698

03 февраля 2020 в 14:22

Дойдуга бэриниилээх буолуу сылы саҕалыыр өрөгөйдөөх тэрээһин

 

Тохсунньу 27 күнүгэр Арас­сыыйаҕа биллэриллибит Өйдөбүнньүк уонна албан аат сылын уонна Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Дойдуга бэриниилээх буолуу сылын саҕалыыр өрөгөйдөөх тэрээһин А.С.Пушкин аатынан нуучча академическай тыйаатырыгар буолла.



Чопчу бу күнү Улуу Кыайыы үбүлүө­йүгэр туһуламмыт сыллары саҕалааһыҥҥа анаабыттара суолталаах. 1944 сыл тохсунньу 27 күнэ 900-чэ күн барбыт, 600 тыһ. тахса киһи олоҕун былдьаабыт Ленинград блокадаттан босхоломмут күнүнэн буолар, бу күн ону туоһулаан  урусхалламмыт, ол эрээри өлөн-охтон биэрбэтэх куорат үрдүнэн бырааһынньык салюта халлааны сандаардыбыт.

Өрөгөйдөөх тэрээһини Аҕа дойду улуу сэриитин ветерана, Аҕа дойду сэриитин II степеннээх уордьанын кавалера, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо Петр Яковлев уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина арыйдылар, Умнуллубат албан аат уонна Дойдуга бэриниилээх буолуу сыллара саҕаламмыттарын биллэрдилэр.

Петр Яковлев этиитигэр Ленинград блокадата аҕалбыт алдьархайын санатта, кини доҕотторо Попов Исай Василевьевич, Авелов Михаил Николаевич бэйэлэрин баҕаларынан Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр киирэн, Ленинграды көмүскээбиттэрин, босхолоспуттарын кэпсээтэ. “1940 сыллаахха Саха сириттэн 32 эдэр дьон Ленинградка Островскай аатынан театральнай институтка үөрэнэ барбыта. 1941 сыллаахха онтон биэстэрэ саа-саадах тутан сэриилэһэ барбыттара. Бу талааннаах ыччаттан 15 киһи эрэ дойдутугар төннүбүтэ, сорохторо сэрии хонуутугар, сорохторо Ленинградка аччыктаан өлбүттэрэ”, — диэн харах уулаах ахтыытын оҥордо.

“Биһиги билиҥҥи көлүөнэ ыччатынан киэн туттабыт, көрөбүт кинилэр дойдуларын, алаастарын таптыылларын, хаһан баҕарар дойдуларын көмүскэлигэр турунуохтара диэн эрэнэбин”, — диэтэ.

Ольга Балабкина Улуу Кыа­йыы 75 сылыгар анаммыт дойду уонна өрөспүүбүлүкэ сылларыгар саҕаланыы бэриллибитинэн эҕэрдэлээтэ уонна сэрии хонуутугар охтубут геройдар сырдык кэриэстэрин харыстаан илдьэ сылдьыахтаахпытын, ветераннарга махталбыт муҥура суох буолуохтааҕын эттэ, кинилэргэ махтанна.

Ол кэннэ Аҕа дойду сэриитин ветерана, култуура үтүөлээх үлэһитэ Петр Конкины сыанаҕа ыҥырдылар. Кини Дьокуускай куорат буойуннар албан ааттарын музейыгар Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 85 сылыгар аһыллыахтаах, кэлэр көлүөнэҕэ үтүө алгыстаах “Өйдөбүнньүк капсулатын” туттарда. Капсуланы музейга тиксэрэр чиэскэ ХИФУ историческай факультетын устудьуона,  «Саха сирин кыайыы волонтердарын» салайааччыта Алгыс Петров тигистэ.  Ветеран Петр Кириллович эдэр киһиэхэ капсуланы тутараары туран эттэ: “Биһиги кэнчээри көлүөнэбит! Бу үтүө күн биһиги, сэрии ветераннара, аҕа көлүөнэ эһиэхэ эҕэрдэ тылларын уонна туох баар үчүгэй баҕа санааларбытын ыытабыт. Эһиги Улуу Кыайыы 85 сылын көрсүөххүт! Бу күнү биһиги олус ыараханнык ситиспиппитин, сэрии хас дьиэ кэргэҥҥэ харах уутун аҕалбытын санаарыҥ. Дойдугут туһугар кыһаллаарыҥ, эйэлээх халлаан анныгар олорор туһугар кыһаллыҥ. Албан аат буоллун биһиги аармыйабытыгар, көмүскээччилэргэ!”. Эдэр ыччат аатыттан Алгыс Петров ветераннарга махтанна: “Ытыктабыллаах ветераннар! Биһиги, эдэр көлүөнэ эйэлээх сиргэ аас-туор олоҕу билбэккэ олорорбут иһин эһиэхэ махтанабыт. Биһиги, «кыайыы волонтердара», сэрии өйдөбүлүн харыстааһыҥҥа үлэлиибит, атын ыччаты биһиги кэккэбитигэр киирэргэ ыҥырабыт!”

Өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ сэрии ыар сылларыгар буолбут хаан-хааҥҥа, тыын-тыыҥҥа охсуһуулар тустарынан архыып матырыйаалларын туһанан кэпсээтилэр. Ленинград блокадата, Москва иһин охсуһуу, Сталинград кыргыһыыта, “Курскай дуга” уонна да атыттар… Бу история кэрчиктэрин билиһиннэриини Саха сирин норуодунай артыыһа Александр Самсонов, “Туймаада” ырыа ансаамбыла, Пушкин аатынан судаарыстыбаннай академическай тыйаатыр артыыстара, Владислава Мичурина-Кыталы Куо сэрии ырыаларын ыллаан ситэрэн биэрдилэр.

Арассыыйаҕа биллэриллибит  Өйдө­бүнньүк уонна албан аат сылын уонна Өрөспүү­бүлүкэҕэ биллэриллибит Дойдуга бэриниилээх буолуу сылын саҕалыыр өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн депутаттара Виктор Губарев, Антонина Григорьева, Алена Атласова, Андрей Николаев кытыннылар.


Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Виктор Губарев:
— Биһиги бүгүн улахан эппиэтинэстээхтик үбүлүөйдээх даатаҕа бэлэмнэнэбит. Бу биһиги ытык иэспит. Сэрии хонуутугар саа тутан сэриилэспит биһиэхэ эйэлээх олоҕу оҥорбут ветераннарбытыгар, тыылга биһиги дьолбут туһугар хара көлөһүннэрин тоҕон туран үлэлээбит дьоҥҥо махталбыт, болҕомтобут кыччыа суохтаах. Маныаха кэлэр көлүөнэни дойдутугар бэриниилээх буоларга иитии улахан оруолланыа. Сэбиэскэй аармыйа бу сэриини кыайбыта саарбахтаммат. Ол туһунан оннооҕор немецтэр мемуардарыгар сэриини сэбиэскэй саллаат кыайбыта диэн суруйаллар. Сэбиэскэй дойду амбразураҕа түөһүнэн түһэр, самолетунан өстөөхтөргө түһэн эстэр күүстээх санаалаах дьону, норуот туһугар олохторун толук уурар эдэр комсомолецтары иитэн таһаарбыта. Сэрии туһунан өйдөбүл кэми кытта өлбөөдүйүө суохтаах, ол иһин сүрүн болҕомто ыччаты иитиигэ буолуохтаах.

Ил Түмэн оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова:
— Сэрии хас биирдии саха ыалын таарыйбыт буолуохтаах. Биһигиттэн эбэм, эһэм өттүлэриттэн сэриигэ олохторун толук уурбут дьонноохпут. Эбэм өттүттэн аймахпыт Матвей Николаевич Мамаев Сталинград таһыгар Кузьминки диэн кыра дэриэбинэ таһыгар сырдык тыына быстыбыт. Эһэм өттүттэн аймахпыт Савва Тарасов эмиэ Сталинград анныгар 145 үрдэли ылыы кыргыһыытыгар охтубут. Биһиги Кыайыы 70 сылыгар аймахтарбыт көмүллэ сытар сирдэригэр бара сылдьыбыппыт. Сэрии ыар күннэрин-дьылларын тустарынан умнубакка, харыстабыллаахтык өйбүтүгэр илдьэ сырыттахпытына эрэ кэлэр көлүөнэ билиэҕэ. Эдэр ыччакка бу өйдөбүлбүтүн тиэрдэр ытык иэспит.

 

Сардаана КУЗЬМИНА

Поделиться