1027

27 января 2020 в 15:22

Кэм-кэрдии көрдөрүө

 

Дойдубут политическай олоҕор уларыйыы буолбутун бары билэн-көрөн олоробут. Президеммит Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайбыт Анал этиитин кэнниттэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведевы  астаапкаҕа ыытарын уонна Россия Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэрэрин туһунан иһитиннэрбитэ.

 

Көһүппэтэх өттүттэн

 

Ити көһүппэтэх өттүттэн сонун тула куйаар ситимигэр санаа атастаһыыта бөҕө буолбута. Дойду аҕа баһылыга эмиэ ким да күүппэтэх, киэҥ араҥаҕа үчүгэйдик биллибэт-көстүбэт, 2010 сылтан федеральнай нолуок сулууспатын салайбыт экономист Михаил Мишустины ити үрдүк дуоһунаска көрөрүн туһунан эппитэ. Биллэрин курдук, Госдума дьокутааттарыттан баһыйар үгүстэрэ кини кандидатуратын өйөөбүттэрэ. Арай куоластыыртан хомуньуустар эрэ туттуммуттара.

Ааҕааччыларбар Михаил Мишустин туһунан кылгастык билиһиннэриим. Кини кулун тутар 3 күнүгэр 1966 сыллаахха Лобне куоракка күн сирин көрбүт. Аҕата Шереметьево аэропорка үлэлээбит. Манна хомсомуол тэрилтэтигэр сэкирэтээрдии сылдьыбыт. Ийэтэ медицинскэй тэрилтэҕэ үлэлээбит. Михаил оскуоланы туйгуннук кэриэтэ бүтэрбит. Оскуола кэнниттэн Москватааҕы станкоинструментальнай институкка үөрэнэн, инженер-системотехник идэтин баһылаабыт. 1992 сыллаахха ити институт аспирантуратын бүтэрбит. 2003 сыллаахха диссертациятын көмүскээн, экономическай наука кандидата буолбут. 2010 сыллаахха докторскайын ситиһиилээхтик көмүскээбит.

Мишустин предпринимательствонан дьарыктана сылдьыбыт. 2008 сылтан саҕалаан судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлээбит.

Экс-премьер Дмитрий Медведев үрдүк дуоһунаһыттан тохтотуллубут биричиинэтин туһунан этиититтэн тус бэйэм астымматым.

 

–––––––––––––––––––––––
Билигин салалтаҕа сибиэһэй күүс киирэрэ саамай сөптөөх дии саныыбын. Этэргэ дылы, анана да иликтэриттэн наар куһаҕаны эрэ түөргүлүүр сыы­һа. Хайа баҕарар уустук кэмҥэ олох-дьаһах туруга салалта саталлаах дьаһа­йыы­тыттан улахан тутулуктаах.
––––––––––––––––––––––

 

Саҥа   састаапка кимнээх   баалларый?

 

Дойду бырабыыталыстыбатын саҥа састаабыгар кимнээх киирдилэр? Уруккулартан Юрий Трутнев, Юрий Борисов, Татьяна Голикова уонна Антон Силуанов хааллылар. Силуанов бастакы вице-премьер дуоһунаһыттан тохтоото. Сергей Шойгу, Сергей Лавров уонна Владимир Колокольцев үлэлэриттэн тохтооботторун үгүстэр сэрэйэллэрэ, оннук да буолла. Оттон Виталий Мутко, Владимир Мединскай, Ольга Васильева, Вероника Скворцова, Ольга Голодец уонна Дмитрий Козак кыайан киирбэтилэр. Саҥа кабинекка урукку уон вице-премьер оннугар тохсуо буолуохтара.

Ааҕааччыларга саҥа састаабы кытта билиһиннэриим:

 

Бастакы вице-премьер Андрей Белоусов. Андрей Белоусов — экономист. 90-с сылларга норуот хаһаайыс­тыбатын билгэ­лээһин инсти­тутугар үлэлээбитэ. 2000 сыллардаахха кылгас болдьоххо билгэлээһин уонна макроэкономическай ырытыы киинигэр үлэлээбитэ-хамсаабыта. 2006 сыллаахха экономика миниистирэ Герман Греф кинини солбуйааччынан ылбыта. 2008 сыллаахха Белоусовы бырабыыталыстыба экономикаҕа уонна үпкэ департаменын дириэктэринэн анаабыттара. Кини Путин сорудаҕынан дойдуга инвестклиматы тупсарар сыаллаах стратегическай көҕүлээһин Агентствотын тэрийбитэ. Экономическай сайдыы миниистиринэн биир эрэ сыл үлэлии сылдьыбыта. 2013 сылтан Владимир Путиҥҥа көмөлөһөөччүнэн үлэлиир.

 

Вице-премьер Марат Хус­­нуллин. 53 саас­таах вице-премьер үлэтин үөрэммит Ка­зан­­нааҕы үп-экономическай институтугар лабора­нынан саҕа­лаа­­быта. 90-с сылларга тутуу бизнеһинэн дьарыктаммыта. 2001-2010 сс. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин тутууга, архитектураҕа уонна дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбатыгар миниистиринэн үлэлээбитэ. 2005 сыллаахха федеральнай киин киниэхэ болҕомтотун уурбута. Татарстаҥҥа Казань куорат бырааһынньыгар Сэбиэскэй Союз ыһыллыаҕыттан аан бастакы метрополитен, туристар сөбүлээн сылдьар Кул-Шариф мечеть, «Миллениум» массыына муостата үлэҕэ киирбиттэрэ. Казаҥҥа Универсиада-2013 үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын үгүстэр билэр буолуохтааххыт. Бу бөдөҥ тэрээһиҥҥэ эппиэттээх Марат Хуснуллин этэ. Сүрүн тутуулар хайы-үйэ 2010 сыллаахха тутуллан бүппүттэрэ. Ити сыл Москва мэрэ Сергей Собянин кинини тутууга эппиэттээх вице-мэринэн үлэҕэ ылбыта. Кини бэйэтин кытта үгүс биир дойдулаахтарын дойдубут тэбэр сүрэҕэр илдьэ кэлбитэ биллэр. Ол курдук, кинилэр Москватааҕы тутуу комплексын судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр салайар дуоһунастарга үлэлииллэр.

 

Вице-премьер Дмитрий Чернышенко. Чернышен­ко Мишустины кытта биир үр­дүк үөрэх кы­һатын үөрэ­нэн бүтэр­бит. Үөрэ­ҕин бүтэрэн ба­ран, кылгас кэмҥэ прог­рам­­миһынан үлэлээбит. Ол кэнниттэн партнердарын кытта компьютернай графика устуудьуйатын тэрийбит. Кэлин ити устуудьуйа холдиҥҥа кубулуйбут. 2014 сыллаахха Сочига ыытыллыбыт кыһыҥҥы олимпийскай оонньуулар тэрийээччилэринэн буолар. Олимпиада кэнниттэн кылгас кэмҥэ VolgaGroup инвестиционнай хампаанньаны салайбыта. 2015 сыллаахха Дмитрий Чернышенко «Газпром-медиа холдинг» бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Бу холдиҥҥа НТВ, ТНТ, «Матч-ТВ» ханааллар, о.д.а.  киирэллэр. Сочига ыытыллыбыт Олимпиадаҕа киллэрбит кылаатын иһин «Аҕа дойдуга үтүөтүн иһин» II истиэпэннээх уонна «Доҕордоһуу» уордьаннарынан наҕараадаламмыта.

 

Экономическай сайдыы ми­ниистирэ Мак­сим Решет­ников. Максим Решетников Пермҥэ төрөөбүтэ уонна улааппыта. Кини карьерата регионнарга судаарыстыбаннай салайыыны кытта сибээстээх. Субъектарга үлэлээбит уопута ити үлэтигэр туһаттан атыны аҕалбата чуолкай. Итини таһынан Москва куорат бырабыыталыстыбатыгар үлэлээбит. Экономическай политика Департаменын салайбыт. 2014 сыллаахха Москва инвестиционнай стратегиятын суруйбут. Уулуссаларга атыы-эргиэн бэрээдэктэммит. Элитнай квартиралаах дьон баайга-дуолга нолуоктарын үрдэппит,  предпринимателлэргэ патент систиэмэтин киллэрбит. 2017 сылтан Пермскэй кыраайга губернатордыыр.

 

Култуура миниистирэ Ольга Любимова. Кини бу дуо­һунаска ана­ныар диэри тустаах министиэристибэ кинемато­гра­фияҕа депар­та­менын салай­бы­та. Православнай гимназияны үөрэнэн бүтэрбит. Ол кэнниттэн МГУ суруналыыстыкаҕа салаатыгар уонна ГИТИС театроведениеҕа факультетыгар үөрэммит. Үлэтин Нуучча православнай таҥаратын дьиэтин информационнай агентствотыттан саҕалаабыт. 2000 сылтан телевидениеҕэ үлэлээбит. 2015 сылтан култуура министиэристибэтигэр үлэлии кэлбит. Аҕата М.С.Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище ректора Борис Любимов буолар.

 

Үөрэҕирии миниистирэ Сергей Кравцов. Кини математика уон­на информатика учууталынан буолар. Ол эрээри кини үлэтэ үөрэх эйгэтигэр административнай үлэни кытта сибээстээх. Сергей Кравцов Россия үөрэҕин академиятыгар уонна үөрэҕирии министиэристибэтигэр араас дуоһунастарга үлэлээбитэ. 2013 саҕалаан БКЭ-ҕэ уонна ГИА-ҕа, Бүтүн Россиятааҕы бэрэбиэркэлиир үлэлэргэ эппиэттиир Рособрнадзору салайбыта.

 

Доруобуйа миниистирэ Михаил Мурашко. 2013 сылтан кини Росздравнадзору салайбыт. Мурашко Ураллааҕы судаарыстыбаннай медицинскэй институту үөрэнэн бүтэрэн, акушер-гинеколог идэтин ылбыт. Түөрт сыл үлэлээт, медицинскэй тэрилтэлэргэ салайар үлэҕэ көспүт. Коми Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын миниистиригэр тиийэ үүммүт. Бу үрдүк дуоһунаска биэс сыл устата үлэлээбит. 2012 сыллаахха Мурашко федеральнай Росздравнадзор салайааччытын солбуйааччынан анаммыта. 2015 сылтан тустаах структураны салайбыта. Кини манна үлэлии сылдьан, чааһынай секторы хонтуруоллааһыҥҥа эбии даһаллар наадаларын уонна эмкэ-томко маркировка булгуччулаах буолуохтааҕын туһунан эппитэ. Өссө 2013 сыллаахха кини сымыйа эми-тому атыылааһын уонна оҥоруу иһин холуобунай эппиэтинэһи киллэрэр наадатын бэлиэтээбитэ.

 

Сыыппаранан сайдыы, сибээс уонна маассабай коммуникациялар миниистирдэрэ Максут Шадаев. 40 эрэ саастаах эдэр министр бөдөҥ IT-хампаанньаларга, судаарыстыбаннай дуоһунастарга үлэлии сылдьыбыта. Билигин салайар министиэристибэтигэр эмиэ үлэлии сылдьыбыта. Шадаев 2004 сыллаахха Москватааҕы судаарыстыбаннай социальнай университеты үөрэнэн бүтэрбитэ. 2014 сыллаахха кинини Москва уобалаһын судаарыстыбаннай салайыыга, информационнай технологияҕа уонна сибээскэ миниистиринэн анаабыттара. 2017 сылтан ити дуоһунаска үлэлии-үлэлии президент дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Сергей Кириенко уопсастыбаннай сүбэһитинэн буолбута. 2018 сыллаахха Шадаев «Ростелекомҥа» сыыппаранан платформаҕа вице-президенинэн үлэлии кэлбитэ.

 

––––––––––––––––––––––
Билигин салалтаҕа сибиэһэй күүс киирэрэ саамай сөптөөх дии саныыбын. Этэргэ дылы, анана да иликтэриттэн наар куһаҕаны эрэ түөргүлүүр сыы­һа. Хайа баҕарар уустук кэмҥэ олох-дьаһах туруга салалта саталлаах дьаһа­йыы­тыттан улахан тутулуктаах.
––––––––––––––––––––––

 

Салалтаттан   улахан тутулуктаах

 

Кистэл буолбатах, кэлиҥҥи кэмҥэ дойду олоҕуттан-дьаһаҕыттан астыммат дьон ахсаана элбии турар. Атын судаарыстыбаларга көһөн барыы эмиэ үксээтэ. Ити икки холобур да салалтаҕа уларыйыы наада буолбутун кэрэһилииллэр. Дойду бырабыыталыстыбатын саҥа састааба хайдах үлэлиирин-хамсыырын, дьон-сэргэ олоҕо тупсарын туһугар туох түмүктэр баар буолуохтарын кэм-кэрдии көрдөрүө турдаҕа. Билигин салалтаҕа сибиэһэй күүс киирэрэ саамай сөптөөх дии саныыбын. Этэргэ дылы, анана да иликтэриттэн наар куһаҕаны эрэ түөргүлүүр сыыһа. Хайа баҕарар уустук кэмҥэ олох-дьаһах туруга салалта саталлаах дьаһайыытыттан улахан тутулуктаах.

Дойду олоҕор дириҥник толкуйданыллыбатах уларыйыылар хайдахтаах күүстээх охсууну оҥороллорун, 90-с сылларга бэйэбит эппитинэн-хааммытынан билэн-көрөн турабыт.

Аны Украинаны ылан көрүөх. Төһөлөөх дьон-сэргэ олоҕо айманна, алдьанна. Дойду олоҕо бүтүннүү айгыраата. Экономикалара өтөрүнэн оһоруммат дьаамаҕа таҥнары түстэ. Кыахтаах өттүлэрэ араас дойдуларга тэскилээтилэр.

Россиябытыгар итинник кэм эрэ кэлбэтэр, 90-с сыллар эрэ эргийбэтэллэр ханнык.

 

–––––––––––––––––––––––
Конституциябытыгар уларыйыы киирдэҕинэ, президент сорох боломуочуйалара парламеҥҥа бэриллиэҕэ. Ол курдук, Госдума бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин, вице-премьердэри уонна федеральнай миниистирдэри бигэргэтэр буолуоҕа. Тустаах уларытыыттан парламент оруола үрдүөҕэ. Дойду политическай ситимигэр биир бөдөҥ суолталаах уларыйыы буолуоҕа.
––––––––––––––––––––––

 

Төрүт  Сокуоҥҥа  уларыйыы киирэрэ  наада дуо?

 

Күн бүгүн Россия Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэрии бастакы нүөмэрдээх тиэмэнэн буолар. Президент Владимир Путин тустаах барылы Госдумаҕа киллэрдэ. Биллэрин курдук, дойду Конституцията 1993 сыллаахха былаас кириисиһэ үгэннээн турар ураты уустук кэмигэр ылыллыбыта. Бу сүрүн докумуоммутугар аан бастакы уларыйыы уон биэс сыл буолан баран, 2008 сыллаахха киирбитэ. Ол курдук, Төрүт Сокуоҥҥа көннөрүүлэр киллэриллэннэр, Россия Федерациятын Президенин боломуочуйатын болдьоҕо түөрт сылтан алта сылга, Государственнай Дума дьокутааттарын киэнэ түөрт сылтан биэс сылга диэри уһаабыта.

Үгүс экспердэр дойду Төрүт Сокуонугар уларытыылары, көннөрүүлэри киллэрэр наадатын ыйаллар. Аан дойдуга «тыытыллыбат» диэн туох да суох. Уопсастыбаҕа уларыйыылары тэҥэ, сүрүн сокуоммутугар эмиэ көннөрүүлэр киириэхтээхтэр. Ол эрээри дойду Президенэ Владимир Путин 1993 сыллаахха ылыллыбыт Төрүт Сокуон үтүө өрүтэ үгүһүн, онон саҥа сүрүн докумуон оҥоһуллара наадата суоҕун бэлиэтээбитэ.

Дойду Конституциятыгар уларытыылары киллэриигэ 75 киһиттэн турар оробуочай бөлөх тэриллибитэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы быраапка туһуламмыт уларытыылар Төрүт Сокуон 15 уонна 17 ыстатыйаларыгар киириэхтэрэ.

Билиҥҥи Төрүт Сокуонунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин президент аныыр. Госдума итиннэ сөбүлэҥин биэрэр эрэ. Маны таһынан Дума кандидатураны тохтотуон эмиэ сөп. Үстэ тохтотор түгэнигэр президент премьер-миниистири бэйэтэ аныыр уонна парламент үлэтин тохтотон, быыбары болдьоҕун иннинэ аныахтаах. Владимир Путин маннык быһыыга-майгыга түбэспэтэҕэ. Борис Ельцин президенниирин саҕана билиҥҥи президент дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыны Сергей Кириенконы премьеринэн үһүс эрэ сырыыга куоластаабыттара. Оттон миниистирдэр кабинеттарын премьер-миниистир бэйэтэ таҥар, онтон президент аныыр.

Конституциябытыгар уларыйыы киирдэҕинэ, президент сорох боломуочуйалара парламеҥҥа бэриллиэҕэ. Ол курдук, Госдума бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин, вице-премьердэри уонна федеральнай миниистирдэри бигэргэтэр буолуоҕа.  Тустаах уларытыыттан парламент оруола үрдүөҕэ. Дойду политическай ситимигэр биир бөдөҥ суолталаах уларыйыы буолуоҕа.

Госдума кэлэр ыҥырыытын састааба күүһүрэрэ, хаачыстыба өттүнэн тупсара ирдэниллэр. Кистэл буолбатах, Россияҕа атын, уруккуттан суулла сатыыр модель төннөн кэллэ. Толоруулаах былаас вертикалын оҥоро сатыыр кэм. Ол оннугар сокуону оҥорор былаас вертикала суох буолан хаалла. Парламент кэлиҥҥи ыҥырыылара ити моделынан үлэлииллэр. Ол иһин, биллэн турар, кинилэртэн тутулуга суох үлэлэрин таһаарыыта мөлтүүр. Дойду аҕа баһылыга итини болҕомтоҕо ылан, парламены күүһүрдэр сыаллаах тустаах уларытыыны киллэрэн эрэрэ саарбаҕа суох. Регионнар парламеннарыгар итинник боломуочуйа бэриллэрэ күүтүллэр. Дойду Төрүт Сокуонугар киллэриллэр уларытыылартан биир саамай суолталаахтарынан тустаах уларытыы буолар.

Конституцияҕа дойду президенэ икки болдьохтон ордук олоруо суохтаах диэн, «подряд» диэн тылы сүрүн докумуонтан ылан быраҕыахтара. Күндү ааҕааччым, өйдүүрүҥ буолуо, Россия историятыгар «подряд» диэн тыл 2012 сыллаахха Владимир Путин Кремльгэ төннөрүгэр төһүүнэн буолан турардаах. Кини икки болдьоххо дойдуну салайан баран, тохтобул оҥорбута. Төрүт Сокуоммутугар ити тыл баар буолан, алтыс болдьоҕун президенниир. Онон сокуоҥҥа суос-соҕотох биир тыл тыын суолталааҕа көстөр.

Итилэри таһынан Россия Конституциятыгар Судаарыстыбаннай сэбиэт оруолун күүһүрдүүгэ уларытыы киириэҕэ.

Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) киһи тиийинэн олорор алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтааҕын туһунан Президент Владимир Путин этэр. Ити нуорма дойду Төрүт Сокуонугар киириэхтээҕин бэлиэтиир.

Дойду Төрүт Сокуонугар уларытыыларга анаан муус устар ыйга референдум ыытыллыаҕа. Онон бүтэһик быһаарыыны норуот ылыаҕа.

 

Людмила НОГОВИЦЫНА

 

Поделиться