674
20 декабря 2019 в 12:49
Тарат сэлиэнньэтигэр гаас кэллэ
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тарат сэлиэнньэтигэр 2019 сыл ахсынньы 14 к. историяҕа киирэр суолталаах түгэн буолла – нэһилиэнньэлээх пууҥҥа гаас кэллэ. Араҥас нэһилиэгин олохтоохторо манан сибээстээн бырааһынньык тэрийдилэр, ол үгэс курдук сахалыы алгыһынан арылынна.
Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтатын баһылыга Николай Старостин, Араҥас нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Никитин, тэрилтэлэр салайааччылара, олохтоохтор кытыннылар.
Александр Жирков эҕэрдэ тылыгар магистральнай гаас турбата Өлүөнэ өрүс уҥа биэрэгэр, чуолаан, Мэҥэ Хаҥалас сиригэр бастаан тахсыбытын бэлиэтээтэ. «Онон эрдэттэн былааннаммытынан, чуолаан эһиги улуускут нэһилиэнньэлээх пууннара бастакы уочарат гаастаныахтаахтара. Ол кэнниттэн турба икки хайысханан барыах тустааҕа: биир утаҕа — Чурапчы диэки, иккиһэ – Бороҕон диэки. Хомойуох иһин, үбүлээһин тиийбэтиттэн, биир хайысханы бастакы суолталааҕынан ааҕарга күһэллибиттэрэ», – диэн санатта парламентарий.
Кини магистральнай гаас турбатын улуус кииннэригэр тута тардар эбэтэр аара баар нэһилиэнньэлээх пууннары гаастыыр туһунан боппуруос мөккүөрү тардыбытын кэпсээтэ. Бастакы барыйааны тутуһааччылар бааллара: сүрүн күүс магистральнай гаас турбатыгар ууруллуохтаах, оттон бөһүөлэктэр истэринээҕи гаас ситимнэригэр кэлин ылсыахха диэн. «Биһиги итини утарбыппыт, уочараттаах нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиийэн, бастаан кинини гааһынан хааччыйыллыахтаах, ол кэннэ салгыы барыллыахтаах диэн аахпыппыт. Эһиги, Мэҥэ дьоно, биһигини манна өйөөбүккүт. Ити сөптөөх. Онтон атын маннык буолуо этэ: дьиэҕититтэн уонунан миэтэрэ сиргэ гаас турбата ааһар, оттон эһиги оһоҕу маһынан оттоҕут», – диэтэ Александр Жирков.
Кини салгыы Төҥүлү курдук бөдөҥ сэлиэнньэни ааһа бара сыспыттарын, итиннэ гаастааһын боппуруоһа уустук буолбутун – хас да бэдэрээтчит уларыйбытын кэпсээтэ. Ол үрдүнэн бүгүн сэлиэнньэ гаастанна. «Эһиги улуускут дьаныардаахтык туруорсубутун, ол иһигэр эһиги нэһилиэккит баһылыгынан үлэлээбит Вера Птицынаны, ураты тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кинилэр дьаныардаах, дьирээлээх үлэлэрин түмүгэр бүгүн Таракка “күөх төлөн” кэллэ», – диэн бэлиэтээтэ норуот дьокутаата.
Илин эҥэри гаастааһын туһунан быһаарыыны ылыныы историятыгар тохтоон, кини бэйэтин коллегаларын – дьокутааттар Роберт Бурнашову (Мэҥэ Хаҥалас улууһа) уонна Василий Пахомовы (Амма улууһа) кытта ити боппуруоһу аан бастаан көтөхпүттэрин өйдөөн ылла. «Биһиги үһүөн бөлөх тэриммиппит уонна илин эҥэр улуустары гаастааһын кэскиллэрин туһунан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна парламенын холбоһуктаах мунньаҕын тэрийбиппит. Онно гаас магистралын Илин эҥэргэ таһаарар наадалааҕын туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Ити этии оччолорго өрөспүүбүлүкэ президенэ Михаил Николаевка киллэриллибитэ, кини үлэтин былааныгар киирбитэ. Ол эрээри Өлүөнэ уҥуоргу биэрэгэр турба Вячеслав Штыров кэмигэр туораабыта, оччолорго Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгынан Владимир Птицын буолара», – диэн Судаарыстыбаннай Мунньах бастакы вице-спикерэ кэпсээтэ.
Кини этэринэн, гаастааһын барбытын түмүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэнньэтин 70% киин ититиинэн хааччыллыаҕа. «Бүгүн эһиги улуускут салалтата баһылык Николай Старостинынан сирэйдээн бу хайысхаҕа улахан үлэни ыытар. Бу үлэ тыа сиригэр бөдөҥ объектары тутууну кытта быһаччы сибээстээх. Билигин Майа сэлиэнньэтигэр театр дьиэтэ тутуллар, Аллараа Бэстээххэ – элбэх функциялаах спорт комплекса. Сотору Хара сэлиэнньэтигэр 50 миэстэлээх интэринээттээх, 220 миэстэлээх оскуола үлэҕэ киллэриллиэҕэ. Оскуола өр сылларга Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбит эһиги биллиилээх биир дойдулааххыт Иннокентий Игнатьев аатын сүгэр. Хас да объект Төҥүлүгэ киллэриллиэҕэ. Ыалларгытыгар, Дойду сэлиэнньэтигэр, оскуола тутуута түмүктэнэн эрэр. Көрөргүт курдук, улууска тутуу олус тэтимнээхтик барар, гаас киирдэҕинэ ити үлэ салҕанар эрэ буолбатах, сайдыаҕа, кэҥиэҕэ», – диэн бэлиэтээтэ Жирков.
Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Тарат олохтоохторо аччыгый Ийэ дойдуларыттан көспөттөрүгэр баҕарда: «Эһиги маннык кэрэ, баай историялаах сиргэ олороҕут. Билигин манна гаас кэллэ, олох чэпчиэҕэ, тупсаҕай буолуоҕа. Бэйэҕит сиргитин таптааҥ, сайыннарыҥ, онуоха анаан бары усулуобуйалар үөскээтилэр».
Араҥас нэһилиэгэр 365 киһи олорор, ол иһигэр 104 оҕо. Сэлиэнньэҕэ фельдшер пууна, оскуола, оҕо саада, элбэх функциялаах култуура киинэ бааллар. Дьиэтин ахсаана – 141.
Гаастааһын сметанан уопсай сыаната 52 мөл. солк. тахса суумалаах. Тутуу үс түһүмэҕинэн ыытыллыбыт. Бастакы уонна иккис түһүмэхтэргэ бөһүөлэк иһинээҕи гаас ситимнэрэ тутуллубуттар, 29 чааһынай дьиэ, Р.И.Цыпандин аатынан култуура комплексын дьиэтэ холбоммуттар уонна чааһынай дьиэлэргэ киллэриигэ анаан гаас турбата 92 миэстэҕэ тиэрдиллибит. Инникитин Совхознай, Лесной, Нагорнай уулуссалар уонна “Ровесник” ыччат кыбаартала гаастаналлара былааннанар.
Гаас ситимин тутуу үһүс, түмүктүүр түһүмэҕин толорууга 11 мөл. солк. кэриҥэ үбүлээһин ирдэнэр. Саха сирин бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2020 сылга бүддьүөтү көннөрүүгэ үбүлээһин көрүллүөхтээх.
Өрөспүүбүлүкэҕэ гаастааһын туруга
Санаттахха, нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын хаамыыта уонна гаас хаһаайыстыбата эрэллээх буолуутун хааччыйыы Ил Түмэҥҥэ алтынньы 22 күнүгэр буолбут бырабыыталыстыба чааһыгар дьүүллэһиллибитэ. Тэрээһини парламент тутууга, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа сис кэмитиэтэ ыыппыта.
Саха сирэ бэйэтин сиригэр-уотугар нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһыны ыытар РФ аҕыйах субъектарыттан биирдэстэрэ буолар. 2002-2018 сылларга нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын бырагырааматын чэрчитинэн региоҥҥа 2 863,5 км гаас ситимнэрэ тутуллубуттара. Ол иһигэр 39 004 олорор дьиэ, тыа хаһаайыстыбатын 87 объега гаастаммыт, 167 хочуолунай гаас оттукка көспүт.
Айылҕа гааһа 10 улууска 100 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа (Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Мииринэй, Ленскэй оройуоннарыгар) уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэри киллэрэн туран Дьокуускайга бэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэлээх пууннары айылҕа гааһынан хааччыйыы таһыма 32,53%, ол иһигэр тыа сиригэр – 21,54%.
2018-2022 сылларга Саха сиригэр 10 нэһилиэнньэлээх пуун гаастанара былааннанар: Чурапчыга 4 сэлиэнньэ, Мэҥэ Хаҥаласка 2 сэлиэнньэ, Ленскэйгэ – 2, Горнай улууһугар – 1, Өлүөхүмэ куоратыгар.
Гаас ситимнэрин тутууга (290,2 км), саҥардыыга, уларытан оҥорууга уонна тутууга (272 км), гаастааһыҥҥа (5 705 олорор дьиэ) барыта 1,137 млрд солк. кээмэйинэн үп көрүллүбүт.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалынан