1085
31 июля 2017 в 11:10
Александр Жирков: “Сокуоҥҥа көннөрүүлэри сиһилии көрөн оҥоруохха”
От ыйын 20 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дума «уһук илиҥҥи гектар» туһунан сокуоҥҥа Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ бэлэмнээбит көннөрүүлэрин үһүс, бүтэһик ааҕыыга көрдө. Ол түмүгүнэн сокуон барыла биир санаанан ылылынна.
Бу министиэристибэ киллэрбит көннөрүүлэрин бастакы бөлөҕөр бултуур сиргэ-уокка, ойуур сиригэр уонна сир аннынааҕы учаастакка киирсэр «бэриллибэт» сирдэри быһан туран, «уһук илиҥҥи гектарга» бэриллэр сири балайда кэҥэтэр туһунан этиллэр.
«Сир 75 бырыһыаныттан ордуга «уһук илиҥҥи гектарга» бэриллибэт. Сорох регионнарга бу 88 бырыһыаҥҥа тиийэр. Ол үксэ бултуур сир-уот буолар», – диир Россия Федерациятын Уһук Илини сайыннарыыга миниистирэ Александр Галушка.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин спикерэ Александр Жирков «уһук илиҥҥи гектар» туһунан сокуон барыла Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатыгар иккис уонна үһүс ааҕыыларга көрүллүөн иннинэ «Биир ньыгыл Россия» Бүтүн Россиятааҕы политическай партия парламеннааҕы фракциятын салайааччытын, Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Владимир Васильевы кытта көрсүһүүтүгэр бу сокуон барыла Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатыгар, хомойуох иһин, регионнар парламеннарын «каникулларын» кэмигэр тиэтэлинэн көрүллэн эрэрин, итиэннэ ол субъектар сөптөөх көннөрүүнү уонна уларытыыны, бэйэлэрин тустарын аахсан туран, ымпыктаан-чымпыктаан оҥороллоругар уонна Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕар тус санааларын туруулаһалларыгар кыаҕы биэрбэт диэн бэлиэтээн эттэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин отутус (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ дьокутааттара бултуур сиргэ-уокка сир учаастагын биэриини утаралларын биллэрэн «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уонна «Хамсаабат баайы-дуолу судаарыстыбаннай регистрациялааһын туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр туһунан» 188813-7 №-дээх федеральнай сокуон барылын төттөрү ыҥырар туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уурааҕын ылыммыттара уонна Судаарыстыбаннай Думаҕа ыыппыттара. Маныаха Саха сирин дьокутааттара 119 №-дээх Федеральнай сокуон 7 ыстатыйатын 16 пуунун саҥа эрэдээксийэтин быһыытынан, бу сир учаастагар булт объегын тутуу бултуур сир-уот чэрчитигэр сир учаастагын гражданнарга босхо туһаныыга биэриини аккаастыырга төрүөт буоларын бэлиэтээбиттэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 365 булдунан дьарыктанааччы баарыттан 362-тэ хамсаабат баай-дуол Уопсай судаарыстыбаннай реестрыгар регистрацияламматах уонна аһаҕас кадастр картатыгар көрдөрүллүбэтэх бултуур сиргэ-уокка уһун болдьохтоох лицензиянан бултууллар. Маннык быһыы-майгы сир уонна ойуур учаастагын лицензияҕа олоҕуран түүлэһии сокуонунан көрүллүбэтэх буолан үөскүүр. Ону таһынан, урут бэриллибит уһун болдьохтоох булт лицензиятын булт сөбүлэһиитигэр уларытыы Россия Федерациятын Конституционнай Суутун 2015 сыл бэс ыйын 25 күнүнээҕи 17-П №-дээх уурааҕынан күн бүгүҥҥэ диэри бобуулаах буолан, ойуур учаастагын түүлэһии дуогабара кыайан түһэрсиллибэт.
Ол курдук, бултуур сир-уот чэрчитигэр уруккуттан баар сир учаастагын 119 №-дээх Федеральнай сокуон балаһыанньатыгар сөп түбэһиннэрэн босхо туһанар, түүлэһэр эбэтэр бас билэр быраапка уларытан биэрии ньымата билигин үлэлиир сокуоннарынан көрүллүбэт.
Ол иһин Саха сирин дьокутааттара ФС-119 №-дээх Федеральнай сокуон 7 ыстатыйатын 16 пуунун саҥа эрэдээксийэтэ булдунан дьарыктанааччылар бултуур сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга хайдах баҕарар көрүҥүнэн туһаналларыгар биэрии булдунан дьарыктанааччылар бырааптарын хааччахтыыр уонна федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэспэт, итиэннэ булдунан дьарыктанааччылар бырааптарын кэһэр диэн түмүккэ кэлбиттэрэ.
2017 сыл от ыйын 19-20 күннэригэр Судаарыстыбаннай Дума пленарнай мунньаҕар регионнартан киирбит элбэх көннөрүү көрүллэн, сокуон барыла булчуттар даҕаны, сири ылыан баҕалаах гражданнар даҕаны санааларын аахсан туран ылыныллыбыта.
«Россия Федерациятын олохтоохторо бултуур сиргэ-уокка «уһук илиҥҥи гектары» хонтуруола суох ылыахтара диэн дьиксинэр санаа баара. Иккис ааҕыыга киллэриллэр сокуон барыла быһыллыбат-бэриллибэт бултуур сирдэрин булчуттар бэйэлэрэ быһааралларыгар кыаҕы биэрэр. Ол эбэтэр булт хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дьон бэриллибэт сири-уоту регионнар былаастарын кытта сөбүлэһиннэрэн туран быһааралларын көрөр. Онон бу боппуруоһу быһаарар нуорма сүрүннэннэ», – диэн бэлиэтиир Судаарыстыбаннай Дума айылҕа баайыгар, бас билиигэ уонна сир сыһыаннаһыыларыгар кэмитиэтин чилиэнэ Константин Слыщенко.
Судаарыстыбаннай Дума айылҕа баайыгар, бас билиигэ уонна сир сыһыаннаһыыларыгар кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев этэринэн, сокуон барылын бастакы эрэдээксийэтигэр бултуур сиргэ-уокка сир учаастага гражданнарга хааччаҕа суох бэриллэрэ көрүллүбүтэ. Судаарыстыбаннай Дума дьокутаата: «Араас санаа бары өттүттэн дьүүллэһиллэн биир сүрүннээх түмүк оҥоһулунна. Киллэриллибит сокуон барылын эрэдээксийэтинэн быһыллыбат-бэриллибэт бултуур сирдэрин булчуттар бэйэлэрэ быһааралларыгар быраап бэриллэр. Онуоха Россия Федерациятын субъега бу маннык сир-уот муҥутуур улахан иэнин олохтуур бырааптаах», – диэн быһааран эттэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспата.