1115
18 августа 2017 в 14:33
Индонезия ааспыт уонна бүгүҥҥү кэмэ
Индонезия аан дойдуга саамай элбэх нэһилиэнньэлээх мусульманскай судаарыстыба буолар. Ислам тарҕаммыт континенын саамай илиҥҥи өттүгэр сытар дойду билигин экономиката күүскэ сайда турар. Дойдуну олохтообут дьон бэйэлэрин кэмнэригэр светскай былааһы талбыт буоланнар, билигин Индонезия терроризм кутталын кытта улаханнык харсыһа илик.
Историяттан
XV үйэҕэ Европаҕа араас тума (специи) көмүскэ тэҥнэнэр этэ. Индияттан, Кытайтан Солко суолунан кэлэр дьикти ас аҕыйах уонна сыаната үрдүк этэ. Бу туманы элбэхтик уонна чэпчэкитик таһаары португалецтар, испанецтар, французтар Индияҕа муоранан тиийэр суолу арыйа сатыыллара. Христофор Колумб Индияны көрдүү сылдьан алҕас Американы арыйбыта, онтон португалец Васко да Гама Африканы эргийэн Индияҕа тиийбитэ. Мантан ыла колониальнай кэм саҕаламмыта.
Индонезия сиригэр бастакы колониялары португалецтар XVI үйэ саҕаланыыта олохтообуттара, ол эрэн бэрт түргэнник манна голландецтар кэлбиттэрэ. Аҕыйах сыл иһигэр португалецтары үтүрүйэннэр кыраайы баһылаан барбыттара. Билиҥҥи Индонезия сирин голландецтар ХХ үйэ саҕаланыыта бииргэ түмпүттэрэ. Бастакы Аан дойду сэриитэ, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ, улуу империялар суох буолуулара нэһилиэнньэ национальнай өйүгэр-санаатыгар улахан оруолу оонньообуттара. Бастакы политическай холбоһуктар тэриллибиттэрэ, коммунистическай партия үөскээбитэ. Тутулуга суох буолуу иһин хамсааһыннар саҕаламмыттара. Ол эрэн Голландия былааһа өссө даҕаны күүстээх этэ. Иккис аан дойду сэриитэ саҕаламмытын уонна Нидерланды бэйэтэ оккупацияҕа түбэспитин кэннэ балаһыанньа тосту уларыйбыта. Бастаан нейтральнай дойду, Гитлер киниэхэ саба түспүтүн кэннэ сэриигэ кыттыспыта. Манан дьоппуоннар туһанан, кылгас сэрии кэннэ Индонезияны бас билбиттэрэ.
Дьоппуоннар, колониальнай былаастарга холоотоххо, олохтоох дьоҥҥо сыһыаннара ордук этэ. Сэрии бүтүүтэ, 1945 сыллаахха Япония колониальнай былаастара Индонезияны көҥүл ыытар туһунан быһаарыыны ылыммыттара. Дьоппуоннар капитуляциялаабыттарын кэннэ, өйүүҥҥү күнүгэр Индонезия суверенитетын туһунан аан дойдуга биллэрбитэ. Ол эрэн сэрии кэннэ төннүбүт голландецтар маны кытта сөпсөспөккөлөр сэбилэниилээх утарсыыны саҕалаабыттара. Индонезия уонна Голландия сэриитэ 1950 сылга дылы салҕаммыта. Сэрии түмүгүнэн Индонезия толору тутулуга суох буолбута. Мантан ыла дойду саҥа историята саҕаланар.
Уопсай сибидиэнньэлэр
Индонезия — бу өрөспүүбүлүкэ, кини баһылыгынан президент буолар. Дойду үрдүкү сокуону таһаарар уоргана — Народнай сүбэлэһэр конгресс.
Индонезия 34 административнай единицаттан турар.
Нэһилиэнньэтин ахсаанынан (255 461 700 киһи) аан дойдуга төрдүс миэстэлээх. Дойдуга мөлүйүөнү аһарар киһилээх 12 куорат баар, олортон бөдөҥнөрө: Джакарта (киин куорат), Сурабая, Бандунг, Бекаси, Медан уонна Тангеранг.
Индонезияҕа 760-тан тахса араас норуот олорор. Кинилэр сайдыы араас түһүмэҕэр сылдьаллар. Былыргы община тутулугар олорор биис уустар кытта бааллар, сорох норуоттар сири оҥорууну билбэттэр итиэннэ булдунан эрэ дьарыктаналлар. Индонезияҕа папуастар да, арыыттан арыыга көһөн олорооччулар да бааллара биллэр.
Индонезия — бөдөҥ мусульманскай судаарыстыба. Олохтоох нэһилиэнньэ баһыйар үгүс өттө ислам итэҕэлин ылыммыт. Христианнар ахсааннара дойдуга 10% кэриҥэ, ону сэргэ индуистар, буддистар уонна конфуцианецтар бааллар.
Судаарыстыбаннай тыл — индонезийскай. Ону сэргэ яванскай, кытай тыллара, английскай тыл тэнийбиттэр.
Итэҕэл
Индонезия 260 кэриҥэ мөлүйүөн нэһилиэнньэтин 88 бырыһыана мусульманнар, бу көрдөрүү аан дойдуга саамай үрдүк буолар. Судаарыстыбаннас бастакы сылларыгар, дойду бастакы президенэ Сукарно “Панча Сила” диэн идеологияны ылыммыта. Саҥа идеология дойдуга биэс принциби киллэрбитэ:
1. Биир таҥараҕа итэҕэл
2. Цивилизованнай үтүө быһыы
3. Биир ньыгыл дойду
4. Бэйэ-бэйэни өйөһөр, өйдөһөр, дьон тылын истэр политикаҕа олоҕурар демократия
5. Индонезия олохтоохторун барыларын тэҥҥэ тутуу
“Панча Сила” бастакы уонна сүрүн принцибинэн салайтаран светскай судаарыстыба олохтоммута. 1965 сыллаахха итэҕэл туһунан сокуон сүнньүнэн ислам, протестанство, католичество, индуизм, буддизм уонна конфуцианство бары тэҥ өйөбүлү ылбыттара. Нэһилиэнньэ үгүс өттө ислам суннизм салаатыгар итэҕэйэр, ол эрэн биир мөлүйүөн кэриэтэ шииттар бааллар. Бэтэрээ илин региоҥҥа шииттар уонна сунниттар өлөр өстөөхтөр буоллахтарына, манна бэрт эйэлээхтик, сэргэстэһэ олороллор. Джакартаҕа оннооҕор шииттар уонна сунниттар богословскай сэбиэттэрэ үлэлиир.
Халифат уонна Индонезия
“Ислам судаарыстыбата” бэйэтин сабыдыалын аан дойдуга барытыгар тарҕата сатыыр. Кини Иракка, Ливияҕа уонна Сирияҕа буола турар гражданскай сэриилэринэн туһанан билигин бөдөҥ күүс буолан турар. Ньиэп харчытынан кини үлэтин атын регионнарга бэрт ситиһиилээхтик тарҕатар. Ыаллыы сытар Филиппиныларга баччааҥҥа дылы исламистар бастаанньаларын хам баттыы сатыыллар. Индонезия кыраныыссаларыгар терроризм уонна халифат куттала чугаһаан иһэр.
Бу дойду инникитэ төһө даҕаны кутталлаах курдук көстөрүн үрдүнэн, нэһилиэнньэ улахан аҥаара судаарыстыба ыытар политикатын өйүүр эбит. Ол курдук ыам ыйыгар ыытыллыбыт ыйытыкка нэһилиэнньэ 80 бырыһыана “Ислам судаарыстыбатын” өйөөбөттөрүн туһунан биллэрбиттэрэ, өйүүр дьон ахсаана 3 бырыһыантан тахсыбат эбит.
Ол эрэн бу исламскай демократия кыайбыт дойдутугар, балаһыанньаны хамната сатыыр дьон эмиэ бааллар. Биирдэстэринэн Хабиб Ризек диэн киһи буолар. Кини 1998 сыллаахха “Исламы харыстыыр фрону” тэрийбитэ. Билигин “фронтовиктар” ахсааннара тыһыынчанан уонна сыл ахсын элбээн иһэр. Бу дьон ыам ыйыгар Джакарта баһылыгын Басуки Чахай Пурнаманы (итэҕэлинэн христианин, омугунан кытай) былаастан туораппыттара уонна хаайыыга укпуттара. Пурнама быыбар кэмигэр, утарсааччыларын Корантан ылыллыбыт суруктарынан туһанан, кинини быыбартан туората сатыыллар диэн эппиэттээбитэ. Ризек дьоно мэр тылларын туора-маара тутаннар, кини Кораны үөхпүтүн курдук оҥороннор, өстөөхтөрүн туораппыттара.
Билигин Ризек бэйэтин утары былаастар дьыала арыйдылар. Кини оҥорбут фронун түргэн соҕустук суох оҥоруу Индонезия билиҥҥи салалтатыгар биир сүрүн сыал буолан турар. Арааһынай фроннар, төһө баҕарар туруктаах дойдуну аҕыйах сыл иһигэр гражданскай сэрии иннигэр туруоралларын бары да көрбүппүт.
Николай КЫЧКИН.