1041
11 декабря 2017 в 13:37
Путин президент быыбарыгар кыттар буолла
2017 сыл устатыгар Владимир Путинтан кэлэр сылга Россия Президенин быыбарыгар кыттар санаалааҕын туһунан хаста да ыйыппыттара. Онуоха кини сыл устата харданы биэрбэтэҕэ. Оттон ахсынньы 6 к. “ГАЗ” 85 сылыгар аналлаах бырааһынньык миитинигэр судаарыстыба баһылыга саҥа болдьоххо барарга бэлэмин туһунан биллэрдэ. Ити туһунан Россия “Парламенын хаһыата” иһитиннэрдэ.
Валентина Матвиенко этэринэн, Владимир Путин президент быыбарыгар кыттарын туһунан иһитиннэриитэ быыбар хампаанньатын таһымын үрдэтиэҕэ. «Бүгүн аан дойдуга олохсуйбут балаһыанньаҕа Россия Президенинэн буолар икки төгүл эппиэтинэһи сүктэрэр. Владимир Владимирович Путин аан дойдуга сүрүн политическай лидердэртэн биирдэстэринэн ааҕыллар. Ити Россия Президенигэр хандьыдаакка суолталаах», — диэн ааҕар Федерация Сэбиэтин спикерэ.
Госдума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин Путин 2018 с. сааһыгар судаарыстыба баһылыгын быыбарыгар кыттарга быһаарыныыта дойду кэскилигэр суолталаах диэтэ. Кини: «Тас политикаҕа улахан хамсааһын таҕыста: дойдуну ытыктыыр, аахсар буоллулар – бу эмиэ кини үтүөтэ-өҥөтө. Кэлэр болдьоххо барарын туһунан быһаарыныыта биһиги инникитин да сайдыы суолунан барыахпытыгар эрэли саҕар”, — диэтэ.
Путин ити этиитин быыбар хампаанньатын саҕаланыытынан ааҕыахха сөп. Ол эрээри официальнайдык аһылла илик. Федерация Сэбиэтэ быыбары анааһын туһунан быһаарыы ылыныахтаах. Киин быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Булаев этэринэн, ити кэлэр нэдиэлэҕэ буолуон сөп.
“Партияттан турар эбэтэр бэйэлэрин туруорунар хандьыдааттар Быыбар киин хамыыһыйатыгар (БКХ) регистрацияны ааһыахтаахтар, — диэн быһаарда кини. – Сокуонунан, парламеҥҥа баар партиялар илии баттааһыны хомуйбаттар, регистрацияны ааһаллар. Оттон парламеҥҥа киирбэтэх партиялартан хандьыдааттар бэйэлэрин өйүүр 100 тыһ. киһи илии баттааһынын хомуйуохтаахтар, бэйэлэрин туруорунааччылар — 300 тыһыынчаны».
Ити кэнниттэн БКХ бары матырыйааллары бэрэбиэркэлээн баран, хандьыдааты регистрациялыырын эбэтэр аккаастыырын быһаарар.
Путин партияттан туруорунарын туһунан боппуруос аһаҕас. Соторутааҕыта Дмитрий Медведев “Биир ньыгыл Россия” билигин үлэлиир президент кандидатуратын өйүүргэ бэлэмин туһунан иһитиннэрбитэ. Ол эрээри Путин партия ресурсатыгар өйөнөр санаата суох да буоллаҕына, бэйэтигэр 300 тыһ. киһи илии баттааһынын хомуйарыгар ыарырҕаппата биллэр.
Саҥа судаарыстыбалар норуоттар икки ардыларынааҕы институттарын директора Алексей Мартынов санаатынан, маннык быһаарыы күүтүллүбүтэ. Путин норуоту кытта көрсүһүү кэмигэр быһаарыныытын иһитиннэрбитэ кини “барыларын хандьыдаата” буолар санаалааҕын туоһулуур.
Оттон политическай чинчийиилэргэ Институт генеральнай директора Сергей Марков этэринэн, кулун тутарга билиҥҥи президент иһин Россия олохтоохторун үгүс өттө куоластыаҕа. “Мин санаабар, кини президент быыбардарыгар номнуо бастакы турга эрэллээхтик кыайыаҕа уонна куолас 70-ча бырыһыанын ылыаҕа”, — диэн ааҕар Марков.