497

01 марта 2019 в 18:21

Пааматынньыктары чөлүгэр түһэриэхтэрэ

Саха сирин сэлиэнньэлэригэр уонна куораттарыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт Саха сирин буойуннарыгар пааматынньыктары чөлүгэр түһэриэхтэрэ. Ити туһунан өрөспүүбүлүкэ Баһылыга Айсен Николаев Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр анаммыт мунньахха эттэ.

Кыайыы саллааттарын хорсун быһыытын кэнэҕэски көлүөнэлэр билэллэрин уонна кэриэстииллэрин туһугар, Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн Саха сирин сэлиэнньэлэригэр уонна куораттарыгар баар пааматынньыктары уонна өйдөбүнньүктэри чөлүгэр түһэрии саҕаланыаҕа. Волонтердар күүстэринэн Аҕа дойдуну көмүскээччилэри үйэтитии тус сыаллаах федеральнай бырагырааматын чэрчитинэн Аҕа дойду Улуу сэриитин саллааттарын ааттара өрөспүүбүлүкэ историятыгар суруллуохтара.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сириттэн ыҥырыллан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Ийэ дойдуну көмүскээбит 63 тыһыынча киһиттэн өрөспүүбүлүкэҕэ 111 киһи олорор, диэн СИА иһитиннэрдэ.

Поделиться