820

24 октября 2016 в 13:01

«Дьокуускай- Аллараа Бэстээх» хайысханан паром сырыыта тохтоото

Өрөспүүбүлүкэҕэ алтынньы 22 күнүттэн «Дьокуускай- Аллараа Бэстээх» хайысханан паром сырыыта тохтоото.

Алтынньы 23 күнүттэн ыла «ЛОРП» ААО мууһу алдьатардаах парома «Жатай — Төхтүр» хайысханан сылдьар. Тырааныспар министиэристибэтэ СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, билигин паром тиксэр сирин оҥороллор.

parom1

Дьону-сэргэни куорат 202-с микрооройуонуттан халлаан сырдыгар сарсыарда 08.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри сылгыннаах суднолар таһаллар.

СИА.

Поделиться