881

11 декабря 2018 в 12:03

Украина мэҥиэ эрэ буолар

Керчь хомотугар буолбут дьайыы тугу этэрий?

Биллэрин курдук, сэтинньи 25 күнүгэр Украина муоратааҕы-байыаннай күүһүн хараабыллара Керчь хомотугар Российскай Федерация судаарыстыбаннай кыраныыссатын кэстилэр. Икки катер уонна буксир экипажтарын биһиги пограничниктарбыт туппуттара. Бу дьайыы тугу этэрий?

Оонньообуттара оҕус буолуон сөп

 

Украина былааһа Россияны кытта аһаҕастык киксиһиннэрэр, тиксиһиннэрэр усхай политиканы ыытар. Этэргэ дылы, оонньообуттара оҕус буолуон сөп. Ити дириҥ толкуйа суох быстах быһыыланыылара дириҥ силистэнэн-мутуктанан, аан дойдуга ааҥнаах алдьархай тахсан хаалыан сөп.

Президеннэрэ Петр Порошенко дойдуга байыаннай балаһыанньаны биллэрдэ. Чопчулаан эттэххэ, Россияны кытта кыраныыссалаһар уон уобаласка биир ыйга итинник балаһыанньаҕа олоруохтара. Хомойуох иһин, Украина Үрдүкү Радата дойду аҕа баһылыгын быһаарыытын өйөөтө.

Маны таһынан Украина былааһа 16-тан 60-гар диэри саастаах эр дьону Российскай Федерация сиригэр-уотугар баралларын кытаанахтык боптулар. Инньэ гынан дойду үрдүкү салалтата эйэлээх нэһилиэнньэ быраабын кэстэ.

Экспердэр ханнык да сэрии буолбатах судаарыстыбаҕа, бэйэтин дьонун уонна дойдутун эрэ кытта этиһэр-охсуһар былаас ылыммыт быһаарыныытыттан сонньуйаллар эрэ.

 

Күөнтэһии кэмэ

 

Билигин судаарыстыбалар ким күүстээҕин-кыахтааҕын дакаастыы, быһаарса сатыыр күөнтэһиилэрин, этэргэ дылы, иннэ үрдүгэр олорор халбархай кэмнэрэ. Кыра да сыыһа-халты туттуу уоттаах сэриини күүдэпчилэтиэн сөп.

Күндү ааҕааччыларым, өйдүүргүт буолуо, АХШ президенин быыбарын кэнниттэн Трамп уу чуумпутук бэйэтэ-бэйэтигэр олорор Хотугу Кореяны кыынньаабытын. Икки дойду иирсээннэрэ эйэнэн эбэтэр улахан сэриинэн түмүктэниэҕин туһунан экспердэр бэлиэтээбиттэрэ.  Хата, таҥара көмөтүнэн үгүс судаарыстыба күүстээхтик утараннар, баар кутталлаах балаһыанньа тохтотуллубута.

Аан дойдуга эйэлээх олох сатыылыырыгар, бастатан туран, Кытай хайа диэки хайыһарыттан улахан тутулуктаах. Кини эбэтэр Америкаҕа, эбэтэр Россияҕа сыстыан, эбэтэр эйэлээх соҕотох гегемон буолан хаалыан сөп. Кэлиҥҥи кэмҥэ бу дойду байыаннай сэбилэниилээх күүстэрэ, аармыйата балачча күүһүрдүлэр. Оттон экономиката ат бөтөрөҥүнэн сүүрэрин курдук үүнэр-сайдар. Онон да былдьаһыктаах бытта сыатыгар кубулуйдаҕа. Ити да иһин Америка Кытайы бэйэтин диэки тарда сатыыр.

Иккиһинэн, эйэлээх олоххо, биллэрин курдук, Европа дойдулара улахан сабыдыаллаахтар. Ол эрээри бу судаарыстыбалар Америкаттан улахан тутулуктаахтар. Этэргэ дылы, билигин ити дойдуларга АХШ аҥаардастыы «бөө» диэн олорор. Кини хайа диэки хайыһарын, хайдах хамсанарын кэтииллэр-маныыллар. Көҥүллэрэ тууйуллар. Биллэн турар, Европа судаарыстыбалара тутулуга суох, көҥүл буолуохтарын баҕараллар. Ити наадатыгар Европа аармыйатын тэрийии туһунан кэпсэтии мэлдьи барар. Тустаах боппуруоһу дойдубут Президенэ Владимир Путин эмиэ өйөөбүтэ. Ол гынан баран, хомойуох иһин, тустаах боппуруос оннуттан хамсыы илигин бэлиэтиибин.

 

Иһэ истээх

 

Дьиҥэ, Украина былааһын Керчь хомотугар дьайыыта иһэ истээх. Эрдэттэн былааннаныллыбыт тэрээһин буолара сэрэйиллэр. Ол курдук, ити быһылаан сүүрбэ бөдөҥ судаарыстыба аҕа баһылыктара түмсүөхтээх тэрээһиннэрин иннилэригэр буолла. Бу дьайыы түмүгэр Россия уонна АХШ президеннэрин көрсүһүүлэрэ тохтотулунна. Ити көрсүһүүгэ норуоттар икки ардыларынааҕы бөдөҥ суолталаах боппуруостар дьүүллэһиллиэхтээхтэрэ. Америка Президенэ Дональд Трамп историяҕа эрэ киирэр баҕалаах. Аҥаардас сэрии сэбигэр бу дойду 700 млрд доллары кутар.

Америка да, арҕаа дойдулар да Украинаны биир таһымҥа туран кэпсэтэр судаарыстыба курдук санаабаттар. Россияны утары дьайыы оҥороллоругар туһаналлар.

Экспердэр Украинаны, үп-харчы уонна байыаннай сэби ылар инниттэн, улахан «оонньууга» мэҥиэ эрэ буолла диэн сыаналыыллар. Дирижердааччылар атыннар.

Итини таһынан быыбардааччыларын иннилэригэр аптарытыата таҥнары түспүт Порошенко, баар балаһыанньаны туһанан президент быыбарын болдьоҕун көһөртөрө, бэйэтин политическай сыалыгар-соругар туһана сатаата да, хомойуох иһин, табыллыбата. Ол курдук, Үрдүкү Рада кини тустаах этиитин ылыммата. Петр Порошенко дойду президенинэн иккис болдьоххо хаалар баҕата баһаам.

 

Суут эрэ быһаарыаҕа

 

Соторутааҕыта АХШ Госдепартамена Украина моряктарын босхолууру ирдиир этиитин бэчээттээбитэ. Ити ирдэбил туолбат түгэнигэр, Москваҕа сааналларын, суостаналларын-суоһурҕаналларын бэлиэтиибин.

Дойду кыраныыссатын кэспит 24 Украина моряктарын дьылҕатын Симферополь Киевтээҕи оройуонун суута эрэ быһаарыаҕа. Украина гражданнарыгар холуобунай дьыала тэриллибитэ биллэр.

Ааҕааччыларбар Керчь хомотугар курдук түбэлтэ урут эмиэ буолбутун санатабын. Ол курдук, 32 сыл анараа өттүгэр Америка хараабыллара эмиэ дойдубут кыраныыссатын кэһэн тураллар.

Экспердэр Америка политиктара Россияны төрдүттэн билбэттэрин, кинилэр куттаатахтарын ахсын моряктар босхоломмотторун бэлиэтииллэр.

 

Тас судаарыстыбалар парламеннарыгар

 

Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ пленарнай мунньахха эйэлээх олоххо кутталы үөскэтэр тустаах боппуруоһу дьүүллэстилэр, санаа атастастылар. Парламентарийдар, хомойуох иһин, үгүс судаарыстыбалар Украинаны өйүүллэрин биллэрбиттэрин, ити балаһыанньа илгэ-эйэҕэ сэрэхтээҕин бэлиэтээтилэр.

Пленарнай мунньахха Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин Куттал суох буолуутун Сэбиэтигэр киирэр бастайааннай чилиэннэригэр, Европа куттала суох буолуутун уонна бииргэ үлэлээһин тэрилтэлэригэр, «нормандскай четверкаҕа» киирэр Германия уонна Франция парламеннарыгар анаан сэтинньи 25 күнүгэр буолбут Украина быраабы кэһэр дьайыытын дьүүллэһэллэригэр Туһаайыы сурук ылыммыттара.

Тустаах сурук эйэлээх дойдулар парламеннарыгар барыларыгар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы тэрилтэлэригэр ыытылынна. Сэрии эрэ буолбатын, онтон атыны барытын мүлчү түһүөхпүт, аһарыахпыт.

Поделиться