1310
31 мая 2019 в 13:32
Сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ туох үлэ ыытылынна?
Биллэрин курдук, ааспыт 2018 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр Российскай Федерация Президенэ Владимир Путин Айсен Николаевы өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччунан анаабыта. Ити кэмтэн төгүрүк сыл ааһа оҕуста. Бастакы түмүктэри таһаарар кэм.
Бэйэтигэр эрэллээх эрэ киһи маннык этиэн сөп
Өйдүүргүт буолуо, Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэни салайа кэлэригэр, сааскы халаан улахан ороскуокка тэппитин. Ити кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбит бюджетыгар 10-тан тахса млрд солк. тиийбэтэ. Ол курдук, 2018 сыл саҥатыгар 6,2 млрд солк. кредиторскай иэстээҕэ уонна ити иэс салгыы улаата турара. Маны таһынан бюджет эйгэтин үлэһиттэрин хамнастара үрдээһинэ, 4 млрд солк. үбү ирдиирэ.
Ааспыт сыл бэс ыйын 1 күнүгэр Айсен Николаевы Российскай Федерация Президенин Уһук Илин регионнарга боломуочунайа-вице-премьер Юрий Трутнев норуот депутаттарыгар, уопсастыбаннаска официальнайдык билиһиннэрэр киэҥ ыҥырыылаах мунньахха кини: «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илин регионнар ортолоругар эрэ буолбакка, дойдуга биир бастыҥ үлэлээх субъект буолуохтаах», — диэн эппитэ.
Экономическай өттүнэн уустук кэмҥэ маннык быһымах этиини бэйэтигэр эркин курдук эрэллээх уонна дьонугар-сэргэтигэр бүк итэҕэйэр эрэ салайааччы оҥоруон сөбө.
Өрөспүүбүлүкэ үүннэҕинэ-сайыннаҕына, нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа тупсара, туруктанара биллэн турар.
Кырыымчык да дохуоттаах, туруктаахтык олоруон сөп
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ уруулун саҥа тутаатын кытта, кырыымчык да дохуоттаах ыал харчыларын кэмчилээн, туруктаахтык олороллорун курдук, өрөспүүбүлүкэ эмиэ итинник дьаһанар кэмэ кэлбитин, билиҥҥи баар балаһыанньа көрдөрөр, сатаан дьаһаннахха, экономикабыт өрө көтөҕүллүүтэ, кыаллыбат сыал-сорук буолбатах диэн суруйбуттаахпын.
Ил Дархан эбээһинэһин толорооччу ити эппит бөдөҥ соругар бастакы хардыылары хоҥнохтоохтук оҥорон киирэн барбыта. Ол курдук, халаан содулларын туоратыыга федеральнай бюджеттан 955 031,12 тыһ. солк. көрүллэрин ситиспитэ. Үп-харчы баар буолан, сааскы халаан содула суһаллык, түргэнник быһаарыллыбыта.
Халаан боппуруоһун быһаараат, бюджет итэҕэһин оһорунууга сыратын уурбута. Ил Дархан уонна саҥа бырабыыталыстыба судаарыстыбаннай бырагыраамалар сорох тэрээһиннэрин тохтоторго күһэллибиттэрэ. Федеральнай киини, бөдөҥ бизнес-структуралары кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээбиттэрин түмүгэр өрөспүүбүлүкэ 2018 сыллааҕы бюджетыгар 219 млрд солк. үп киирбитэ. Ити былааннаммыт үптэн-харчыттан 10,6 млрд солк. элбэҕэ. Бюджекка бэйэбит киллэрэр дохуоппут 8,3 млрд солк. улааппыта. Бу курдук, бюджет иэһэ быһаарыллыбыта. Манна Айсен Николаев финансист идэлээҕэ, ити эйгэҕэ уопута, билиитэ-көрүүтэ төһүүнэн буолбута саарбаҕа суох.
Маны таһынан толоруулаах былаас уорганын сарбыйыыга үлэ ыытыллыбыта. Холобурга аҕаллахха, гражданскай уопсастыба институтун сайыннарыы министерствота уонна хас да управление уонна кэмитиэт үлэлэрин тохтоппуттара. Салайар састаап 15% сарбыллыбыта. Ити түмүгэр бюджет ороскуота 400 мөл. солк. кыччаан биэрбитэ.
Ол курдук, 2019 сыл ыам ыйын саҥатыгар ырытар кредитнэй рейтинговай Агентство биэрбит дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ кредитнэй рейтинэ мөлтөхтөн туруктаахха көспүтүн бэлиэтиибин. Үп-харчы эйгэтигэр ити оҥоһуллубут үлэни улахан ситиһиинэн сыаналыыбын.
Итини таһынан 2018 сыл түмүгүнэн Саха сирэ ис баалабай бородууксуйа нэһилиэнньэ хас биирдии дууһатыгар тиксиитинэн, Россия уон регионун иһигэр киирбитин бэлиэтиибин. Историяҕа аан бастаан өрөспүүбүлүкэбит «триллион таһымыгар» тахсары ситистэ. Ол курдук ИББ — 1040,6 млрд солк. Промышленность көрдөрүүтэ эмиэ улааппытын бэлиэтиибин. Ол курдук, бу эйгэ кэлиҥҥи алта сылга саамай үрдүк көрдөрүүлэннэ. Сыл иһигэр хас даҕаны стратегическай суолталаах промышленнай бырайыактар олоххо киирдилэр. Сыл бүтэһигэр «Газпром» «Сибиир күүһэ» ситими тутан бүтэриэҕэ. Чайаҥдаттан аан бастаан айылҕа гааһа хостонуоҕа. Оччоҕуна Соҕуруу Саха сирэ күөх төлөнүнэн хааччыллыаҕа. Маныаха өрөспүүбүлүкэ салалтата промышленноска бастакы уочарат олохтоох кадрдары үлэнэн хааччыйары сыал-сорук оҥосторун бэлиэтиибин. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ 2024 сылга 20 тыһыынча олохтоох кадры үлэнэн хааччыйар соруктаах.
Ил Дархан аччыгый уонна орто бизнеһи эмиэ күүскэ өйүүр. Ааспыт сайынтан саҕалаан урбаанньыттары оборудованиеларынан хааччыйыыга көмөлөһөр сыалтан лизинговай хампаанньа үлэтин саҕалаабыта. Инвестицияны тардыыга эмиэ үлэ былааннаахтык барар.
Айсен Николаев: «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илин регионнар ортолоругар эрэ буолбакка, дойдуга биир бастыҥ үлэлээх субъект буолуохтаах», — диэн эппитэ. Экономическай өттүнэн уустук кэмҥэ маннык быһымах этиини бэйэтигэр эрэллээх уонна дьонугар-сэргэтигэр итэҕэйэр эрэ салайааччы оҥоруон сөбө.
Сомоҕолоһуу
Ити киэҥ ыҥырыылаах мунньахха Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо түмсэрбит, сомоҕолоһорбут наадатын туһунан эппитэ. Кини хас биирдиибит өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар тус кылааппытын киллэриэхпитин, дойдубут олоҕор кыттыыны ылан, сайдыы суолун-ииһин тэлиэхтээхпит туһунан бэлиэтээбитэ.
Күһүн балаҕан ыйыгар буолбут өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын быыбарыгар норуот дьиҥ-чахчы түмсүбүтэ, сомоҕолоспута. Быыбардааччылар баһыйар үгүс куоластарын Айсен Николаевка итэҕэйбиттэрэ. Кинилэр Айсен Сергеевичка норуотун итэҕэлигэр тирэнэн, өрөспүүбүлүкэбит үүнэрин-сайдарын, дьон-сэргэ олоҕо уйгулаах-быйаҥнаах буоларын туһугар салгыы таһаарыылаахтык үлэлииригэр-хамсыырыгар кыах биэрбиттэрэ.
Айсен Николаев 2019 сылы олус мындырдык Сомоҕолоһуу сылынан биллэрдэ. Ол курдук, политическай, общественнай күүстэри, бизнеһи, Саха сирин олохтоохторун, былааһы биир сыалга-сорукка түмэр инниттэн итинник быһаарыныы ылыныллыбыта саарбаҕа суох. Кистэл буолбатах, саха дьонугар улуустаһыы, түөлбэлэринэн арахсыы диэн мөкү кэмэлдьи, кыдьык баар. Аныгылыы көрүүлээх салайааччы ити кэмэлдьини туоратар инниттэн, дьон-сэргэ түмүстэҕинэ эрэ, үлэ-хамнас тахсыылаах, үүнүү-сайдыы кэлэрин иһин итинник дьаһаннаҕа.
Биһиги норуот өссө биир мөкү кыдьыкпытынан оллоонноон олорон, салалтаны мөҕүү-этии, үөҕүү, ыыстааһын буолар. Барыта үрдүттэн, саба быраҕан саҥарабыт-иҥэрэбит. Этэргэ дылы, хайа да бэйэлээх кэлэн салайдаҕына, ис буолбат курдук балаһыанньаҕа олоробут. Оҕолорбутун, кэскилбитин санаан, ити кыдьыкпытыттан аккаастаныахтаахпыт.
Хоту сиргэ — болҕомто
Айсен Николаев хара маҥнайгыттан хоту сиргэ, Арктикаҕа ураты күүстээх болҕомтотун уурбута. Ол курдук, Арктиканы сайыннарыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министерствоны тэрийбитэ. Ити кэнниттэн Российскай Федерация илиҥҥи сайдыыга министерствотын аата Арктиканы уонна Дальнай Востогу сайыннарыыга министерство диэн уларытыллыбыта.
Ыам ыйын саҥатыгар Россия Президенэ Владимир Путин өрөспүүбүлүкэ өссө аҕыс улууһун официальнайдык Арктика оройуоннарынан ааҕар туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Өр кэмнээх туруорсуу олоххо дьэ киирдэ. Манна өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын федеральнай кииҥҥэ аптарытыата оруолу оонньообута саарбаҕа суох.
Ил Дархан Арктика улуустарын олохтоохторун сир, баай-дуол уонна транспорт нолуогуттан босхолуур туһунан дьаһалы ылыммыта. Маннык дьаһаныы тыйыс усулуобуйаҕа олорор хоту сир олохтооҕор ыра санаатынан эрэ буолара. Кистэл буолбатах, үгүстэр итинник быһаарыныыны кыаллыбат, олоххо киирбэт суол курдук көрөллөрө. Арктика улуустарын олохтоохторо абыраналлара саарбаҕа суох.
Айсен Николаев Арктика улуустарын олохтооругар чэпчэтиилэри туруорсарын салгыырын бэлиэтиибин.
Социальнай эйгэҕэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай эйгэҕэ эмиэ биллэр иннин диэки хамсааһыннар таҕыстылар. Кистэл буолбатах, Ил Дархан Айсен Николаев сорох түргэн уонна чопчу күүтүллүбэтэх өттүттэн быһаарыныылары ыланырыттан сөҕөбүн эрэ. Олортон биир сөхпүт түгэним онкологическай уонна радиологическай отделениены Дьокуускай куорат төрүүр дьиэтигэр көһөрбүтэ буолар. Төһөлөөх өр сыллар усталара ити балыыһалар үлэһиттэрэ уонна ыарахан диагностаах ыарыһахтар эрэйи көрбүттэрэ буолуой? Итини илэ харахпынан көрбүт буоламмын иһиттэн билэбин. Үтүөрүөхтээх да киһи мөлтөх усулуобуйаттан санаата түһэн, доруобуйатын туруга өссө мөлтүөх курдуга.
Инникитин салалта итиннэ өрөспүүбүлүкэ ситимин, онкологическай көмөҕө 18 амбулаторнай киини тэрийэр былааннаах.
Ааспыт 2018 сыл атырдьах ыйыгар ыытыллыбыт Дальнай Восток уонна Байкал регионнарын социальнай-экономическай сайдыыларыгар Дмитрий Медведев бэрэссэдээтэллээх дойду бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын мунньаҕар Айсен Николаев булгуччулаах медицинскэй страховкалааһыҥҥа регионнар уратыларын учуоттаан, субвенцияны тыырыы ньыматын уларытар наадатын туһунан эппитэ. Ил Дархаммыт ити этиитэ үрдүкү салалтатаҕа учуоттаммыта. Тыйыс климаттаах, мөлтөх суоллаах-иистээх 5 регион субвенциялара балтараа төгүл үрдэтиллибитэ. Ити түмүгэр өрөспүүбүлүкэ доруобуйаҕа харыстабыла 6,7 млрд солк. эбии үбү-харчыны ылбытын бэлиэтиибин. Доруобуйа харыстабылыгар инники соруктар киэҥнэрин бэлиэтиибин.
Өрөспүүбүлүкэҕэ саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ үлэ эмиэ тэтимнээхтик барар. 2024 сылга диэри ити сыалга-сорукка 61,1 млрд солк. (60,5 млрд. солк. федеральнай бюджеттан тыырыллар үп) көрүллүөҕэ.
Демографическай политикаҕа эмиэ хардыылар оҥоһулуннулар. Ол курдук, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дьиэ кэргэҥҥэ оҕо төрөөтөҕүнэ, харчынан төлөбүр оҥоһуллуоҕа. Ити туһунан Ыйаахха Ил Дархан илии баттаан турар. Уһуйааҥҥа уочараты аччатар сорукка үлэ салгыы ыытыллар. 2018 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ барыта саҥа 10 оскуола үлэҕэ киирдэ.
Маны таһынан Ил Дархан саха киинэтин уһулууга судаарыстыба өттүттэн үбүнэн-харчынан өйөөһүҥҥэ быһаарыныы ылынна. Бу салааҕа өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 80 мөл. солк. тыырыллыаҕа. Эстрада театра «Европа» кулууп дьиэтин ылан, биир кыһалҕалаах боппуруос быһаарыллыбытын эмиэ этэр наадалаах.
Кистэл буолбатах, Ил Дархан Айсен Николаев сорох түргэн уонна чопчу күүтүллүбэтэх өттүттэн быһаарыныылары ыланырыттан сөҕөбүн эрэ. Олортон биир сөхпүт түгэним онкологическай уонна радиологическай отделениены Дьокуускай куорат төрүүр дьиэтигэр көһөрүүтэ буолар.
Экология
Биллэрин курдук, промышленность төһөнөн сайдар да, экология боппуруоһа сытыытык турар. Санатар эбит буоллахха, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын бастакы Ыйааҕа итиннэ туһуламмыта.
АЛРОСА драгатын полигона алдьанан Бүлүү өрүһэ киртийбитин туоратыыга ити дьаһал төһүү буолара чуолкай. Хампаанньа Эбэ реабилитациятын уонна олохтоохтору ыраас уунан хааччыйар бырагырааматын оҥоруохтаах.
Дьокуускай олохтоохторо быйыл саас аан маҥнай кыраантан ыраас уу түһэрин көрөннөр үөрдүлэр-көттүлэр. Ити киин куоракка ууну ыраастыыр сооружение уонна водозабор үлэҕэ киирбиттэрин кытта сибээстээх. Ойууру, тыаны харыстааһыҥҥа эмиэ үлэ күүһүрэр.
Тустаах Ыйаах бастакы стартегическай суолталаах докумуонунан буолар. 2018 сыл бүтэһигэр «2050 сылга диэри сүрүн хайысхалары быһааран туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическай сайдыытын 2032 сылга диэри стратегията» саҥардыллан оҥоһуллубута. Бу докумуоҥҥа дьадайыыны икки төгүл аччатар, дохуоту, оҕо төрөөһүнүн, орто сааһы үрдэтэр чопчу сыал-сорук туруоруллубута. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактарынан үлэ барыаҕа.
Тыа хаһаайыстыбата
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга эмиэ болҕомтотун уурар. Ааспыт сыллаахха «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан» диэн Ыйааҕы таһаарбыта.
Тустаах докумуоҥҥа 2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы чопчу сыаллара-соруктара туруоруллубуттара. Бу Ыйаах биир сүрүн сыалынан нэһилиэнньэни хаачыстыбалаах олохтоох бородууксуйанан хааччыйыы буолар.
Манна механизациялаах сайыҥҥы фермалары, типовой сылгы базаларын, собуоттарын тутуу, көтөрү иитиини модернизациялааһын, табаны иитии материальнай-техническэй базаларын саҥардан биэрии соруктара бааллар.
Муоста, уматык, авиахампаанньа, тимир суол
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана бэйэтин иннигэр туруоруммут биир бөдөҥ сыалынан-соругунан Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута буолар. Ити муоста тутуллан, үлэҕэ киирэр түгэнигэр, судаарыстыба аҥаардас хотугу таһаҕаһы тиэйиигэ 6-7 млрд солк. кэмчилиэхтээх.
Россия экономикаҕа сайдыытын министерствота тустаах бырайыагы өйөөбүтүн бэлиэтиибин. Бырайыак 2024 сылга диэри дойду транспорга инфраструктарын модернизациялааһыҥҥа биир кэлим бырагырааматыгар киллэриллиэн сөптөөх.
Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэбитигэр уматык сыаната олус үрдүк. Ил Дархан дуоһунаһыгар киирээт, бу боппуруос тула санаатын эмиэ эппитэ уонна уматык сыанатын аччатыыга үлэтин саҕалаабыта. Кини: «Өрөспүүбүлүкэбитигэр нефть уонна гааз переработкалара сайдар эрэ түгэннэригэр ити боппуруос быһаарыллар кыахтаах. Итиннэ үлэ барар», – диэн этэр.
Айсен Николаев «Якутия» авиахампаанньа мөлтөөбүт үлэтин-хамнаһын өрө тардыыга эмиэ тута ылсыбытын бэлиэтиибин. Ол курдук, хампаанньа саҥа сөмөлүөттэри атыыласта. Тас дойдуларга көтөр лицензияларын төттөрү ылары ситистилэр. Билигин Саха сирин олохтоохторо Соҕуруу Кореяҕа, Кытайга көтөр кыахтаннылар. Аны нэһилиэнньэ пассажирскай поезд сырыытын кэтэһэр.
Олус кылгас кэм устата өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев хайдахтаах курдук элбэх үлэни ыыппытый? Үрдүттэн саба быраҕан, «салалта тугу да гыммат» диэн дойҕохпутун тохтотуоҕун, дьоммут-сэргэбит өйүн-санаатын бутуйумуоҕун. Ил Дархаммыт үлэлииригэр кыахта биэриэҕин, өйүөҕүн, көмөлөһүөҕүн. Бу оҥоһуллубут үлэлэр кэннилэриттэн, кэлэр түөрт сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр үтүө өттүгэр хамсааһыннар тахсыахтарыгар бүк эрэллээхпин.
Людмила НОГОВИЦЫНА