илиитинэн кинилэртэн ыла олорор, атын илиитинэн араас социальнай чэпчэтиилэринэн, эбии төлөбүрдэринэн биэрэ олорор», — диир. Манна логика суоҕун бэлиэтиир. Кини ыйга мөлүйүөн дохуоттаах дьоҥҥо подоходнай нолуок төлөбүрүгэр прогрессивнай шкала киирэрэ наадатын, дохуоттарыттан 20% НДФЛ-га тутуллуохтааҕын туһунан ыйар.
Credit Suisse Research дааннайынан, Россия 10 бырыһыан саамай баай дьонугар дойду дохуотун 89% баарын туһунан Сафонов бэлиэтиир. Америкаҕа ити сыыппара 78%, Кытайга 73% тэҥнэһэр эбит.
Холобурга аҕалар эбит буоллахха, Францияҕа 6 тыһ. евроҕа диэри дохуоттаах гражданнар нолуоктан бүтүннүү босхолоноллор эбит. Оттон мөлүйүөн евроттан үөһэ дохуоттаахтартан 75% тутан ылаллар. Швеция баайдара дохуоттарыттан 56,6%, Израильга 57%, Нидерландыга 52% нолуокка биэрэллэр.
Бастаан менталитеппытын уларытыахха наада
Федерация Сэбиэтигэр прогрессивнай нолуок олоххо киириитин кытта сөпсөспөттөр. Вице-спикер Евгений Бушмин нэһилиэнньэ, оннооҕор ыччат урукку менталитетынан сылдьарын туһунан бэлиэтиир. Ол курдук, нолуок төлөөһүнүгэр прогрессивнай шкала киирдэҕинэ, гражданнартан дохуоттарын туһунан декларация толоруллуута ирдэниллиэҕэ. Оттон үгүстэр итинник докумуону толорорбутугар илиибит-атахпыт барбата баар суол. Итини өрөспүүбүлүкэбитигэр улуус уонна нэһилиэктэр депутаттара декларацияларын толорботох холобурдарыттан көрөбүт. Бушмин этэринэн, прогрессивнай нолуоктаах Америкаҕа дьон декларацияны толороругар көмөлөһөр, сүбэлиир үгүс ахсааннаах идэтийбит налоговай консультаннар баалларын ыйар. Онон кини бастаан менталитеппытын уларытыахпытын наадатын, чугастааҕы 5-6 сылга прогрессивнай нолуок кыайан киирбэтин туһунан этэр.
Прогрессивнай нолуок биһиги дойдуга саҥа сүүрээн буолбатах. Баар практика. Ол курдук, 200 тыһ. солк. диэри дохуоттаахтар 12%, 600 тыһ. солк. тахса хамнастаахтар 40% подоходнай нолуогу төлүүллэрэ. Бу нолуок ситимэ 2001 сыллаахха диэри баара. Хамнаһы «кэмбиэргэ» биэриини тохтотоору итинтэн аккаастаммыттара.
Нолуок төлөбүрүгэр прогрессивнай шкала урут эбэтэр хойут хайаан да олоххо киирэн, билигин дойдуга баар биир сүрүн кыһалҕа – дьадайыы таһымыгар сылдьар нэһилиэнньэ кыаммат араҥата аччааһыныгар далаһанан буолуох этэ дии саныыбын.