479

16 августа 2019 в 12:53

Сиэгэн Күөлгэ, Сэбээн Күөлгэ эмтиир тэрилтэлэр сабыллыахтара суоҕа

 

Ил Түмэн депутата, Саха сиригэр “Биир ньыгыл Россия” партия бэрэссэдээтэлэ Д.Медведев регионнааҕы уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта Елена Голомарева СӨ доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Елена Борисованы кытта көрүстэ. Манна дьоҕус нэһилиэнньэлээх пууннарга, ол курдук Кэбээйи улууһугар Сиэгэн Күөлгэ, Сэбээн Күөлгэ уонна Нерюнгри оройуонугар Чульман бөһүөлэгэр быраас амбулаторияларын сабыы уонна сарбыйыы туһунан сытыы боппуруоһу дьүүллэстилэр, диэн партия пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.


Ити боппуруос ыйыллыбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга олорор дьону олус долгутар. Холобур, Чульман бөһүөлэгэр олохтоох пенсионер Николай Оглинда балыыһа сабыллыан сөбүттэн дьиксинэр. Итиниэхэ Елена Борисова хас сыл аайы Нерюнгри оройуонугар айанныырын, туох уларыйыы тахсарын барытын билэрин итиэннэ Чульман бөһүөлэгэр быраас амбулаторията үлэлии хаалыаҕын, арай юридическай өттүнэн Нерюнгритааҕы киин оройуоннааҕы балыыһаҕа холбонуоҕун эттэ.
Итини сэргэ быраастар тиийбэттэрин уонна эмтиир пууннар састааптарыгар медсестралар эрэ баалларын, ол медицинскэй өҥөлөр хаачыстыбаларыгар охсорун туһунан кэккэ этиилэр бааллар.
Сиэгэн Күөл уонна Сэбээн Күөл сэлиэнньэлэригэр хас биирдии амбулаторияҕа 18 үлэһит көрүллэр, билигин бу нэһилиэнньэлээх пууннарга саҥа балыыһалары тутуу боппуруоһа көтөҕүллэр. Сарбыйыы, сүнньүнэн, вакантнай миэстэлэри эрэ таарыйыаҕа, маныаха эмп үлэһиттэрин сүрүн штата оннунан хаалыаҕа, онон бүгүн Арктикатааҕы уонна хотугу оройуоннарга үлэһиттэри сарбыйыы туһунан боппуруос турбат.
Биирдиилээн исписэлиистэри кытта көһө сылдьан медицинскэй көрүүнү ыытар тэрилтэ үөскүөҕэ. Ити исписэлиистэр, бигэргэммит график быһыытынан, ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга дьоҥҥо медицинскэй көрүүнү ыытар сыалтан “доруобуйа рейдэлэрин” оҥоруохтара. Кэнэҕэс телемедицина нөҥүө сүбэ-ама биэрии олоххо киллэриллиэҕэ. Номнуо балаҕан ыйыгар үлэтин саҕалыыр телемедицина пууна Саха сиригэр Арктика оройуоннарын хааччыйыаҕа.
2020 сыл балаҕан ыйын 1 к. диэри киин уонна соҕуруу оройуоннарга медицинскэй өҥөлөрү оҥоруу толору уларытыллыыта барыаҕа, 2022 сылга – хотугу улуустарга, маныаха медицинскэй пууннар быраастарын штатын хайдах да таарыйыа суоҕа. Инньэ гынан, медицинскэй өҥөлөрү оҥоруу хаачыстыбата үрдүүрэ, медицинскэй пууннар техническэй өттүнэн хааччыллыылара тупсара, эмп үлэһиттэрин хамнаһа улаатара сабаҕаланар, ону сэргэ Саха сирин олохтоохторугар улахан суолталаах түгэнинэн Дьокуускайга кардиологическай киини уонна онкология киинин аһыы буолуохтара.
«Биһиги үгүс боппуруостары дьүүллэстибит, олортон биирдэстэрэ – Саха сирин киһи тиийэригэр уустук суоллаах оройуоннарыгар анаан гериатрия куойкаларын тэрийии. Судаарыстыба политиката — бу Арктика туруктаах сайдыыта! Онон биһиги Саха сирин Арктикатааҕы уонна хотугу оройуоннарыгар быраас амбулаторияларын үлэһиттэрин сарбыйыа суох тустаахпыт», – диэтэ Саха сиригэр “Биир ньыгыл Россия” партия бэрэссэдээтэлэ Д.Медведев регионнааҕы уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта Елена Голомарева.

СИА

Поделиться