916

04 мая 2019 в 17:27

Назарбаев былаастан барда дуо?

Биллэрин курдук, Казахстаҥҥа бөдөҥ политическай суолталаах түгэн буолла. Ол курдук, кулун тутар 19 күнүгэр Казахстан Президенэ Нурсултан Назарбаев үрдүк дуоһунаһыттан тохтуурун туһунан иһитиннэрбитэ. Бу сонунтан үгүстэр соһуйбуттара.

 

Эрдэттэн сэрэйиллибитин курдук буолла

 

Түөрт сыл анараа өттүгэр хаһыаппар Казахстан Президенин быыбарыгар: «Нурсултан Назарбаев бу болдьоҕор олорон, солбугун көрдүөҕэ», — диэн суруйан турабын. Онон ити иһитиннэриини буолуохтааҕын курдук ылыммытым.

Кини үрдүк дуоһунастан тохтууругар эрдэттэн бэлэмнэммитэ. Ити эрээри Назарбаев улахан политикаттан барбата. Ол курдук, кини — «Нур-Отан» диэн тустаах судаарыстыба баһылыыр-көһүлүүр партиятын лидерэ уонна куттала суох буолуу Сэбиэтин салайааччыта.

Быйыл 2019 сылга Нурсултан Назарбаев дойдутун салайбыта 30 сылын туолла. Отут сыл диэн эттэххэ дөбөҥ. Дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар муҥура суох бэриниитэ итиннэ төһүү буоллаҕа. Төрөөбүт норуотугар дьиҥ үлэтинэн-хамнаһынан сөбүлэтэн, дойду аҕа баһылыгын биэс быыбарын тухары талылыннаҕа.

Кэлиҥҥи 2015 сыллаахха ыытыллыбыт Казахстан Президенин быыбарыгар киниэхэ быыбардааччылар 97,7% куоластарын итэҕэйбиттэрэ. Тустаах быыбарга дьон кыттыыта 95% тэҥнэспитэ. Мантан Казахстаҥҥа гражданнар актыыбынастара үрдүгэ көстөн кэлэр.  

Үрдүктүк сыаналыыллар

 

Назарбаевы биһиги дойдубут Президенэ Владимир Путин үрдүктүк сыаналыыр. Кини Казахстан Президенэ бэйэтин дойдутугар билиниини ылбыт лидер уонна аан дойдуга олус аптарытыаттаах киһи буоларын бэлиэтиир.

Нурсултан Назарбаев күн сириттэн күрэммит Сингапур лидерин Ли Кван Юну кытта чугас доҕордуу этилэр. Үгүс дойду политологтара Назарбаевы киниэхэ майгыннаталлара. Ли Кван Ю Казахстаҥҥа хаста да кэлэ сылдьыбыта. Кини өрөспүүбүлүкэ ыаллыы сытар дойдулары кытта тэҥнээтэххэ, урутаан сайдан иһэрин бэлиэтиирэ. Кырдьыга да оннук. Бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэри ылан көрдөххө да, Казахстаҥҥа чыҥха атын хартыына.

Маны таһынан Казахстан төһө даҕаны бөдөҥ 20 судаарыстыба иһигэр киирбэтэр, кинини саммиттар үлэлэригэр өрүү кытыннара ыҥыраллара, бу дойду аптарытыаттааҕын, тустаах судаарыстыба Президенин аан дойду билинэрин туоһулуур дии саныыбын.

Назарбаевы Кытай Президенэ Си Цзиньпин эмиэ ытыктыырын билэбит. Кини бу дойдуга өрүү Цзиньпин тус бэйэтин ыҥырыытынан эрэ сылдьарыттан итини көрөбүт. Маны таһынан Назарбаев Вашингтону кытта эмиэ үчүгэй сибээстээҕэ, сыһыаннааҕа биллэр.

Онон Казахстан лидерэ Россияны, Кытайы уонна Американы кытта үтүө сыһыаннаах.

 

 

Быйыл 2019 сылга Нурсултан Назарбаев дойдутун салайбыта 30 сылын туолла. Отут сыл диэн эттэххэ дөбөҥ. Дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар муҥура суох бэриниитэ итиннэ төһүү буоллаҕа. Төрөөбүт норуотугар дьиҥ үлэтинэн-хамнаһынан сөбүлэтэн, дойду аҕа баһылыгын биэс быыбарын тухары талылыннаҕа.

 

 

Лидер туһунан кылгастык

 

Казахстан лидерэ 1940 сыллаахха от ыйын 6 күнүгэр Алма-Ата аттыгар баар бөһүөлэккэ холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оҕо сылдьан үгүс кырачаан уолаттар курдук летчик буолуон баҕарара. Оттон оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ити баҕа санаата тосту уларыйбыта. Химия предметин олус сөбүлээбитэ уонна химик буолуон баҕарбыта.

Ол эрээри ити идэни талбатаҕа. Оскуола кэнниттэн Нурсултан ПТУ-га үөрэнэ киирбитэ. Орто үөрэх кыһатын бүтэрэн баран, металлургическай собуокка өр кэм устата үлэлээбитэ. Бу собуоттан кини политическай карьерата саҕаламмыта. Ол курдук, собуот парткомугар сэкирэтээрдээбитэ.

Нурсултан Назарбаев Сэбиэскэй Союз ыһыллыан иннинэ өрөспүүбүлүкэ коммунистическай партиятын Киин Кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Маны таһынан Үрдүкү Сэбиэккэ бэрэссэдээтэллээбитэ.

Кини СНГ дойдуларын салайааччыларыттан саамай аҕа саастаахтара буолар. Быйыл сайын 79 сааһын туолуоҕа.

Омук лидеригэр анаан Казахстаҥҥа спектакль туруораллар уонна кини туһунан киинэ усталлар. Холобурга аҕаллахха, 2011 сыллаахха «Глубокие корни» диэн Назарбаев туһунан драма туруорбуттара. Маны таһынан «Путь лидера» диэн түөрт сериялаах киинэ устубуттара.

Казахстаҥҥа Президеннэригэр анаан хас да пааматынньыгы туруордулар. Ааспыт сыллаахха 78 сааһын туоларыгар, Астанаҕа саҥа скульптура баар буолбута. Эмиэ бу сыл Назарбаевка «Норуот тапталлааҕа» диэн бириэмийэ туттарыллыбыта.

Биллэрин курдук, кини оннугар дойду Президенин быыбарыгар диэри үрдүк дуоһунаска хаалбыт парламент үрдүкү палаататын спикерэ Касым-Жомарт Токаев бастакы Ыйааҕынан дойду киин куоратын Астананы Нур-султан диэн ааттааһына буолла.

Итилэри барытын дьон араастаан ылынар уонна сыаналыыр. Сорохтор бүтүн омук ытыктабылын бэлиэтэ дииллэр. Сорохтор Назарбаевы “культ личности”  кубулутуу курдук көрөллөр.

 

 

Үөһэ этэн аһарбытым курдук, Назарбаев куттала суох буолуу Сэбиэтин салайааччытынан хаалла. Ааспыт 2018 сыллаахха Казахстаҥҥа куттала суох буолуу Сэбиэтэ дойду былааһын үрдүкү уорганынан буоларын туһунан саҥа сокуон ылыллыбытын бэлиэтиибин. Онон Назарбаев дойдуну салайсар биир лидер быһыытынан син биир хаалыаҕа.

 

Баҕа өттүнэн тохтуур туох ордуктааҕый?

 

Мындыр салайааччы, бөдөҥ политик, биллэн турар, төрөөбүт дойдута инникитин хайа суолу-ииһи тутуһан сайдыахтааҕын эрдэттэн ырыҥалаан, анааран көрдөҕө. Назарбаев бэйэтин солбугун эрдэттэн бэлэмнии, иитэ-үөрэтэ, такайа сылдьыбыта саарбаҕа суох. Баҕа өттүнэн үрдүк дуоһунастан тохтуур туох ордуктааҕый? Бастатан туран, тустаах судаарыстыба тосту уларыйыыттан олоҕо-дьаһаҕа, экономиката айгыраабат, олоҕо-дьаһаҕа туруктаах хаалар.

Маны таһынан, үөһэ этэн аһарбытым курдук, Назарбаев куттала суох буолуу Сэбиэтин салайааччытынан хаалла. Ааспыт 2018 сыллаахха Казахстаҥҥа куттала суох буолуу Сэбиэтэ дойду былааһын үрдүкү уорганынан буоларын туһунан саҥа сокуон ылыллыбытын бэлиэтиибин. Онон Назарбаев дойдуну салайсар биир лидер быһыытынан син биир хаалыаҕа.

Дойду олоҕор күүтүллүбэтэх уларыйыылар хайдахтаах күүстээх охсууну оҥороллорун 90-с сылларга бэйэбит эппитинэн-хааммытынан билэн-көрөн турабыт.

Аны Украинаны ылан көрүөх. Төһөлөөх дьон-сэргэ олоҕо айманна, алдьанна. Дойду бүттүүнүн олоҕо айгыраата. Экономикалара өтөрүнэн оһоруммат дьаамаҕа таҥнары түстэ. Кыахтаах өттүлэрэ араас дойдуларга тэскилээтилэр.

Казахстаҥҥа болдьоҕун иннинэ дойду Президенин быыбара бэс ыйын 9 күнүгэр буолуоҕа. Дьэ, манна Нурсултан Назарбаев бэйэтин оннугар бэлэмнээбитэ көстөн кэлиэҕэ. Үгүс экспердэр президент дуоһунаһыттан тохтообутугар, улахан кыыһа Дарига Назарбаеваны тустаах быыбарга кыттыыны ылыа диэн сылыктаабыттара. Ол эрээри ити сыыһа буолан таҕыста. Соторутааҕыта кини ити хампаанньаҕа кыттыбатын туһунан иһитиннэрдэ. Биллэрин курдук, Дарига Назарбаеваны кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн, парламент үрдүкү палаататын спикерэ Касым-Жомарт Токаев оннугар талбыттара.

 

 

Людмила НОГОВИЦЫНА

 

Поделиться