742

13 ноября 2015 в 16:04

«Биир ньыгыл Россия» форума

Москваҕа бу күннэргэ «Биир ньыгыл Россия» партия олохтоох салааларын Бүтүн Россиятааҕы форума үлэтин саҕалаата. Дискуссионнай площадкаларга Россияҕа бастакытын ыытыллар маннык форматтаах бүтүн федеральнай урутаан куоластааһыны тэрийии уонна коррупцияны утары сокуоннарга алтынньы бүтүүтүгэр ылыллыбыт көннөрүүлэр тустарынан дьүүллэһиэхтэрэ.

Форумҥа “Биир ньыгыл Россия” лидерэ, Россия Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев дакылаат оҥоруоҕа.
Саха сирин делегациятыгар өрөспүүбүлүкэ улуустарын 35 олохтоох салаатын салайааччылара киирдилэр.

Поделиться