719

07 августа 2017 в 11:33

Оҥоһуу ардахтар көмөлөһөллөр

Атырдьах ыйын 3 күннээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 21 тыһ. га сири хабар 22 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр, онтон 14 га сирэ ойуурдаах сир. Ол туһунан СӨ ойуур сыһыаннаһыыларыгар департамент пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ханнык улуустар территорияларыгар улахан баһаар бэлиэтэнэрий?

Бүлүү улууһугар 49 тыһ. га сиринэн 4 баһаар, Уус-Алдаҥҥа эмиэ 4 сиринэн баһаар, Горнай улууһугар 2 баһаар бэлиэтэнэр. Итиэннэ Алдаҥҥа, Аммаҕа, Мэҥэ-Хаҥаласка, Намҥа, Уус-Майаҕа, Ньурбаҕа уот турбут. “Кэҥкэмэ” диэн Дьокуускайдааҕы ойуур хаһаайыстыбатын 90 га иэннээх сиригэр баһаар буола турар. Билиҥҥи дааннайынан Бүлүү улууһугар 2 баһаар, Кэбээйигэр 1 баһаар төрдүттэн умуруоруллубут. Уоту кытта 679 киһи охсуһа сылдьар. Онтон 316-та “Авиалесоохрана” ФБУ баһаарнай парашутнай сулууспа исписиэлистэринэн буолаллар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ “Авиалесоохрана” ФБУ быһаарыытынан Горнай уонна Бүлүү улуустарыгар, турбут уоту умуруорар сыалтан, анал оборудование көмөтүнэн, күүстээх ардаҕы түһэрбиттэр. Ол курдук, федеральнай биэдэмэстибэ исписиэлистэрэ Ан-26 сөмөлүөт көмөтүнэн былыты йоддаах серебро пирапатронунан ытаннар, ардах түһэрин ситиспиттэр. Ол үлэ түмүгэр Горнайга уот турбут сиригэр 40 мүнүүтэ буолан баран ардах түспүт, балачча өр кэм түһэн баран, ардах күүһүрэн барбыт. Маннык ньыманан Горнай уонна Бүлүү улуустарыгар турбут улахан баһаардар умуруоруллубуттар.

Поделиться