943

20 октября 2017 в 10:57

Ийэҕэ махталы, ытыктабылы биллэрэн

Саха сиригэр алтынньыга Ийэ күнүн бэлиэтиибит. Бу бырааһынньык 1993 сыллаахха Арассыыйа регионнарыгар биир бастакынан олохтоммута. Бу күннэргэ Ийэ күнүн декадата буола турар. Ийэҕэ ытыктабыл уонна таптал хаһан даҕаны уостубат.

Ийэ баар буолан…

Ийэ баар буолан оҕо күн сирин кэрэтин билэр. Ийэ оҕоҕо таптал, олох дьиҥнээх тускулун сирэйинэн буолар. Кини киһи үчүгэй хаачыстыбатын иитэр, үтүөҕэ, сиэрдээх буоларга үөрэтэр.
Ийэ уобараһыгар тапталбытын биллэрэрбитин сэргэ кини уопсастыба олоҕор оруолун эмиэ бэлиэтиэх тустаахпыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатарга, ийэ уонна оҕо аймах көмүскэллээх буоларыгар үлэлэр ыытыллаллар, элбэх оҕолоох уонна иитэ ылбыт оҕолоох ыаллары өйүүр социальнай дьаһаллар элбэхтэр. Ол курдук, ханнык дьаһаллар, сокуоннар ийэ буолууну уонна оҕо аймах туруктаах буоларыгар үлэлииллэр эбит?

Герой-ийэҕэ — мөлүйүөн солкуобай

Элбэх оҕолоох ийэлэргэ ытыктабылы биллэрэн, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын ыйааҕар олоҕуран быйыл “Герой-ийэ” диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэлиэтэ олохтонно.

Герой-ийэҕэ – 1 мөл. солк.

10 уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт уонна ииппит ийэҕэ 1 мөлүйүөн солкуобайы сэргэ ити бэлиэ бэриллэр. Маны сэргэ сэттэ, аҕыс, тоҕус оҕолоох ийэлэргэ туһааннааҕынан 50 тыһ. солк., 75 тыһ. солк., 100 тыһ. солк. харчынан наҕараадалаах I, II, III истиэпэннээх “Ийэ килбиэн аата” бэлиэ олохтонно.

 

 

 

Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо аймах, ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев:


— Дьиэ кэргэни уонна оҕо аймаҕы өйүүр уопсайа 12 өрөспүүбүлүкэ сокуона баар. Сүрүн сокуоммутунан “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кэргэни, ийэ, аҕа буолууну уонна оҕо аймаҕы көмүскээһин туһунан” өрөспүүбүлүкэ сокуона буолар. Дойду салалтата кыаммат уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ күүстээх үлэ ыытар туһунан сорук туруорбута. Биһиэхэ вице-премьер Ольга Голодец бу хайысхаҕа туох этиилэрдээхпитин интэриэһиргээбитэ. Кэлиҥҥи сылларга быыбардааччыларбытын кытары элбэхтэ көрүстүбүт. Онно кинилэр баар кыһалҕаларга санааларын этинэллэр. Бу кэпсэтиибитин учуоттаан, дьүүллэһэн баран, бэйэбит этиилэрбитин бэлэмнээтибит. Онно элбэх оҕолоох ыалы өйүүргэ туһуламмыт үгүс этиилэр бааллар. Холобур, ийэ үлэлээбэккэ оҕотун көрөрүнэн ылар харчытын оҕотун үс сааһыгар диэри төлүүр туһунан, оҕолоро 18 сааһын туоллаҕына элбэх оҕолоохтор категориятыгар киирсибэттэрэ сөбө суоҕун бэлиэтээн, 23 сааһыгар диэри учуоттуурга уонна да атын этиилэрдээх таҕыстыбыт.
Туруктаах дьиэ кэргэн дойду бигэ тыылынан буолар. Ил Түмэн бу хайысхаҕа өссө күүскэ үлэлэһэргэ кыһаллар.

Кэрэхсэбил

Арассыыйа субъектарын кытта тэҥниир буоллахха, Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ханнааҕар да үгүс – 21 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар, онно 72 тыһ. оҕо ийэ-аҕа истиҥ сыһыанын билэ сылдьар.
Кутуйах хаамыытынан да буоллар, сылын ахсын оҕо төрөөһүнэ элбиир. Быйыл балаҕан ыйыгар онус тыһыынча оҕо күн сирин көрбүтэ бэлиэтэммит.
Саха сиригэр ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйүүр дьаһаллар оҥоһуллаллар. Бастакынан – элбэх оҕолоох ыалларга. 2011 сылтан саҕалаан бу күҥҥэ диэри үһүс уонна онтон элбэх оҕолоох 21 тыһ. ыал өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаалын ылбыт. Бүддьүөттэн уопсайа 1 млрд. 864 мөл. солк. көрүллүбүт.
Биэс уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолордоох ыалга дьиэ тутталларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар ортотунан 2 мөл. солк. кээмэйдээх социальнай төлөбүр көрүллэр. 2012 сылтан 205 дьиэ кэргэн бу төлөбүрүнэн туһаммыт. Иитэ ылбыт 10-тан тахса оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ микроавтобус массыына бэриллэрин туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын ыйааҕа 2012 сыллаахха олоххо киирбитэ. Бу көмөнөн 25 иитэ ылбыт оҕолоох ыал туһаммыт.
Төһө да экономическай кириисис ыктар, олоҕу тускулуур дьиэ кэргэн институтун Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата өйүүргэ дьулуһар. 2017 сылтан элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр өссө биир социальнай дьаһал олоххо киирдэ – 10 уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох ыалга дьиэ тутталларыгар 2,5 мөл. солк. суумалаах социальнай төлөбүр көрүллэр.
Ити курдук өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ сылын ахсын 7 млрд. солк. көрүллэр.

 

Сыыппаранан

“Күн Күбэй ийэ” бэлиэнэн 250 элбэх оҕолоох ийэ наҕараадаламмыт;
“Ийэҕэ үрдүкү махтал” бэлиэнэн — 73 ийэ;
Софья Сидорова аатынан бэлиэнэн — 48 уопсастыбанньык-дьахтар.
2015 сыллаахха 16 345 оҕо төрөөбүт;
2016 сыллаахха 15 352 оҕо төрөөбүт;
2017 сылга от ыйынааҕы дааннайынан куоракка 8111 оҕо, тыа сиригэр 3041 оҕо төрөөбүт.

 

Сокуонунан өйөбүллэр:

● Сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго ыйдааҕы социальнай көмө харчыны мэктиэлиир өрөспүүбүлүкэ сокуона;
● 1993 сыллаахха тахсыбыт “СӨ нэһилиэнньэтин доруобуйатын көмүскэлин туһунан” СӨ сокуонунан кыаммат ыаллар оҕолоро үс саастарын туолуохтарыгар диэри босхо эминэн хааччыллаллар;
● 2008 сыллааҕы “Дьиэ кэргэни, ийэ, аҕа буолууну уонна оҕо аймаҕы көмүскээһин туһунан” СӨ сокуонунан оҕо үс сааһыгар диэри босхо аһылык уонна саҥа төрөөбүт оҕо таҥаһа көрүллэр;
● 2012 сыллааҕы СӨ Бырабыыталыстыбатын 192 №-дээх уурааҕынан намыһах дохуоттаах ыалларга дьиэ коммунальнай төлөбүрүгэр субсидия көрүллэр;
● 2011 сыллаахха “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаала” СӨ сокуонунан үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо 139 716,68 солк. көрүллэр;
● “СӨ Сирин кодексынан” босхо сир бэриллэр;
● 2012 сылтан үһүс уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт кыаммат ыалга социальнай контракка олоҕуран көмө оҥоһуллар;
● 2012 сыллаахха биэс уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох ыалга олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсаралларыгар биир кэмнээх социальнай төлөбүр олохтоммут.

Поделиться