491

24 ноября 2017 в 12:32

Ыра санаа туолар үгэстээх (оҕоттон дьоллонуу үөрүүтэ)

«Герой-ийэ» бэлиэни уонна 1 мө­лү­йүөн харчыны  Саха сирин 14 ийэтэ ылыаҕа

Саха сиригэр Ийэ күнүн алтынньыга бэлиэтээбиппит. Бу бырааһынньык 1993 сыллаахха Арассыыйа регионнарыгар биир бастакынан олохтоммута. Оттон Арассыыйа Ийэлэрин күнэ сэтинньи бүтэһик өрөбүлүгэр, ол эбэтэр 26 чыыһылаҕа түбэһэр.

Герой-ийэҕэ — мөлүйүөн солкуобай

Элбэх оҕолоох ийэлэргэ ытыктабылы биллэрэн, өрөс­пүүбүлүкэ баһылыгын ыйаа­ҕар олоҕуран быйыл “Герой-ийэ” диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэлиэтэ олохтонно. 10 уонна онтон элбэх оҕолонуу иһин төрөппүт уонна ииппит ийэҕэ 1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах бэлиэ бэриллэр. Маны сэргэ сэттэ, аҕыс, тоҕус оҕолоох ийэлэргэ туһааннааҕынан 50 тыһ. солк., 75 тыһ. солк., 100 тыһ. солк. харчынан наҕараадалаах I, II, III истиэпэннээх “Ийэ килбиэн аата” бэлиэ олохтонно. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс­тыбаннай наҕараадаларын туһунан» 2017 с. сэтинньи 16 күнүнээҕи Ыйаа­ҕы­нан «Герой-ийэ» бэлиэни уонна 1 мөлүйүөн харчыны Саха сирин 14 ийэтэ ылыаҕа


Арассыыйа субъектарын кыт­та тэҥниир буоллахха, Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэр­гэн ханнааҕар да үгүс – 21 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар, онно 72 тыһ. оҕо ийэ-аҕа ис­тиҥ сыһыанын билэ сылдьар.
Кутуйах хаамыытынан да буоллар, сылын ахсын оҕо тө­рөөһүнэ элбиир. Быйыл балаҕан ыйыгар онус тыһыынча оҕо күн сирин көрбүтэ бэлиэтэммит.
Саха сиригэр ийэ буолуу­ну уонна оҕо аймаҕы өйүүр дьаһаллар оҥоһуллаллар. Бас­такынан — элбэх оҕолоох ыалларга. 2011 сылтан саҕалаан бу күҥҥэ диэри үһүс уонна онтон элбэх оҕолоох 21 тыһ. ыал өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаалын ылбыттар. Бүддьүөттэн уопсайа 1 млрд. 864 мөл. солк. көрүллүбүт.

_____________________________________________

Арассыыйа субъектарын кыт­та тэҥниир буоллахха, Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэр­гэн ханнааҕар да үгүс — 21 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар, онно 72 тыһ. оҕо ийэ-аҕа ис­тиҥ сыһыанын билэ сылдьар.

_____________________________________________

Биэс уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолордоох ыалга дьиэ тутталларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар ортотунан 2 мөл. солк. кээмэйдээх социальнай төлөбүр көрүллэр. 2012 сылтан 205 дьиэ кэргэн бу төлөбүрүнэн туһаммыт. Иитэ ылбыт 10-тан тахса оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ микроавтобус массыына бэриллэрин туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын ыйаа­ҕа 2012 сыллаахха олоххо киирбитэ. Бу көмөнөн иитэ ылбыт оҕолоох 25 ыал туһаммыт.
Төһө да экономическай кириисис ыктар, олоҕу тускулуур дьиэ кэргэн институтун Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата өйүүргэ дьулуһар. 2017 сылтан элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр өссө биир социальнай дьаһал олоххо киирдэ – 10 уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох ыалга дьиэ тутталларыгар 2,5 мөл. солк. суумалаах социальнай төлөбүр көрүллэр.
Ити курдук өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ сылын ахсын 7 млрд. солк. кө­рүллэр.

Варламовтарга дьоро күн тосхойдо!

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр Ил Дархан Егор Борисов 14 ийэҕэ “Герой-ийэ” бэлиэни туттарыаҕа. Бу ийэлэр быыстарыгар Уус-Алдан Бороҕонугар олорор Вера Семеновна Варламова баар. Вера Семеновна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр буолбут үтүө түгэн туһунан хаһыат редакциятын кытары үөрэ-көтө үллэһиннэ.
Варламовтар туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, 10 оҕону күн сирин көрдөрбүт, Бороҕон бөһүөлэгэр биир ытыктанар ыалынан буолаллар.


Вера Семеновна кэргэни­нээн Петр Петровичтыын 1989 сыллаахха ыал буолбуттар. Кинилэр тапталларын сөп түбэ­сиһэр санаалара күүһүрдэрэ — эдэр дьон улахан дьиэ кэргэни баҕараллара. Дьиэлэрин иһигэр оҕо дьоллоох күлүүтэ эйээрэригэр, сылаас ас сыта угуйа турарыгар, үөрүү-көтүү аргыстаах күннэри баҕараллара. Эдэр дьон төбөлөрүгэр оҥорон көрөр баҕалара олоххо киирэн, кинилэр билигин 10 оҕо амарах төрөппүттэрэ, 2 кырачаан эбээтинэн уонна эһээтинэн буолаллар. Вера Семеновна улуустааҕы үөрэх управлениетыгар техническэй үлэһит, аҕалара Петр Петрович Бороҕон 2№-дээх оскуолатыгар суоппардыыр.
Вера Семеновна киэн туттуу­тун — оҕолорун туһунан кэпсииригэр харахтыын сырдыыр.

 

_____________________________________________

Элбэх оҕолоох ыалга өрөспүүбүлүкэ социальнай өйөбүлэ
● Герой-ийэҕэ — 1 мөл. солк.;
● Үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга — “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаала;
● Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга — дьиэ тутталларыгар 2 мөл. солк.;
● Уон уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга — дьиэ тутталларыгар 2,5 мөл. солк.;
● Элбэх оҕону иитэ ылбыт ыалга — микроавтобус.

_____________________________________________

— Алта кыыс, түөрт уол оҕо­­лордоохпун. Улахаммыт Петябыт 1990 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Билигин ыал, улуус такситын сулууспатыгар үлэлиир. Иккис уолбут Павел эмиэ убайын батыһан бу сулууспаҕа үлэлии сылдьар. Кыргыттартан улахаммыт Агаша Нам Граф Биэрэгэр бэтэринээринэн үлэлиир, зоотехник үрдүк үөрэҕин бүтэрбитэ. Онно ыал буолан олорор, уол оҕолоох. Катя ХИФУ-ты бүтэрэн идэтинэн гаас салаатыгар үлэлии сылдьар. Эмиэ ыал ийэтэ. Катя кэнниттэн кэлэр оҕобут Степа Граф Биэрэгэр повар-кондитер идэтигэр үөрэнэ сылдьар. Сото­рутааҕыта ыал буолбута. Улахаттарбыт сүһүөхтэригэр туран олохторун оҥостоллор, төһө кыалларынан биһиги көмө­лөһө сатыыбыт, сороҕор бэйэлэрэ да биһиэхэ көмөлөһөр түгэн­нээхтэр, — диэн ийэ күлэр.
Бороҕоҥҥо ийэлээх аҕа­ла­рын кытары Аня, Тома, Люба, Эрхаан, Күннэй бааллар. Кинилэр Бороҕон 2№-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ.


Ханнык баҕарар төрөппүт оҕолорун ситиһиилэринэн киэн туттар. Ол гынан баран, сахалар ону олус ыһа-тоҕо кэпсээбэт үгэстээхтэр. Дьиҥэ, Варламовтар оҕолоро үгүс ситиһиилэринэн баай­дар. Холобур, Степа улуу­һугар биллэр сүүрүүк. Степа мас тар­дыһыыга ситиһиилээх. Катялаах Агаша, Бороҕоҥҥо кыргыттарга аналлаах тустуу секцията аһыллыбытыгар, үөрүүнү кытта сылдьар буолбуттар. Аҕалара эдэр сылдьан тустуунан утумнаах­тык дьарыктанар эбит. “Ону баттахтара”, — диэн ийэлэрэ күлэр. Кыралар Күннэйдээх Эрхаан эдьиийдээх убайдарын батыһан, эмиэ таах олорботтор. Үөрэхтэрин кэннэ дуобат уонна саахымат куруһуогар сүүрэллэр.
Мин ийэттэн оҕону иитиигэ сыһыанын ыйытабын.
— Ханнык баҕарар дьиэ кэргэн туспа эйгэлээх. Ол эйгэ сылаас, сымнаҕас буолуохтаах. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ оҕо үтүөҕэ түргэнник үөрэнэр. Ол курдук, оҕолорбутун кыраларыттан үлэҕэ уһуйабыт. Уолаттар аҕаларын кытта булка сылдьааччылар, муҥхалыыллар. Аҕабыт суоппар идэлээх буолан, мэлдьи массыына хасыһар. Ону көрө улаатан, уолаттарым техникаҕа сыһыаннаахтар. Оҕолор кыраларыттан мууска, окко, саһааҥҥа бииргэ сылдьарга үөрүйэхтэр. Улаатаннар биһиэхэ көмөлөрө баһаам. Кыргыттар дьиэ үлэтин тулуппаттар. Мин киэһэ кэлэрбэр астарын бэлэмнээн тоһуйаллар. Биһиги килиэп атыыласпаппыт, бэйэбит буһарабыт. Эрхаан маһын кыстыыр. Ол курдук, күннээҕи үлэлэрин үмүрүтэллэр. Оттон бырааһынньыктары ханнык да балаһыанньаҕа бэлиэтээччибит. Урут оҕолор төрөөбүт күннэрин ылаары бэрэски атыылаан харчылаһарым. Бары үөрэ-көтө күө-дьаа буолан бэлиэтээччибит.
Ил Дархан ыйааҕынан “Герой-ийэ” бэлиэнэн наҕараадаламмыт ийэлэргэ биир мөлүйүөн солкуобайы биэрэллэрин туһунан сонуну хайдах ылыммыттарын Вера Семеновна олус үөрэн олорон кэпсиир.
— 90-с сылларга элбэх оҕо­лоох ыалларга көмө олох суох буолааччы. Бу кэлиҥҥи сылларга судаарыстыба болҕомтотун билэн эрэбит. Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга оҥоһуллар көмөнөн дьиэ ылбыппыт, 2013 сыллаахха массыына биэрбиттэрэ. 2009 сыллаахха со­циальнай хантараагынан көмө оҥорбуттарынан, такси сулууспатын үлэлэппиппит. Онтон дьэ, бу мөлүйүөн солкуобай биэрэллэрин иһиттибит. Бары үөрүү-көтүү буоллубут. Биллэн турар, онно-манна туттан кэбиһэргэ баҕа баһаам. Ол эрээри судаарыс­тыба оҥорбут бэлэҕин өйдөбүл буолан хааларын курдук туһана сатыахпыт. Куоракка дьиэ ылар ыра санаалаах этибит. Онтубутун олоххо киллэрбит киһи диэн саныыбыт. Ыра санаа туолар үгэстээх эбит, — диэн дьоллоох ийэ сырдыгынан сыдьаайан кэпсээнин түмүктээтэ.

Поделиться