218

11 декабря 2018 в 11:52

Олоҥхо төрөөбүт-үөскээбит эйгэтэ — ыал

Аам-даам тымныыбыт мутугу тоһутар уораан салгына биллэн эрэр кэмигэр, сэтинньи ый бүтэһигэр биир саха ыалыгар истиҥ дьоро киэһэ үүннэ.

Өбүгэлэрбит сүүһүнэн сыл­лары уҥуордаан кэлбит үгэс­тэрин санаан, Дьокуускай куорат биир саха ыалыгар оллоонноон олорон олоҥхо иһиттибит. Маныаха өбүгэлэрбит үгэстэрин сүмэһинин харыстаан илдьэ сылдьарбытыгар бары өттүнэн көмө, тирэх буолар энтузиаст дьон баарын бэлиэтиэм этэ. Олортон биирдэстэринэн “Арчы дьиэтэ” духуобунас киинин уус-уран салайааччыта, алгысчыт, СӨ култууратын туйгуна Борис Михайлов – Айылҕан буолар. Кини “Дьиэҕэ олоҥхолооһун” бырайыагынан 2010 сыллаахтан Дьокуускай куорат араас муннугар олорор саха ыалларын дьиэлэригэр өрөспүүбүлүкэбит биллэр олоҥхоһуттарын иһитиннэрдэ.

Бүгүн олоҥхо дьоро киэһэтэ суруйааччы Галина Нельбисова уонна Борис Михайлов – Айылҕан дьиэ кэргэнигэр ыытылынна. Уус-Алдантан төрүттээх олоҥхоһут, хас да кинигэ ааптара, ССРС спордун маастара, хайыһардьыт Семен Ильич Черноградскай “Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө” олоҥхону иһитиннэрдэ. “Дьиэҕэ олоҥхолооһун” бырайыак ааптара Борис Михайлов – Айылҕан дьоро киэһэ маанылаах ыалдьыта – олоҥхолуу кэлбит Семен Ильич туһунан бу курдук билиһиннэрдэ: “Семен Ильич олоҥхону омуктуу, ол иһигэр английскайдыы тылбаастаан таһаарбыт киһи.  Рабина Харис диэн Америка учуонайа, улахан уопсастыбанньыга монографиятыгар Семен Ильич олоҥхотун оҕолор умсугуйан истэ олорор хаартыскаларын киллэрбитэ, саха олоҥхотун туһунан элбэҕи кэпсээбит этэ. Ол кинигэҕэ миигиттэн ылбыт интервьюта эмиэ хас да тылынан бэчээттэммитэ. Семен Ильич бэйэтин улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Итиэннэ Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах гражданина”.

Ол курдук, сахалыы итии үүттээх чэйдээх, кымыстаах, эмис эттээх, алаадьылаах, өлгөм астаах остуол тула олорон, сонуну-нуомаһы кэпсэтэ түһэн баран, Семен Черноградскай биир дойдулааҕын Дмитрий Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй “Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө” олоҥхотуттан быһа тардан олоҥхолоото. Кылгас кэмҥэ көмүлүөк симик уотунан сырдатыллыбыт балаҕаҥҥа олорон,   үөһэ дойду бухатыыра Мүлдьү Бөҕө мүлчүргэннээх сырыыларын туһунан истэ олорор курдук сананныбыт.

Бу курдук, кырыа кыһын тоһуттар тымныыта түһүөн аҕай иннинэ  биир саха ыалын киэһэтин олоҥхо дьикти кэрэ эйгэтэ киэргэттэ.

Бэлиэтиир буоллахха, бырайыак чэрчитинэн сэттис саха ыалыгар олоҥхо дьоро киэһэтэ ыытылынна. Бырайыак ааптара Борис Михайлов этэринэн, тохсус ыал дьиэтигэр олоҥхо киэһэтэ ыытыллыбытын кэннэ, “Ыалга олоҥхолооһун” диэн кинигэни бэлэмнээн таһаарар былааннаах. “Бу иннинэ Арчы дьиэтигэр “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” диэн тэрээһини оҥорон уонча олоҥхоһуту олоҥхолоппутум. Ол салгыытын курдук “Ыалга олоҥхолооһун” кинигэ быһыытынан дьоһуннаах үлэ буолан тахсыахтаах. Бу бырайыакпытын чурапчылар, уус алданнар, таатталар, бүлүүлэр, намнар ыланнар, бачыым курдук бэйэлэрэ ыалга олоҥхолооһуну ыыта олороллор. Онон бу биһиги бырайыакпыт итинник ситимнэнэн, олоҥхо бэйэтин төрөөбүт-үөскээбит эйгэтигэр киириэҕэр эрэнэбит”, — диэн санаанан бу дьоро киэһээни түмүктээтэ.

 

Поделиться