856

12 мая 2017 в 12:23

Кыаммат уонна элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн

Өрөспүүбүлүкэҕэ кыаммат гражданнарга уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл ханнык дьаһаллара олоххо киирэллэрин туһунан регион баһылыга Егор Борисов “Якутия” интернет-хаһыат балаһатыгар кэпсээтэ диэн СИА иһитиннэрдэ.

Санатар буоллахха, Ил Дархан бу иннинэ гражданнар сорох араҥаларыгар уонна элбэх оҕолоох ийэлэргэ социальнай өйөбүл туһунан ыйаахтарга илии баттаабыта.
«Дьадайыы кирбиитигэр олорор гражданнары өйөөһүҥҥэ бюджекка угуллубут сууманы 1,5 төгүл улаатыннарарга дьаһал биэрбитим. Ону харчытыгар ааҕан таһаардахха, 120 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Ити харчы нэһилиэктэринэн, төһө киһи онно олороруттан тутулуктанан тыырыллыаҕа. Онон суума араас буолуоҕа. Суолталаах усулуобуйа – харчы киириэҕиттэн тута биир ый иһигэр түҥэтиллиэ суохтаах, сыл түмүктэниэр диэри тыырыллыахтаах. Ону таһынан “Герой-ийэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэлиэнэн наҕараадаламмыт ийэлэргэ биир кэмнээх харчынан төлөбүр кээмэйэ олохтоммута – биир мөлүйүөн солкуобай. Ити бэлиэни өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 15 сылтан итэҕэһэ суох олорор, 10 уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт, ииппит дьахтар ылыан сөп”, – диэн суруйда Егор Борисов.
Кини этиитигэр сигэннэххэ, көмөҕө наадыйар гражданнарга оҕоҕо бэриллэр ыйдааҕы харчы кээмэйигэр, кыаммат дьиэ кэргэттэргэ тус аадырыстаммыт материальнай көмөҕө, үлэтэ суохтар дьарыктаах буолууларын өйүүр дьаһалларга үбүлээһин от ыйын 1 күнүттэн улаатыаҕа.
«Бу дьаһаллар Саха сирин олохтоохторун көмөҕө наадыйар араҥатыгар дьоһун өйөбүлүнэн буолуохтара дии саныыбын», — диэн бэлиэтээтэ Борисов.

Поделиться