345

09 февраля 2018 в 14:52

Ытык киһибит — барыга бастакы

Техническэй наука доктора, саха норуотуттан Россия Наукаларын Академиятын бастакы академига Владимир Петрович Ларионов сарсын, олунньу 10 күнүгэр төрөөбүтэ 80 сылын туолуоҕа.

Бэлиэ түгэнинэн сибээстээн, ааҕааччыларбар ытык киһибитин үйэтитэр пааматынньык хайдах быһыылаахтык оҥоһуллубутун туһунан сиһилии билиһиннэриэхпин баҕарабын. Ол курдук, манна өрөспүүбүлүкэбитигэр, миэстэтигэр, боруонсаттан кутуллан, аан бастакы пааматынньык Владимир Ларионовка оҥоһуллубута. Көрөргүт курдук, ытык киһибит — барыга бастакы.
Саҥаны саҕа­лааччы аатын сүгэр хаһан баҕарар кэрэхсэбиллээх. Ол гынан баран саҥа сүүрээни киллэрэр хаһан даҕаны чэпчэки буолбат. Бу дьыаланы өйүүр, биир санаалаах дьон баар буоллахтарына эрэ, ити боппуруос оннуттан сыҕарыйан, олоххо киирэр.
Ити туһунан саҥа сүүрээни олоххо киллэрбит скульптор Виктор Федоровы кытта көрсөн, ирэ-хоро кэпсэттим.

 

Өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастакы боруонсаттан пааматынньык академик Владимир Ларионовка кутуллубута

 

Санаа кыайдаҕына эрэ

— Виктор Михайлович, биллэрин курдук, урукку өттүгэр пааматынньыктарбытын соҕуруу куораттарга боруонсаттан кутан оҥороллоро. Эн итинник бөдөҥ үлэни миэстэҕэ кутууну саҕалаабыт киһинэн буолаҕын. Саҥа сүүрээни хай­дах быһыылаахтык олоххо киллэрбиккиний, саас-саа­һынан кэпсээ эрэ.
— Урукку өттүгэр алюминийтан билиитэлэри кутар этибит. Оннук үлэлии-хамсыы сылдьан, боруонсаны кутан көрбүппүт. Син табыллыах курдуга. 2007 сыллаахха академик Владимир Петрович Ларионов пааматынньыгын оҥоро сылдьан, манна, дойдубутугар боруонсаттан кутуохха баара диэн толкуй төбөбөр көтөн түспүтэ. Киһи тугу эмэ оҥороругар, бастаан санаата кыайыахтаах. Санаа кыайбат буоллаҕына, ол үлэ табыллыбат, кыаллыбат.
Боруонсаны кутуу технологиятын хасыһан үөрэттим. Химия уонна физика кинигэлэрин аахтым. Бачча киилэлээх боруонсаны уулларарбар төһө кээмэйдээх камера, оһох наада буоларын ааҕан-суоттаан, схема уруһуйдаан бэлэмнээтим.

 

Кылгастык

Владимир Петрович Ларионов 1938 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Тыыллыма нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. 1956 сыллаахха Майа орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн, 1962 сыллаахха Н.Э. Бауман аатынан Москватааҕы үрдүкү техническэй училищены кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ. 1967 сыллаахха кандидат­скай диссертация­тын көмүс­кээбитэ. 1970 сыллаахха кини кыттыылаах техническэй хайысхалаах научнай-чинчийэр академическай институт — Хоту сир физико-техническэй проблемаларыгар Институт тэриллибитэ. 1983 сыллаахха докторскай диссертациятын көмүскээбитэ.

 

Хоту сир физико-техническэй проблемаларыгар институкка Владимир Петровиһы кытта бииргэ үлэлээбит-алтыспыт дьоно пааматынньык сымнаҕас матырыйаалтан оҥоһуллубутун көрө кэллилэр. Кинилэргэ: «Бу пааматынньыгы Дьокуускайга боруонсаттан куттахпытына хайдах буолуо этэй, эһиги туох дии саныыгыт?» — диэн ыйыттым. Көмө, өйөбүл наадатын бэлиэтээтим.
«Мин бу боппуруоһу Владимир Петровичтан туруорсубутум буоллар, тута өйүөх этэ», — диэн дьоммун олуйдум (күлэр). Дьонум: «Кырдьык, кини өйүө этэ. Боруонсаны уулларарга туох нааданый?» — дэстилэр. «Кэҥэс дьиэ-уот уонна, кылаабынайа, промышленнай электричество наада», — диэтим. «Көмөлөһүөхпүт», — диэн буолла.
Бастаан утаа бииргэ пааматынньыгы оҥорсо сылдьар киһибин, Семен Прокопьевы, киитэрэйдээммин, бэйэм тылбар киллэрдим. Кини, мин живописец буоларым иһин, ити боппуруоска ылсарбар төрдүттэн итэҕэйбэт. Ол курдук, технолог идэлээх Николай Апросимов биһиги мастарыскыайбытыгар киирэн олордоҕуна, толкуйбун эттим. Киһим ол дьыала уустугун, кыаллыбатын туһунан кэпсээн киирэн барда. Кинини араастаан моһуйан, син ээх дэттэрдим. Сэмэни ыҥыран ыламмын: «Пааматынньыгы миэстэтигэр кутарга бу киһи сөбүлэһэр», — диэтим. Сэмэним ити дьыалаҕа миигиннээҕэр ордук Ньукулайы технологын иһин итэҕэйэр. «Кини сөбүлэһэр буоллаҕына, мин эмиэ сөбүлэһэбин», — диэтэ киһим.
Кэлин Сэмэним: «Хайа Апросимовыҥ ханнаный?» — диэн ыксаата. «Үпкүн-харчыгын аах, Москваҕа барыахха», — диэтэ. Оттон мин санаам эрэ «пааматынньыгы Дьокуускайга бэйэбит кутуохтаахпыт» диэн.

 

Саҥаны саҕалааччы аатын сүгэр хаһан баҕарар кэрэхсэбиллээх. Ол гынан баран саҥа сүүрээни киллэрэр хаһан да­ҕаны чэпчэки буолбат. Бу дьыа­ланы өйүүр, биир санаалаах дьон баар буоллахтарына эрэ, ити боппуруос оннуттан сыҕарыйан, олоххо киирэр.

 

Табыллыбатаҕына — иэдээн

— Онтон дьыалаҕын хайдах быһыылаахтык хамсаттыҥ?
— Пааматынньыкта­ры оҥорорго тэрээһин боппуруоһугар мунньахтар бөҕө буолуталаатылар. Оччолорго бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Евгения Исаевна Михайлова пааматынньыгы миэстэтигэр оҥорор баҕалаахпытын хантан эрэ билбит-истибит этэ. Биир мунньахха кини техническэй идэлээх дьону муспут. Кинилэргэ пааматынньыгы кутуу туһунан сиһилии быһааран биэрдим.
Техническэй үөрэхтээх буоллуҥ эрэ, кутуу (литейнэй) боппуруоһун төрдүттэн билбэккин. Хоту сир физико-техническэй проблемаларыгар институт бэрэстэбиитэлэ пааматынньыгы кутууга дьиэ-уот биэрэллэрин, электричествонан хааччыйалларын туһунан кэпсээн киирэн барда. Евгения Исаевна пааматынньыгы кутуу туһунан ыйыппытыгар тугу да хардарбата. Кырдьык, эппиэтинэстээх бөҕө дьыала буоллаҕа дии. Табыллыбатаҕына — иэдээн.

Кэскили санаан

— Виктор Михайлович, пааматынньыгы миэстэтигэр оҥорорго көҥүлү хайдах ылбыккытый?
— Ити кэнниттэн Ил Түмэҥ­ҥэ мунньахха ыҥырдылар. «Тоҕо итиннэ ыҥырдылар?» — диэн соһуйдубут. Норуот депутата Александр Жирковка киллэрдилэр. Александр Николаевич: «Хайа, Виктор Михайлович, манна литейнэй собуот аһаары гынныҥ дуо?» — диэн ыйыта көрүстэ. Мин киниэхэ собуота да суох пааматынньык боруонсаттан кутуллуон сөптөөҕүн туһунан паапкабыттан докумуоннарбын ойутан таһааран, көрдөрө-көрдөрө кэпсээн, быһааран биэрдим. Александр Николаевичка ити боппуруоһунан хаста да киирэ сылдьыбыппыт. Киниэхэ архитекторбыт Виктор Никифоров Санкт-Петербург куоракка пааматынньыгы куттарабыт диэн дуогабардаах киирэ сылдьыбыт. Александр Николаевич иккиэммитин эмиэ ыҥыра сырытта. Ити көрсүһүүгэ мин пааматынньыгы миэстэтигэр оҥорорго, боруонсаттан кутарга аһара баҕалаахпын уонна быһаарыммыппын көрөн, көҥүл биэрдэ. «Түһэн биэримэҥ», — диэн сэрэттэ.
Онон туга да, иннэ-кэннэ биллибэт боппуруоска уопуттаах парламентарий Александр Николаевич кэскили санаан, дириҥник толкуйдаан, эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынан, бу дьыаланы көҥүллээбитэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр искусство ити салаата үүнүүтүгэр-сайдыытыгар өҥөтө, оруола улахан диэн сыаналыыбын.
Кырдьык, сахалар тоҕо бэйэбит пааматынньыгы миэстэтигэр оҥоруо, боруонсаттан кутуо суохтаахпытый?

Саҕалааһын аата саҕалааһын

— Бастаан пааматынньыгы боруонсаттан кутарга төһө уустуктары көрсүбүккүтүй?
— Саҕалааһын, саҕалааһын курдук, кыра уустуктар бааллара. Балтараа ый устата боруонсаны уулларар оһохпут спирала табыллыбакка эрэйдэммиппит. Спираль табыллыбытын кэнниттэн, барыта орун-оннугар түспүтэ.
— Виктор Михайлович, академик Владимир Ларионов пааматынньыгын кэнниттэн миэстэтигэр хас пааматынньык оҥоһулунна, боруонсаттан кутулунна?
— Дьыала саҕаланна эрэ, оннуттан сыҕарыйдаҕа дии. Ытыктыыр киһибит Владимир Ларионов кэнниттэн Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон, сибэтиитэл Иннокентий (Дьокуускайга, Ленскэйгэ), Аммаҕа тустуук Николай Захаров — Сахаачча уонна биллэр общественнай-политическай деятель Василий Васильевич Никифоров — Күлүмнүүр пааматынньыктара Дьокуускайга оҥоһулуннулар.
— Виктор Михайлович, кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Поделиться