719

13 декабря 2019 в 11:30

Ньурбаҕа музей тутулларын туруорсаллар

 

Кэлиҥҥи сылларга Ньурбаттан төрүттээх уһулуччулаах судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай политическай деятеллэр, ол курдук Степан Васильев, Михаил Мегежекскэй үбүлүөйдээх дааталарын бэлиэтээтибит. Оттон бу күннэргэ Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттэһээччилэртэн биирдэстэрэ, эмиэ Ньурба улууһуттан төрүттээх Александр Габышев төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтээтилэр.

Улуу киһи үбүлүөйдээх даататын бэлиэтээһин чэрчитинэн Ил Түмэн вице-спикерэ Антонина Григорьева салайыытынан “Саха сирин судаарыстыбаннаһа олохтонуутугар Ньурба улууһуттан төрүттээх политическай деятеллэр оруоллара” диэн “төгүрүк остуол” буолла.

Тэрээһини “Эр дохсун” Ньурба улууһун эр дьонун ансаамбылын ырыатынан үөрүүлээхтик астылар. Ол кэннэ Антонина Григорьева: “Көлүөнэ өйүгэр үтүө ааттара иҥэн хаалбыт улуу дьоннорбут норуот олоҕун суолун сырдата туруохтара”, — диэн кэпсэтиини саҕалаата.

Төгүрүк остуолга норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, Ньурба улууһун баһылыга, уопсастыбаннаһа, Александр Габышев аймахтара кытыннылар. Салгыы Антонина Григорьева Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Васильев, бырааттыы Донскойдар, Михаил Мегежекскэй, Семен Сюльскай, Александр Габышев, Дора Жиркова, Александра Овчинникова курдук улуу дьоннорбутунан киэн туттарбытын этэн туран, кинилэр сайдыыны түстээбит саҕахтарын билиҥҥи көлүөнэ салгыырга кыһалларын туһунан эттэ.

Онтон бу кэпсэтиигэ Александр Габышев олоҕун суолун үгүстүк санаан аастылар. Итиннэ кыттааччылар кинини оччотооҕуга буолар алдьархайдаах көстүү – репрессия тумнубатаҕын туһунан эттилэр. Кини сырдык тыына ГУЛАГ лааҕырыгар быстыбыт.

Александр Габышев олоҕун, үлэтин туһунан Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев иһитиннэрдэ. 1934 сыллаахха Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи XIII сийиэстэрин чилиэнинэн, оттон ахсыс ыҥырыылаах Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин сессиятыгар Саха сирин КСК бэрэссэдээтэлинэн талбыттар. Кини салайааччы быһыытынан үрдүк бэлэмнээх эбит. Саха сиригэр хайаны байытар бырамыысыланнаска, норуот хаһаайыстыбатын атын салаата сайдарыгар улахан кылааттаах. Кини үлэлиирин саҕана тыа хаһаайыстыбатын кэлэктииптээһин ыытыллыбыт. 1913 сылы кытта тэҥнээтэххэ 1937 сыллаахха индустриальнай оҥорон таһаарыы 15 төгүл улааппыт.

Бу тэрээһиҥҥэ Антонина Григорьева Александр Габышев аймахтарын СӨ доруобуйа харыстабылыгар үтүөлээх үлэһитин Саргылана Скобелеваны, РСФСР үтүөлээх учууталын  Аэлита Кычкинаны кэргэнин Леонид Николаевиһы кытта, Саха сирин норуодунай артыыскатын  Изабелла Николаеваны, уолун  Артур Габышевы кэргэнин Мария Ивановнаны кытары, Алексей Скобелевы, Максим Габышевы, Мария Прокопьеваны, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин Игорь ЧикачевуРимма Евсееваны, СӨ үтүөлээх бырааһын Олимпиада Васильеваны уонна да атыттары билиһиннэрдэ.

“Төгүрүк остуолга” Александр Габышев үтүө олоҕун туһунан Ил Түмэн үөрэххэ, наукаҕа, култуураҕа, көрдөрөр-иһитин­нэрэр средстволарга  уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, Саха сирин Духуобунаһын академиятын бочуоттаах академига Егор Шишигин үрдүк трибунаттан санаан аастылар. Маны таһынан Ньурба уопсастыбаннаһа Ньурбаттан төрүттээх Саха сирин судаарыстыбаннаһын олохтоспут чулуу дьоммутугар аналлаах музей тутулларын туруорсар. Октябрьскай нэһилиэгин оскуолатын үөрэнээччитэ Исай Лебедев музей макетын оҥорбутун көрдөрдө.

“Төгүрүк остуол” түмүк докумуонугар бу музей тутуутун туруорсар туһунан киллэрдилэр. Ол курдук, Ньурба улууһуттан төрүттээх чулуу дьоммут Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларыгар киллэрбит улахан кылааттарын учуоттаан, САССР 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө музей дьиэтин тутарга эттилэр.

Сардаана КУЗЬМИНА

Поделиться