1009

20 января 2018 в 12:36

Быыбар дуу, референдум дуу?

УҺУЛУЧЧУ КҮҮСТЭЭХ, ЧОРБОЙОР КАНДИДАТ БААР ТҮГЭНИГЭР

Владимир Путин быыбарга кыттыа дуо? Россияҕа дьахтар президеннэниэхпитин сөптөөх дуо? Путин преемнигынан кими бэлэмнээбитэ буолуой? Кини кыттар буоллаҕына, партияттан барыа дуу, эбэтэр бэйэтин бэйэтэ туруорунуо дуу диэн мунан-тэнэн бүттүбүт.

 

Ааспыт сыл ахсынньы 6 күнүгэр Нижнэй Новгородка Горьковскайдааҕы массыыналары оҥорор собуот үлэһиттэрин кытта көрсүһүүгэ Владимир Путин дойду Президенин быыбарыгар кыттарын туһунан дьонсэргэ иннигэр иһитиннэрбитэ.

 

Кимнээх кыттыахтарын сөбүй?

Биллэрин курдук, ахсынньы 18 күнүгэр дойду Президенин быыбарын хампаанньата официальнайдык саҕаламмыта. Кандидаттар үс ый устата илии баттааһыны хомуйуохтаахтар, партиялар съезтэрэ, быыбардааччылар бөлөхтөрүн мунньаҕа кинилэри өйүөхтээхтэр, ол кэннэ докумуоннарын хомуйаннар Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа туттарыахтаахтар, аҕытаассыйалыыр үлэлэрин ыытыахтаахтар. Бу саас буолар быыбар күнэ Крым уонна Севастополь Россияны кытта холбоспут күнүн (4 сылын) кытта сөп түбэспитин бэлиэтиибин. Кандидаттары регистрациялааһын ааспыт сыл ахсынньы 27 күнүттэн саҕаламмыта уонна ити процедура тохсунньу 31 күнүнэн түмүктэниэҕэ. Россия Президенин быыбара ыытыллыытыгар федеральнай бюджеттан 14,9 млрд солк. тыырылынна. Тустаах быыбарга кимнээх кыттыахтарын сөбүй? Отут биэстэриттэн үөһэ саастаах, урукку өттүгэр сууттана сылдьыбатах хайа баҕарар киһи быыбарга кыттыыны ылар бырааптаах.

Кандидаттар билиннилэр

Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Элла Памфилова иһитиннэрбитинэн, 17 кандидат быыбарга кыттарын туһунан биллэрбит. Кинилэр истэригэр Владимир Жириновскай, Григорий Явлинскай, Ксения Собчак, РФКП партияттан Ленин аатынан совхоз дириэктэрэ Павел Грудинин курдук биллэр-көстөр дьон баар. Бастаан утаа 46 киһи бэйэлэрин туруоруналларын уонна 24 партия кандидаттары туруорарын туһунан иһитиннэрбиттэр. Итилэртэн сиидэлэнэн-сиидэлэнэн, кэлин тиһэҕэр 17 кандидат хаалбытын бэлиэтиибин. Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэйэлэрин туруоруммут 15 кандидаттан иккитигэр эрэ быыбар анал счетун аһалларыгар уонна илии баттааһыны хомуйалларыгар көҥүл биэрбит. Ол курдук, Владимир Путиҥҥа уонна Российскай Федерация үтүөлээх айааччытыгар, Кострома уобалаһын Думатын депутатыгар Владимир Михайловка. Атын кандидаттар кандидатураларын туруорунууга сыыһалара-халтылара, кэһиилэрэ элбэх буолан, быыбарга кыайан кыттыбат буолбуттарын туһунан санатабын. Оттон партиялартан туруохтаах 14 кандидакка Киин быыбардыыр хамыыһыйа анал счет аһалларын уонна илии баттааһыны хомуйалларын көҥүллээбитэ. Билиҥҥи кэмҥэ Павел Грудинин (РФКП), Владимир Жириновскай (РЛДП), Григорий Явлинскай («Яблоко»), Эльвира Агурбаш («Альянс зеленых»), Сергей Бабурин («Российский общенародный союз»), Екатерина Гордон (Партия добрых дел), Станислав Полищук (Партия социальных реформ), Ксения Собчак («Гражданская инициатива»), Максим Сурайкин («Коммунисты России»), Борис Титов (Партия роста), Роман Худяков («Честно»), Наталья Лисицына («Ротфронт»), Антон Баков (Монархическая партия России), Михаил Козлов (Партия социальной защиты) быыбардыыр фондаларын тэриммиттэр. Кинилэртэн Владимир Жириновскайтан уонна Павел Грудининтан уратылар, бары илии баттааһыны хомуйаллара наадалаах. Ити кандидаттар хайы-үйэ регистрацияламмыттарын бэлиэтиибин. Григорий Явлинскай тустаах быыбарга кыттарын туһунан өссө 2016 сыллаахха, оттон Владимир Жириновскай сыл анараа өттүгэр партиятын съеһигэр иһитиннэрбиттэрэ. «Сиэрдээх Россия» партия уонна кини лидерэ Сергей Миронов туох эрэ соһуччу түгэни бэлэмнии сылдьар быһыылаах диэн үгүстэр көһүппүттэрэ. Бу партия хойукка диэри тугу да саҥарбакка сылдьан баран, съеһигэр Владимир Путины өйүүрүн туһунан иһитиннэрдэ. Ордук ыччат өйөбүлүнэн туһанар блогер Алексей Навальнай президент быыбарыгар кыттарын туһунан хаста да иһитиннэрэн уонна соторутааҕыта быыбар иннинээҕи бырагырааматын бэчээттээн турардаах. Ол эрээри «Кировлес» дьыалатыгар сууттана сылдьыбыт буолан, тустаах быыбарга кыттарыгар кыайан көҥүлү ылбата. Дойду Президенигэр кандидат буолар туһугар төһө илии баттааһына хомуллара нааданый? Бэйэлэрин туруоруммут дьон 300 тыһыынча, парламеҥҥа киирбэтэх партиялартан кандидаттар 100 тыһыынча илии баттааһыны хомуйуохтаахтар. Кинилэр докумуоннарын уонна илии баттааһыннары тохсунньу 31 күнүгэр киэһэ 18 чааска диэри Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа туттарыахтаахтар. Ити докумуоннар уон күн иһинэн бэрэбиэркэни ааһыахтара. Онон олунньу 10 күнүгэр Российскай Федерация Президенин быыбарыгар чопчу ханнык кандидаттар кытталлара биллиэҕэ.

 

Билигин аан дойду отуора хамсаабыт кэмигэр судаарыстыбаҕа күүстээх лидер наада. Быыбар хаамыытын атын тас дойдулар кыраҕытык кэтии­маныы олороллоро чуолкай. Сыыһа­халты туттар түгэммитигэр олохпут­дьаһахпыт отуора алдьаныан сөп. Итини Украина холобуруттан эрэ буолбакка, 90­с сылларга бэйэбит эппитинэн­хааммытынан амсайан турабыт.

 

Итэҕэйии, эрэнии

Дойду Президенэ Владимир Путин быыбарга кыттарын туһунан иһитиннэрбитигэр быыбар референдумҥа кубулуйуоҕун туһунан эппиттэрэ. Кинилэр сөпкө этэллэрин туһунан бэлиэтиибин. Быыбар дуу, референдум дуу? Биллэн турар, быыбар — быыбар курдук ыытыллыаҕа. Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Элла Памфилова дойду Президенин быыбара чиэһинэй, дьэҥкир буолуоҕун, онно тустаах сокуоннар ситэн-хотон туралларын бэлиэтиир. Ол эрээри экспердэр Россия Президенин быыбарыгар Владимир Путин кыттар түгэнигэр, быыбар референдум характерданыаҕын туһунан бэлиэтээбиттэрэ. Оттон быыбар иннинээҕи хампаанньа кандидаттар икки ардыларыгар илин-кэлин түсүһүү буолбакка, бу үрдүк дуоһунаска өр үлэлээбит, уопсастыбаҕа күүстээх дьайыылаах кандидакка итэҕэйии, эрэнии сценарийынан барыаҕын ыйаллар.
Кырдьык, тустаах кандидаты дойдуга эрэ буолбакка, тас судаарыстыбаларга үчүгэйдик билэллэр, ытыктыыллар, күүстээх политик быһыытынан сыаналыыллар. Уһулуччу күүстээх, чорбойор кандидат баар буоллаҕына, хайа баҕарар быыбар референдум курдук ыытылларын бэлиэтиибин. Владимир Путин кандидатуратын дойду икки улахан политическай партията: «Биир ньыгыл Россия» уонна «Сиэрдээх Россия» өйүүллэрин биллэрдилэр. Социологическай ыйытык да түмүгүнэн Владимир Путин атын кандидаттартан ырааҕынан чорбойор.

Быыбардааччылар актыыбынайдык кыттыахтарын наада

Манна атын боппуруос күөрэйэн тахсар. Быыбарга дьон-сэргэ актыыбынайдык кыттыан наада. Куоластыырга толору усулуобуйа тэрилиннэ. Ол курдук, атын сиргэ барбыт киһи открепительнай толуона суох, Төрүт Сокуонунан бэриллибит быраабынан туһаныаҕа. Эрдэттэн чугастааҕы быыбардыыр учаастакка сайабылыанньа суруйуон эрэ наада. Урукку өттүгэр открепительнай толуона суох кыайан быыбардаабат этибит. Экспердэр быыбарга кыттыыга дойду политическай партиялара улахан оруоллаах буолуохтарын бэлиэтииллэр. Биллэрин курдук, билигин аан дойду отуора хамсаабыт кэмигэр судаарыстыбаҕа күүстээх лидер наада. Быыбар хаамыытын атын тас дойдулар кыраҕытык кэтии-маныы олороллоро чуолкай. Сыыһа-халты туттар түгэммитигэр олохпут-дьаһахпыт отуора алдьаныан сөп. Итини Украина холобуруттан эрэ буолбакка, 90-с сылларга бэйэбит эппитинэн-хааммытынан амсайан турабыт.

Поделиться