599
08 октября 2019 в 10:36
Олорор дьиэни тутуу — инники күөҥҥэ
Дьиэҕэ-уокка наадыйбат киһи диэн суоҕа буолуо. Ким муннукка үтүрүллэн, ыалга кыбыллан олорорун сөбүлүөй. Бэйэ бас билэр дьиэлээх киһи эрэх-турах сананар. Ол эрээри киһи барыта дьиэ атыылаһар, туттар кыаҕа суох.
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр «Кэккэ категория гражданнары дьиэнэн хааччыйыы» уонна «Олорор дьиэ тиийимтиэ буолуута» диэн дьаһаллары олоххо киллэрии туһунан Ил Түмэҥҥэ парламент чааһыгар кэпсэттилэр. Тэрээһини иилээн-саҕалаан Ил Түмэн тутууга, ДьУоКХ уонна энергетикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Ефимов ыытта.
Сүрүн дакылааты тутуу миниистирэ Павел Аргунов оҥордо.
Ханнык категория дьоҥҥо көмө оҥоһулларый?
Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ нус-хас олорорун туһугар, салалта сорох кыаммат араҥаҕа араас бырагырааманы олохтоон көмөлөһөр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ “2018-2022 сс. хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы уонна коммунальнай өҥөнү оҥоруу таһымын үрдэтии” диэн анал бырагыраамалаах. Бу бырагыраама чэрчитинэн уопсайа 12 категория гражданнарга араас хабааннаах көмө оҥоһуллар:
◆ бастатан туран, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы;
◆ эдэр ыалы дьиэлээһин;
◆ 10 уонна онтон да элбэх сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолоох ыалы дьиэнэн хааччыйыы;
◆ 5 уонна онтон да элбэх сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолоох ыалы дьиэнэн хааччыйыы;
◆ тыа оскуолатын учууталларын, үлэһиттэрин, Хоту сиргэ уонна Арктика улуустарыгар медицина эйгэтин үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйыы;
◆ эдэр учууталларга ипотекаларын төлүүллэригэр аадырыстаах көмөнү оҥоруу;
◆ сэрии кыттыылаахтарын, инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэни дьиэнэн хааччыйыы;
◆ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин олорор дьиэнэн хааччыйыы;
◆ байыаннай сулууспаттан тохтообут дьону олорор дьиэнэн хааччыйыы;
◆ радиационнай саахалга уонна катастрофаҕа эмсэҕэлээбиттэри олорор дьиэнэн хааччыйыы;
◆ Уһук Хоту сир оройуоннарыттан көһөн кэлээччилэргэ судаарыстыбаннай олорор дьиэ сертификатын нөҥүө социальнай төлөбүр оҥоһуллар;
◆ социальнай хайысхалаах элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни тутуу.
Биллэрин курдук, бу үөһэ этиллибит социальнай араҥа нэһилиэнньэ уопсай ахсааныгар элбэх бырыһыаны ылар. Эдэр ыаллар сыллата элбии тураллар. Демографияны тупсарыыга үлэ эмиэ күүскэ барар. Маны сэргэ кыаммат-түгэммэт, доруобуйалара мөлтөх дьону өйөөһүн, дьоһуннаах олоҕу хааччыйыы өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду да сүрүн соруга буолар.
Статистика көрдөрөрүнэн
2018 – 2022 сс. бу бырагыраама толорулларыгар уопсайа 6 382 782,5 тыһ. солк көрүллүбүт.
Былааҥҥа 8 530 дьон олорор усулуобуйатын тупсарар сорук турар.
Чуолаан 2018 сылга 1 519 714,3 тыһ. солк. үп көрүллүбүт.
2018 сылга 1 299 дьоҥҥо көмө оҥоһуллубут.
Тутуу миниистирэ иһитиннэрбитинэн бу бырагыраамаҕа үп бэдэрээлинэй бүддьүөттэн көрүллэр, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ эбии үбүлүүр.
Биирдиилээн категория гражданнарга туох көмө, төһө суумаҕа оҥоһулларын Минстрой сайтыгар киирэн көрүөххэ сөп.
Ыйытыылар – хоруйдар
Норуот дьокутааттара Андрей Николаев, Павел Петров, Антонина Григорьева, Феодосия Габышева, Алена Атласова, Алексей Еремеев, Юрий Николаев, Иван Данилов, Евгений Перфильев, Владимир Чичигинаров миниистиргэ чуолкайдыыр уонна мунаарар ыйытыыларын хото биэрдилэр.
— Минстрой дааннайдарын ылан көрдөххө, 2018 сылга бары категория гражданнар бырагыраама иһинэн араас хабааннаах көмөнү ылбыттар. Арай, биэс уонна онтон да элбэх оҕолоох биир да ыалга көмө оҥоһуллубатах.
Итиннэ миниистир маннык хоруйдаата: “Бу дьаһал аҥаардастыы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр буолан, кэккэ кыһалҕалар бааллар. Эһиилгиттэн көрүллэр үп 350 мөлүйүөнүнэн үрдээтэ. Ил Дархан бэйэтинэн бу дьаһал өрөспүүбүлүкэҕэ сүрүннүүр оруоллааҕын бэлиэтээн турар. Онон салгыы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн туругуттан тутулуктаах».
— Ыаллыы сытар дойдулартан үлэлии эбэтэр көһөн кэлэр дьон бу көмөҕө хапсаллар дуо?
Миниистир: «Биллэн турар, олохтоох дьону өйүү сатыыбыт. Ол эрээри кэккэ категорияҕа киирсэр дьону быһа гыммакка өйүүр эбээһинэстээхпит. Чуолаан, тас дойдуттан киирэр дьон испииһэгин муниципальнай тэриллиилэртэн көрдөөн ылыахха сөп».
— Куорат дьиэлэрэ халлааҥҥа харбаһар адьынаттаахтар. Сир-уот тиийбэтэ онно охсор. Оттон куоракка аҕыйах этээстээх дьиэлэри тутуохха сөп дуо?
Миниистир: «Маннык дьиэлэр үксүн тыа сиригэр тутуллаллара оруннаах. Онно уһаайба да көрүллэр, сүөһү-ас ииттиэхтэрин сөп».
— Муниципальнай тэриллиилэргэ уопсай дьиэлэри тутуу хайдах барар?
Миниистир: “Үтүө дьыала” бырагыраама чэрчитинэн эдэр ыалга МТ 8 кыбартыыраҕа тиийэ тутар былааннаахпыт. Маны сэргэ бэдэрээлинэй үптэн социальнай олорор дьиэ тутуутугар харчы көрүлүннэ”.
— Тулаайахтары дьиэнэн хааччыйыы төһө көдьүүстээхтик барар?
Миниистир: «2018 сыллаахха 570 тулаайаҕы дьиэнэн хааччыйдыбыт. Кэлэр сылларга 600 киһини былааҥҥа киллэрдибит. Манна кэккэ кыһалҕалар баалларын бэлиэтиир наада. Саҥа бэдэрээлинэй сокуонунан биир хас да кыбартыыралаах дьиэҕэ 25 %-тан элбэх тулаайах олороро көҥүллэммэт. Бу сокуон маннык араҥаҕа киирсэр дьон социализацияны сөпкө ааһарын туһугар оҥоһуллубута. Ол гынан баран Дьокуускай куорат тутааччылара дьиэлэрин бу категорияҕа киирсэр дьоҥҥо биэриэхтэрин туттуналлар. Кинилэр этэллэринэн, оннук дьиэҕэ атын гражданнар кыбартыыра атыылаһыахтарын баҕарбаттар».
Норуот дьокутааттара бу боппуруоска туспа механизм, саҥалыы көрүү наадатын бэлиэтээтилэр.
Биллэн турар, мантан инньэ кэккэ категория гражданнар олорор усулуобуйаларын тупсарыыга үлэ күүскэ барыахтааҕа, сорох кыһалҕалар ситэри дьүүллэһиини ааһаллара наадата бэлиэтэннэ, мунаах боппуруостарга тустаах министиэристибэттэн ирдэбил көрдүүргэ диэн боротокуолга киирдэ.
Биллэрин курдук, дьиэ-уот боппуруоһа нэһилиэнньэҕэ тыын суолталаах. Онон норуот дьокутааттарын кэккэ араҥаҕа дьиэни-уоту көрүү күүскэ долгутар.
Түмүккэ бэрэссэдээтэл Яков Ефимов өрөспүүбүлүкэ салалтата көмөлөөн үлэлээтэҕинэ, туруорбут соруктары ситэри толорор кыахтаахпыт диэн бэлиэтээтэ: «Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ Арассыыйа Госдуматын дьокутаата Дмитрий Морозов кыттыылаах төгүрүк остуол буолбута. Онно эдэр исписэлииһи – чуолаан медицинэ үлэһитин дьиэнэн-уотунан хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турбута. Онон дьиэ-уот эйгэтигэр киирсэр сорох боппуруостар инники күөҥҥэ тахсаллара ирдэнэр», — диэн тоһоҕолоон эттэ.
Ирина Ханды