927

04 сентября 2017 в 14:46

Өрүүтүн инники күөҥҥэ тутан

Чуолаан аҕыйах ахсааннаах норуокка (биһиги, сахалар, маннык быһаарыыга биир тыла суох киирсэбит), кини төрөөбүт тылын дьылҕата саамай тыын боппуруоһа буолар. Туспалаах, туһунаннаах омук буоларгын, бэйэҥ төрүт тылыҥ эрэ мэктиэлиирин таһынан, ону атыттарга итэҕэтэр күүстээх эмиэ тылыҥ. Ийэ тыла суох норуот баар буолуон сатаммат.

Оттон тыла мөлтөөбүт-ахсаабыт, дьүүкээрбит, ыалдьыбыт омук – бу инникитэ муҥурдаммыт омук.
Дьиҥнээх дьыалаҕа, тыл боппуруоһа аҥаардас кыра, аҕы­йах ахсааннаах, ол быһыытынан тыллыын-бэйэлиин симэлийэр кутталга сылдьар омуктар эрэ кыһалҕалара буолбатах. Ахсааннара аһара барбыт, кырыы-кырыыларынан симсибит, Орто туруу дойду дьоллоох туонатыгар туолан хаалбыт улахан норуоттар эмиэ туспа кыһалҕалаахтар. Кинилэр обургулар бэйэлэрин тылларын күүстээх сабыдыалын улахан бэлиитикэҕэ, аан дойдутааҕы ырыынагы баһылааһыҥҥа туһанар кыһалҕалаахтар уонна дьулуһуулаахтар. Халыҥнарынан, улууларынан, сайдыыларынан ымсыырдан, ордук кыараҕас ычалаах кыра омуктары хайа баҕарар бэйэлэрин орохторун үүтүнэн көҥүл сүүрдэр кыахтаахтар. Эн, Ийэ тылгын умнан, төрүт дьоҥҥун быраҕан, сиргин-дойдугун хаалларан туран, ханна эрэ баар дьолу эккирэтэн барыах бэйэҥ буоллаҕа. Туох да диэ, эн туора улахан омук тылыгар умсугуйуулаах, уһулуччу тартарыылаах буоллаххына, ол онуоха эн киниэхэ бүгүттэрдии сүгүрүйүүҥ, төрүөтэ суох ытыктабылыҥ, кэлтэччи тапталыҥ кытары кыттыһан сылдьар буолуохтара.
Тыл иирээнэ сэриигэ тиэрдэрин билэн-көрөн олоробут. 48 мөлүйүөн киһи нэһилиэнньэлээх Украинаҕа хаһыс да сылын бара турар гражданскай сэрии биир сүрүн төрүөтүн тыл проблематынан быһаараллар. Уопсайынан да ыллахха, киһи аймах историятын былаһын тухары, тыл боппуруоһа уонна проблемата, араас куормалары уонна көрүҥнэри ылынан, уопсастыба уонна судаарыстыба таһымнарыгар өрүүтүн баара уонна баар буола да туруоҕа.
— От ыйын ортото, — диир бөлөһүөпүйэ наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Виктор Данилович Михайлов, — дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Марий-Эл Өрөспүүбүлүкэтин киин куората Йошкар-Олаҕа түмсүүгэ, омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа улахан этиини оҥорбута. В.Путин: «Арассыыйа субьектарыгар олорор араас омуктарга национальнай тылы үөрэтиини ирдээһин уонна өссө ону модьуйуу төрдүттэн сатаммат дьыала», – диэбитин эрийэн өйдөөччүлэр чуолаан Интэриниэккэ таҕыстылар. Кинилэр этэллэринэн, бэрэсидьиэн итинэн национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ олорор нуучча дьоно олохтоох омуктар төрүт тылларын интэриэһиргиир, сыста сатыыр баҕаларын кэҕиннэрэр, өссө аһара түһэн бобор суолу тутуспут үһү.
Биһиги бэйэбит ыырбыт иһинэн ыллахха, «Саха сиригэр олорор атын омуктар саха тылын билиэхтээхтэр» диир этиилэр кэмиттэн кэмигэр күөрэйэн тахсалларын бэркэ билэбит. «Олохтоох төрүт тылы булгуччу үөрэтиэхтээхтэр» диир бэлиитиктэр эмискэ күөрэс гына түһээччилэр.
Тыл туттуллуута, сайдыыта уонна ол курдук кэхтиитэ социальнай-экэнэмиичэскэй төрүөттэрдээх. Саха сирин бастакынан баһылаабыт колонистар – хаһаактар, түүлээҕи хомуйааччылар, сулууспалаах дьон, таҥара итэҕэлин үлэһиттэрэ – уопсай ахсааннарынан дуона суох этилэр. Олохтоох дьонтон ахсааннарынан тамты сабырыйтаралларынан, ол үрдүнэн кинилэри кытта бииргэ олоруохтаахтарын, дьыаланы-куолуну ыытыахтаахтарын быһыытынан, ол олохтоох дьон кинилэр тылларын төрдүттэн билбэтинэн уонна билэр усулуобуйата суоҕунан, бэйэлэрэ сахалыы тылга сыстарга күһэллибиттэрэ. 18-19 үйэлэргэ Саха сиригэр сылдьыбыт айанньыттар, чинчийээччилэр олохтоох чунуобунньук аймах үрдүк сололооҕор тиийэ, сулууспалаах хаһаактар, таҥара итэҕэлин үлэһиттэрэ бүттүүннэрэ, ойохторугар, оҕолоругар тиийэ, олус үчүгэйдик сахалыы саҥаралларын, бэл бэйэлэрин икки ардыларыгар эмиэ ити тылынан кэпсэтэллэрин бэлиэтээбиттэрэ сурукка суруллан сылдьар.
Саха сиригэр итинник балаһыанньа саха маассабай үөрэхтэниэр диэри баара. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэннинээҕи уонна 50-с сылларга киин уобаластартан үлэлии кэлбит учуутал, эмчит кыргыттар тыа сирин оройуоннарыгар анананнар, биир-икки сыл иһигэр сахалыы көҥүл кэпсэтэр кыахтаналлара. Кинилэртэн үгүстэрэ олохтоох уолаттарга кэргэн тахсаннар, оҕо-уруу төрөтөннөр, саха ахсаанын хаҥатыспыттара. Оҕолорун уу сахалыы ииппиттэрэ.
Былыр-былыргыттан, бу 20 үйэ ортотугар диэри, кэлии омуктар сахатыйыыларын төрүөтэ, оччотооҕу олох кыһалҕатытыгар сытар. Тулалыыр сүрүн эйгэҥ сабыдыалыгар оҕустарбат, бэйэҥ да өйдөөбөккүнэн онуоха бас бэриммэт буолуоххун хайдах да сатаммат. Аны туран, ол сабыдыал ханнык да күүһүлээһинэ суох, төттөрүтүн сылаас, сымнаҕас сыдьаайдаах буолан, бэйэтигэр тардыыта ураты күүстээҕэ саарбахтаммат.
Билигин атын кэм, атын быһыы-майгы, атын балаһыанньа. Билигин нууччалыы билэр буоллуҥ да, атын бытархай тыллары билбэтиҥ суолтата суох курдук. Нуучча тыла – судаарыстыбаннай ыстаатыстааҕын таһынан, элбэх омук бэйэ-бэйэтин кытта бодоруһар, хайа баҕарар эйгэҕэ толору туттар уонна туһанар уопсай тыла. Төрөөбүт күүлэҕиттэн арахтыҥ, иитиллибит тэлгэһэҕиттэн тэйдиҥ да, нууччалыы эрэ тылланарыҥ – олохпут чахчыта. Онон, нууччалыы билэриҥ наадалаах эрэ буолбакка, булгуччулаах.
Ыраахтааҕылаах Арас­сыыйаҕа кыра омуктары симэлитии бэлиитикэтэ тутуһуллубатаҕа. Ол оннугар «туора урдустар» олохторун сайдыытын дьаалатынан уһуннарыы уһун кэмнэргэ ыытылла турбута. Түмүгэр, суруга-бичигэ, үөрэҕэ суох омуктар ордук ыарахан социальнай, култуурунай уонна экэнэмиичэскэй балаһыанньаламмыттара. Ол ыарахан балаһыанньалара, субу 100 сыла туолаары турар Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн эрэ, быһаарыллар суолга киирбитэ. Биллэрин курдук, саҥа үөскээбит былаас эргимтэтигэр элбэх мөккүөр кэнниттэн, федерализация уонна автономизация хайысхалара уонна суоллара тутуһуллубуттара. Бу саҥа прогрессивнай национальнай бэлиитикэ, бэйэтин тустаах историческай кэмигэр, аарыма улахан дойдуну биир сомоҕо гына түмэргэ көдьүүһэ туох да сүрдээх күүстээх этэ.
Оттон олох хаамыыта уонна сайдыы биир сиргэ турбат бэрээдэгинэн, омуктар икки ардыларынааҕы сыһыан, эмиэ уларыйыы-тэлэрийии идэбиллэригэр сөп түбэһиннэриллэн биэрэн иһиэхтээх. Дьаалатынан уһуннарыы улахан сэрэхтээх. Дьэ, ол иһин В.Путин социальнай-экэнэмиичэскэй, култуурунай уустуктары кытта тыллар проблемалара алтыһыыларын чопчулаан биэрдэ.
Төрөөбүт төрүт тыл боп­пу­руоһа дириҥ силистээх. Киһи да, омук да хатыламмат култуурата, уратыта барыта тылга түмүллэр. Тыл дьүдэйдэҕинэ омук бастаан маргынаалга, онтон төрдүн-ууһун сүтэрбит, сир-халлаан икки ардыгар тэлбиҥнии сылдьар манкурка (Чынгыз Айтматов) кубулуйар.
Тыл боппуруоһун тула дьиэ кэргэн, кыракый оҕо тэрилтэлэрин, оскуолалар алын кылаастарын проблемалара бииргэ бааллан сылдьаллар. Манна проблеманы үөрэтиинэн-такайыынан эрэ буолбакка, кэлимник көрөн быһаарыы соруга турар. Бэйэ оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрии сэлээҥҥэ сылдьыах курдук майгыннанна. Аныгы дьиэ кэргэҥҥэ оҕону кытта төрөөбүт тылынан бодоруһуу суоҕун кэриэтэ буолла. Сахалыы майгылаах иитиилээх оҕо саадтара, төрөөбүт тылынан үөрэтиилээх оскуолалар аҕыйахтарыгар сигэнэн тахсабыт. Оттон, дьиҥэр, оҕоҕо төрөөбүт тылын дьиҥнээхтик уонна бигэтик иҥэрии дьиэ кэргэн эйгэтигэр эрэ бэриллэр кыахтаах.
Чуолаан киин куораппытыгар, оскуола оҕо олорор сиринэн хайысхаланан үлэлиир. Оскуолаларбыт булкаас үөрэнэр кылаастарга арахсаллар. Нуучча тыллаах дэнэр оскуолаларга саха кылаастарын арыйыы көдьүүһэ кыра, өссө бэрдэ суох түмүктээх буолуон сөп. Аны туран, элбэх төрөппүт оҕото төрөөбүт тылынан үөрэнэрин, сайдарын биһирээбэтин таһынан, өссө сүөргүлүүр.
Дьокуускайга бэйэтэ туспа төрүт тыллаах 70-80 араас омук дьоно олорор, үлэлиир. Бодоруһар уонна өйдөһөр тылбыт – нуучча тыла. Армянины дуу, таджигы дуу «эн сахалыы билбэккин» диэн тордуохтаһар кыахпыт суох. Оттон саха бэйэтин ыччатын ортотугар итинник «истиҥ сыһыан» баар буолар. Сахалыы иитиилээх ыччат, төрөөбүт тылыгар сыстыбатах бэйэтин тэҥнээҕин кытта бочооттоһон туран кэлэрэ сэдэҕэ суох түбэлтэ. Атын омук киһитэ сахалыы билбэтигэр кини кыһаныа суоҕа, оттон бэйэтин биир дойдулааҕа төрөөбүт тылын билбэтин араастык ылыныаҕа уонна сыаналыаҕа.
Быычыкаа Швейцария нэһилиэнньэтэ биэс араас тылы холкутук туттар. Ньиэмэс уонна боронсуус тыллара – официальнайдар. Тылы кытта сибээстээх иирээн сайдыылаах дойдуларга тахсар кыаҕа суох. Оттон Сэбиэскэй Сойуус урукку өрөспүүбүлүкэлэригэр тылы кытта ситимнээх иирээн, өрө турсуу хаһан баҕарар тахсыан сөп. Ол бүгүҥҥү холобурунан Украина буолар.
Тыллар алтыһыыларыгар үс араас суол баар. Бииринэн, билингвизм — икки тылынан саҥарар, ааҕар, суруйар буолуу. Икиһинэн, диглоссия — саҥарар, кэпсэтэр кыахтаах эрээри, аахпат уонна суруйбат. Үсүһэ, аудирование — тылы араа­ран, истэн өйдүүр эрээри, саҥар­бат, аахпат уонна суруйбат.
Бэйэм санаабар, биһиги аудированиеҕа болҕомтобутун ууруохпутун сөп этэ. Билингвизм, анаан-минээн үөрэтии, сыраны ууруу, интеллект түмүгэ. Киһи эрэ барыта итинник соругу ситиһэр кыаҕа да, баҕата да суох буолуоҕа. Диглоссия эмиэ балачча уустуктардаах. Оттон аудирование ньыматын олох-дьаһах биир судургу көстүүтүн курдук ылыныахха сөп. Билиҥҥи биһиги мэтиэдьикэбит билингвизмы инники күөҥҥэ туруорар. Саха киһитэ бэйэтин төрөөбүт тылынан сайдара, санаатын сайа этэрэ – кини бырааба. Оттон атын тыллаах туора омукка, бэл атын тылынан иитиилээх саха киһитигэр итинник ирдэбили туруо­руу, улаханнык сымната эт­­­­­­­­­­­­­­­­тэххэ, өйө суох быһыы буолар.
Аудирование ньымата, иһитиннэрэ сатааһын, киһи истэр уорганыгар дорҕооннор олорон хаалыыларын түмүгэр, кини сыыйа-баайа тыллар ис хоһооннорун арааран өйдүүр турукка тиийиитэ түргэн уонна судургу буолуоҕа. Аудирование хас биирдии саха киһитин интэриэһин таарыйар кыһал­ҕаҕа кубулуйуохтаах.
Ол аата, мин, саха киһитэ, тугу саҥарарбын истэр уонна ону өйдүүр дьон төһөнөн элбиир да, соччонон ийэ тылбынан саҥара-иҥэрэ, айа-тута сылдьар кыаҕым улаатан, кэҥээн биэриэҕэ.
Омуктар сыһыаннаһыыларын чөл тутууга социальнай-экэнэмиичэскэй проблемалары быһаарыы кырата суох суолталаах гынан баран, барытын онно түмэ тар­дыы көстөн турар алҕас буолуоҕа. Социаль­най эйгэҕэ сиэрдээх буолууга, бэлитиичэскэй эйгэҕэ тэҥ бырааптаныыны ситиһиигэ, култуура эйгэтигэр национальнай литэрэтиирэ, ускуустуба, норуот үйэлээх үгэстэрэ харгыһа суох сайдар усулуобуйаларын тэрийиигэ ураты болҕомто ууруллуохтаах.
Аныгы Арассыыйа үрдүкү былааһа омуктар сыһыан­наһыыларын проблематын хараҕын далын иһигэр тутарын уонна бу хайысхаҕа ыытар судаарыстыбаннай бэлиитикэтэ чуолкайдык үлэлиирин бэлиэтиэххэ сөп. Оттон тыл бэлиитикэтэ бөҕө укулааттаах сүрүннээх буоллаҕына, олоххо-дьаһахха үлэлиир көдьүүһэ көстүөҕэ.
Чуолаан аҕыйах ахсааннаах норуот төрөөбүт тылын
эндир­дээх ыа­рахан дьылҕата, били Шекспир Гамлета: «Киһи буолабын дуу, кии буолабын дуу», — диир киэҥ эҥ­сиилээх этии­тигэр майгыннаах, кини сир үрдүгэр
баарын тухары ааһан-араҕан биэрбэт сүрэҕин-быарын ыарыыта буолар.

Прокопий ИВАНОВ.

Поделиться