565

04 мая 2019 в 17:34

Киһи бырааба көмүскэллээх буолуохтаах

Саха Өрөспүү­бүлүкэтин алтыс ыҥы­рыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) сэттис пленарнай мунньаҕар уопсайа 37 боппуруос көрүлүннэ.

 

Сокуоннайа суох миграцияны утары уурааҕы бүтэһиктээх ааҕыыга ылыннылар

Айдааннаах миграннары уолдьуганныыр “Саха Өрөспүү­бүлүкэтигэр судаарыстыбаннай миграционнай бэлиитикэ боппуруостарын олоххо киллэриини күүһүрдэр туһунан” уурааҕы бүтэһиктээх ааҕыыга ылыннылар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ тахсыбыт араас сиэрэ суох быһыы-майгы бу уурааҕы ыларга күһэйдэ. Бу уураах миграцияҕа бэлиитикэни тэрийэргэ уонна легальнайа суох миграцияны хонтуруоллуурга суол­тата улахан.

 

Үлэ булалларыгар уустуктары көрсөр дьоҥҥо квота көрүллүө

 

«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ булалларыгар уустуктары көрсөр дьоҥҥо үлэ миэстэтин квоталааһын туһунан» сокуон бүтэһиктээх ааҕыыны ааста.

Сокуон барылын бырабыыталыстыба киллэрбитэ. Сүрүн дакылааты Дьарыктаах буолуу Госкомитетын бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин оҥордо. Кини этэринэн маннык миэрэ социальнай адаптацияны ааһа илик дьоҥҥо улахан көмө буолуоҕа. Норуот дьокутааттара бу сокуону өйөөтүлэр. Төһөтүн да иһин маннык балаһыанньалаах дьон өйөбүлгэ наадыйар. Онон сыыйа-баайа дьон сиэринэн олорорго көмөлөһөр сокуоннары өйүөх тустаахпыт диэн быһаардылар.

Сокуоннай сааһын ситэ илик уонна хаайыыттан босхоломмут дьон үлэ буларыгар үгүс күчүмэҕэйдэри көрсөрө баар суол. Онон социальнай реабилитацияны ааһарга хаайыыттан босхоломмуттарга уонна сокуоннай сааһын ситэ илик ускул-тэскил сылдьар ыччаттарга үлэ булалларыгар бу сокуон төһүү күүс буолуохтаах. Итиэннэ мантан инньэ бу сокуон 3 ыстатыйатын 1 чааһынан үлэ миэстэтин квотатын түҥэтиигэ икки уонна онтон да элбэх сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону иитэр аҥардас уонна элбэх оҕолоох төрөппүттэри, итиэннэ инбэлиит оҕолоохтору киллэрэргэ диэн этиллэр.

 

Парламент 18 сокуону, 11 уурааҕы ылынна. 5 сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааста. Норуот дьокутааттара икки сокуон барылын, итиэннэ биир уураах барылын утардылар.

 

Киһи быраабыгар боломуочуйалаах үлэтэ күүһүрүөхтээх

 

Саха Өрөспүү­бүлүкэтин алтыс ыҥы­рыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) сэттис пленарнай мунньаҕар Саха сиригэр киһи быраабыгар боломуочуйалаах  2018 с., ылга ыыппыт үлэтин дакылаатын туһунан уурааҕы көрдүлэр. Ол курдук, киһи быраабыгар боломуочуйалаах Сардана Гурьева үлэтин туһунан Ил Түмэн судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтигэр муус устар 18 күнүгэр дакылааттаабыта. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев этэринэн, омбудсмен үлэтин кэмитиэт үчүгэй көрдөрүүлээх диэн сыаналаабыт.

Дааннайдар этэллэринэн, 2018 сыллаахха 1999 үҥсүү киирбит. Олортон чуолаан киһи быраабыгар боломуочуйалаахха – 1074, улуус-улуус аайы баар омбудсмен бэрэстэбиитэллэригэр – 925.

Былырыын гражданнар тус боппуруостарыгар күн аайы көрсүһүү ыытыллыбыт, үҥсүүгэ миэстэтигэр тиийэн туохтан мөккүөр тахсыбытын быһаарбыттар. Онон 554 үҥсүү көрүллүбүт. Дьиэ-уот быраабыгар 272 үҥсүү киирбит. Үлэ быраабын кэһиигэ, холуобунай дьыалаҕа, быраабы көмүскүүр уорганнар аадырыстарыгар, хаайыыга тахсар кэһиилэргэ элбэх үҥсүү куруук киирэ турар. Итиэннэ социальнай харалтаҕа уонна пенсиянан  хааччыйыыга сыһыаннаах үҥсүү эмиэ баар.

Ол да буоллар 2017 сыл­лаа­ҕыны кытта тэҥнээтэххэ, суут быһаарыытын, бириигэбэрин кытта сөпсөспөт буолуу быдан аҕыйаабыт. Маны сэргэ правовой информация, сири-уоту, учаастагы бэйэ бас билиитигэр биэриигэ тахсар кэһиилэр эмиэ көҕүрээбиттэр.

Арай гражданство уонна миграция, паспортнай остуол уонна визовай режим боппуруос­тарыгар үҥсүү 29,2% элбээбит.

Омбудсмен этэринэн хас биирдии үҥсүүнү быһа гыммакка, туһааннаах үлэ барбыт. 1003 үҥсүүгэ суругунан уонна тылынан быһаарыыны биэрбиттэр.

Сардана Гурьева туспа категориялаах дьон социальнай көмүскэллээх уонна өйөбүллээх буолалларыгар бырааптарын туһаналларыгар Ил Түмэн туспа өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон барылын оҥороро буоллар диэн этии киллэрдэ. Ол курдук, ускул-тэскил сылдьар, умналаһар дьон кыһалҕатын, итиэннэ хаайыыттан босхоломмут дьон олоҕун оҥосторугар бу сокуон оруола улахан буолуо этэ диэтэ. Бу этиини норуот дьокутаата Валерий Лютый  өйөөтө.

Норуот дьокутааттара киһи быраабыгар боломуочуйалаах үлэтин билсэн баран, бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр. Ол курдук, Михаил Гуляев омбудсмен үлэтин үрдүктүк сыаналаата. Өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох олорор дьону буларга туһуламмыт уураах барылын оҥорорго диэн этии киллэрдэ.

Ил Түмэн сэттис уочараттаах пленарнай мунньаҕар ылыллыбыт сокуоннар үксэ өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар уларытыы уонна көннөрүү киллэрэр, итиэннэ Арассыыйа сокуоннарыгар тэҥнээһин быһыытынан киирбит докумуоннар буолаллар.

Түмүккэ Спикер Петр Гоголев Саха сирин олохтоохторун кэлэн иһэр бырааһынньыктарынан — Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн, парламент 25 сыллаах үбүлүөйүнэн, Арассыыйа парламентаризмын күнүнэн уонна православнай итэҕэллээхтэри Улуу Пасханан эҕэрдэлээтэ.

 

Ирина Ханды

 

Поделиться