440

01 марта 2019 в 18:22

Тыа сирин бухгалтердарыгар уонна экономистарыгар пенсиялара эбиллиэ дуо?

Тыа сиригэр үлэлээбит бухгалтердар уонна экономистар пенсияларыгар эбии төлөбүрү ылыахтарын сөп. «Парламент хаһыата» иһитиннэрбитинэн, туһааннаах этиини Бырабыыталыстыбаҕа сенатор Сергей Леонов киллэрэр баҕалаах. Кини гражданнар бу категорияларын эбии төлөбүр ананар дьон испииһэгэр киллэрэргэ уонна Пенсионнай фонда бюджетыгар итиннэ харчыны угарга ыҥырар.

Тыа сиригэр олорооччуларга страховой пенсия төлөбүрүн кээмэйин үрдэтии Бырабыыталыстыба быһаарыытынан, үлэлэр, производстволар, идэлэр испииһэктэригэр сөп түбэһиннэриллэн олохтонор. Ити кэрискэҕэ 500-тэн тахса идэ баар. Ол иһигэр, холобур, «кылаабынай инженер», «суоппар» уонна «механик» дуоһунастара киирбиттэр. Бу идэлэринэн тыа сиригэр 30-тан тахса сыл үлэлээбит пенсионердар пенсия чопчу ыйыллыбыт сууматыгар 25 бырыһыан эбии төлөбүрү ылар бырааптаахтар. Маныаха «бухгалтер» уонна «экономист» дуоһунастарын, хонууга уонна сүөһүнү кытта быһаччы үлэлээбэтэхтэрэ диэн, Бырабыыталыстыба испииһэккэ киллэрбэтэҕэ.
«Тыа сиригэр үлэһиттэри ханнык эрэ алын категорияларга араарар сиэрэ суох, кинилэр бары ыарахан үлэни толорбуттара», — диэн ааҕар Сергей Леонов. «Мин дойду бары муннуктарыттан урукку тыа хаһаайыстыбатын бухгалтердарыттан уонна экономистарыттан суруктары тутабын, кинилэр итинник араарыыттан хомойоллор. Кинилэри эмиэ хонуу, от үлэлэригэр таһаараллара, — диэн кэпсээтэ сенатор. — Тэрилтэлэр ыһыллыбаттарын туһугар, ыйааһыннаах кылааты киллэрбиттэрэ, бары дуогабардары, бэдэрээтчиттэри кытта үлэни толороллоро. Хонууга, сүөһүнү кытта эбэтэр атын дуоһунаска үлэлээбит дьону кытта тэҥнээтэххэ, кинилэр кылааттара төрүт итэҕэһэ суох».
Испииһэккэ киирбэтэхтэриттэн сылтаан, төһө киһи эбии төлөбүрү ылбатын чопчулаары, сенатор Пенсионнай фондаттан ыйытта. Ол эрээри биэдэмистибэ хардатыттан парламентарий астыммата. «Мин ыйытыкпар дьиҥнээх иһитиннэриини ылбатым, — диэн быһаарда Сергей Леонов. — Ол аата тыа хаһаайыстыбатыгар 30-тан тахса сыл бухгалтер уонна экономист дуоһунаһыгар үлэлээбит төһө ахсааннаах гражданин билигин тыа сиригэр олорорун итиэннэ кинилэр дуоһунастара Бырабыыталыстыба бигэргэтэр испииһэгэр киирэр түгэнигэр, пенсияларыгар эбии төлөбүрү ыларга төһө киһи суоттаныаҕын туһунан дааннайдары ыйыппытым. Туһааннааҕынан, тыа сирин олохтоохторун үөһэ ыйыллар категориятыгар ити төлөбүрү хааччыйар туһугар Пенсионнай фонда бюджетыгар төһө үбү угар наадатын туһунан дааннайдары эмиэ биэрбэтилэр».
Пенсионнай фонда баһылыга Антон Дроздов хоруйугар ыйылларынан, тыа сирин 2637 олохтооҕор төлөбүрү аныырга аккаастаммыт. «Ол эрээри, — диэн быһаарар Леонов, — манна гражданнар бары категориялара ааҕыллыбыттар — билигин тыа сириттэн куоракка көһөн олорор дьон эбии төлөбүрү ылар бырааптан маталлар, итиэннэ, холобур, ыстаастара тиийбэт дьон». Сенатор ити 2637 пенсионертан төһөтө бухгалтер эбэтэр экономист дуоһунаһыгар үлэлээбитин, ол иһин төлөбүрү ылар кыаҕа суоҕун туһунан өссө төгүл РПФ ыйарын туруорсар санаалаах. Ыйыллыбыт иһитиннэриини ыллаҕына, сенатор ити дуоһунастары Бырабыыталыстыба Испииһэккэ киллэрэригэр уонна гражданнар бу категорияларыгар эбии төлөбүргэ анаан харчыны Пенсионнай фонда 2020 сыллааҕы бюджетыгар угалларыгар көрдөһөн, туруорсар былааннаах.

Поделиться